Саха сиригэр улуус тус бэйэтин баҕатынан уонна кыаҕынан туризмы сайыннарар холобурун Өймөкөөн оройуона көрдөрөр.
edersaas.ru
Ол да иһин, Ил Дархан Айсен Николаев анаан-минээн быйылгы “Өймөкөөн — Тымныы полюһа” кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр кыттыыны ылбыта. Аҕа баһылык киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы аһарыгар тус бэйэлэринэн бары кыахтарын ууран үлэлиир дьону кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттэ, олохтоох предпринимателлэр санааларын истэн, кинилэри кытта сүбэлэстэ.
Ил Дархан көһө сылдьар мунньаҕы аһарыгар анаан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ:
— Өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй көрдөрүүтүгэр туризм эйгэтэ, биллэн турар, бырамыысыланнас салаатын курдук хамсааһыннаах көрдөрүүтэ суох эрээри, дьон дьарыктаах буолуутугар улахан оруоллаах. Ол курдук, туризм хайысхата олус киэҥ: гостиница, экскурсия, пассажирдары тиэйии, аһылыгынан хааччыйыы, сувениры оҥоруу уонна батарыы, сонун туристическай маршруттары кэҥэтии. Онон судаарыстыба дьоҕус бизнеһинэн дьарыктанар дьону кытта, туризм курдук олус наадалаах салааны биир сүбэнэн сайыннарара ордуга чахчы.
Турист Саха сиригэр тугу интэриэһиргээн кэлэрий?
— Бастатан туран, этиэхтэн кэрэ тыытыллыбатах айылҕаны көрөөрү. Иккиһинэн, өбүгэ саҕаттан үйэлэри уҥуордаан үгэс буолан тиийэн кэлбит саха норуотун култууратын интэриэһиргээн. Үсүһүнэн, дьикти ураты минньигэс амтаннаах, ыраас айылҕа биэрэр маанылаах аһын-үөлүн амсайаары. Онон Саха сиригэр туризм сайдыыта тымныыга, култуураҕа уонна айылҕа кэрэ көстүүлэрин, ыраас салгыны, айылҕаттан бэриллэр аһы-үөлү сырдатыыга олоҕуруохтаах, — диэн туран, предпринимательство, атыы-эргиэн уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытын кэнсиэпсийэтин билиһиннэрдэ.
Кэнсиэпсийэҕэ олоҕуран, өрөспүүбүлүкэҕэ туризм хайысхата биэс зонаҕа тирэҕириэ. Саха сирин киин улуустара — Дьокуускай к., арҕаа зона — Мирнэй к., Саха сирин соҕуруу өттө — Нерюнгри к., Арктика — Тиксии бөһ., оттон Илиҥҥи зона — Өймөкөөн улууһа. Өскөтүн, Саха сиригэр 20 тыһыынча турист кэлэр эбит буоллаҕына, 2025 сылга диэри турист кэлиитин 250 тыһ. киһиэхэ тиийэ элбэтэр сорук турар. Сайдыы ордук тымныы, култуура уонна айылҕа кэрэ көстүүтүн хайысхаларынан барыахтаах.
Туризмы сайыннарыыга туһуламмыт тосхол
Мунньахха 2018 сылга Өймөкөөн улууһугар уопсайа 38 дойдуттан 1000 кэриҥэ турист кэлэн барбыта бэлиэтэннэ. Онтон Саха сириттэн – 410 киһи. Туристартан 60% Уус-Ньара “Киһилээ5эр” – “Таас Кыстаабыт” хайаларга анаан кэлэ сылдьыбыттар. Арассыыйа араас эрэгиэйэннэриттэн – 95 турист Өймөкөөҥҥө ыалдьыттаан барбыт. Биллэн турар, күүтүллүбүтүн курдук, саамай элбэх турист (440 киһи!) — араас омук дойдутуттан. Сүрүннээн Японияттан, Германияттан, Францияттан, Австрияттан. Кэлиҥҥи сылларга бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн Кытайтан кэлии элбээбит. Реклама күүһүрэн эбитэ дуу, тымныытынан аатырбыт дойдуну көрөөрү-истээри Вьетнам, Сингапур, Бразилия, Тайвань, Австралия, Новай Зеландия, Индия курдук дойдулартан хото кэлэр буолбуттар. Бу туһунан омук туристарын кытта 2004 сылтан үлэлэһэр предприниматель Тамара Васильева иһитиннэрдэ. Быйыл кини бэйэтин олорор дьиэтигэр омук туристарын түһэрэн көрсүбүтэ 15-с үбүлүөйдээх сыла.
Туристары кытта үлэлии сылдьар предпринимателлэр санааларын истэн баран, Өймөкөөҥҥө туризм сайдыытыгар сыһыаннаах кэккэ тосхол боротокуолга киирдэ:
- Туристическай кластеры тэрийэн, 2021 сылтан олоххо киллэриини саҕалыыр сыалтан 2020 сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар үбүлээһини көрдөрөргө;
- «Наука» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Өймөкөөн улууһун тымныы күннээх-дьыллаах халлааныгар тиэхиньикэни уонна суолталаах тэрили чинчийэр полигону тэрийэргэ;
- Уус-Ньара бөһүөлэгэр кыһыҥҥы спорт көрүҥнэригэр Спортивнай бэлэмнэнии киинин тэрийэр боппуруоһу үөрэтэргэ;
- Өймөкөөн улууһун 100 сылын көрсө муус устарга көмүс хостуур промышленнай тэрилтэлэр салайааччыларын кытта туристическай эбийиэктэри тутууга уонна нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга инвестиционнай бырайыактары оҥорор сүбэ мунньаҕы тэрийии.
Улуус предпринимателлэрин кытта сүбэ мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев: “Туризмы сайыннарыыга биһиги кэскиллээх үлэни ыытабыт. Ол курдук, 2022 сылга норуоттар икки ардыларынааҕы “Дьокуускай” аэропорду саҥардыыны түмүктүөхтээхпит. Ол кэмҥэ Дьокуускай араас дойду лайнердарын быыстала суох түһэрэр кыахтаннаҕына, манна, Томторго, киин куораты кытта салгынынан сибээс бигэтик олохтонуон наада. Аччыгый авиация эрэ буолбакка, АН-24 кылаастаах сөмөлүөттэр кытта түһэр буолуохтаахтар”, — диэн бэлиэтээтэ.
Онон туризмы сайыннарыыга Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт көһө сылдьар мунньах кэскиллээх боппуруостар оннуларыттан хамсыылларыгар олугу ууруоҕар эрэнэбит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА