Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр Ыччат сылыгар анаммыт элбэх көрүҥнээх спартакиада саҕаланна.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Өймөкөөннөр ыччаты көҕүлүүр бу тэрээһини олус сөбүлээн тэрийэллэр. Бирииһэ да ботуччу. Ол эрээри спартакиада кыттыылаахтарын хайа да сыаналаах бириистээҕэр күүстээх санаа – төрөөбүт нэһилиэктэрин чиэһин көмүскээһин ордук көҕүлүүр. Ол да иһин буолуо, хамаандалар ох курдук оҥостон куоталаһаллар. Спартакиада бастакы көрүҥэ – култуурунай тэрээһин. “Өймөкөөн эдэр сааһа” диэн сырдык ааттаах фольклор, ырыа, үҥкүү-битии, муода, аман өс күөн-күрэһигэр улуус кииниттэн Уус Ньараттан, Томтортон, Сордоҥноохтон, Өймөкөөнтөн уонна Үчүгэйтэн 70 ыччат кэлэн күрэстэстэ.
Ыччаттар улуустааҕы эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттарга үөрүйэх буолан, улуустааҕы Култуура управлениетын исписэлиистэриттэн турар дьүүллүүр сүбэ бэрт өр сүбэлэстэ. Спартакиада чэрчитинэн түөрт чааһы быһа ыытыллыбыт култуурунай марафоҥҥа ким да иннин биэрбэт мөккүөрэ буолла.
— Хамаандалар кытаанахтык киирсиилэрин өйдүөххэ сөп. Ахсынньыга улууска Ыччат сылын түмүктүүр киэһэҕэ спартакиада бары көрүҥнэрин чиэстээхтик ааһан, кыайыыны ситиспит хамаанда 300 тыһ. солк. суумалаах улуус баһылыгын гранын ылар чиэскэ тиксиэҕэ. Бу тыа сирин ыччатын түмсүүтүн холугар сүҥкэн өйөбүл. Култуурунай бэстибээл кэнниттэн, бу күннэргэ Төрүт нэһилиэгэр араатардар “Аман өс” күөн-күрэстэрэ ыытыллыаҕа. Ол кэнниттэн спортивнай күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Ыччаттар, уопсайа, 15 көрүҥҥэ куоталаһыахтара, — диэн санаатын үллэстэр муниципалитет ыччакка отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Станислав Григорьев.
“Өймөкөөн эдэр сааһа” марафоҥҥа дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, “Өймөкөөн – Тымныы полюһа” МТ ыччаттара спартакиада бастакы – култуурунай түһүмэҕин кыайыылаахтарынан буоллулар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru