Өймөкөөҥҥө өйдөбүнньүк арылынна, «Өлбөт үйэлээх полк» сэлэлии хаамта

Ааптар: 
09.05.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн — Улуу Кыайыы күнэ. Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэ. Күнүс 12 чаас.

Александр ТАРАСОВ,  “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


Индигир өрүс үрдүгэр турар Кыайыы болуоссатыгар «Өлбөт үйэлээх полк» сэлэлии хаамыы кыттыылаахтара кэлэн тураллар. Ыытааччы: «Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгин олохтоохторо, бэтэрээннэр, ыалдьыттар, Кыайыы күнүгэр биһигини кытта «Өлбөт үйэлээх полк» кэлэн турар. Ол, Аҕа дойду Улуу сэриитин хонуутугар охтубут биһиги хос-хос эһэлэрбит, эһэлэрбит, аҕаларбыт сырдык ааттарын үйэтитэр, кинилэргэ сүгүрүйэр бэлиэбитинэн буолар», — диэн саҥарыыта уратытык  уонна долгутуулаахтык иһилиннэ.

Кыайыы Знамятын Россия ис дьыалаҕа Өймөкөөн улууһунааҕы полиция старшай прапорщига Виктор Ганаев, Афганистаҥҥа бойобуой  дьайыылар кыттыылаахтара, бэтэрээн Зувар Газизулин, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, полиция полковнига  Николай Томченко уонна «СССР» бөлөх уус-уран салайааччыта, Афганистан бэтэрээннэрин сойууһун патриотическай иитиигэ отдел начаалынньыга Александр Жадан  көтөхтүлэр.

Улуу Кыайыы 72 сылыгар аналлаах миитин  Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров  тыл этиитинэн аһылынна.

Левитан ураты куолаһа сэрии саҕаламмытын  туһунан этэрэ иһилиннэ. Ити түгэнтэн бэрт аҕыйах чааһынан Россия бары муннуктарыттан Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтин хаҥатыы саҕаламмыта. Аҕа дойдуну Саха сириттэн 63 тыһ. киһи көмүскээбитэ, 40 тыһ. Саха сирин хорсун уолаттара сэрии хонуутугар охтубуттара. Өймөкөөн улууһа итинтэн туора турбатаҕа. Хоту дойду хорсун дьоно Кыайыы иһин туох баарынан көмөлөспүттэрэ.

Уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэхтэр, эйэлээх олох иһин турууласпыттар сырдык тыыннарыгар сүгүрүйэн, Чечня, Абхазия,  Хотугу Осетия уоттаах «туочукаларыгар» сылдьыбыт  аатырбыт «СССР» байыаннай-патриотическэй бөлөх «За того парня», «О героях былых времен» ырыалары ис сүрэхтэриттэн ыллаата.

Салгыы Өймөкөөн улууһун историятыгар эмиэ көмүс буукубанан суруллар ураты, кэрэ-бэлиэ түгэн саҕаланна. Санатар буоллахха, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 70 сылыгар аналлаах өйдөбүнньүк аһыллыбыта. Бүгүн Халыма трассатын хабайар хаба ортотугар, Индигир өрүс үрдүгэр  байыаннай дьайыыларга кыттыбыт анал подразделениелар, анал сулууспалар сотрудниктарыгар, бойобуой  дьайыыларга олохторун толук уурбуттарга, билигин бойобуой поска сылдьар уонна түүрэйдээһини утары охсуһан эйэлээх олоҕу түстээччилэргэ анаан мемориалы аһыы саҕаланна. Бу ураты өйдөбүнньүк «Хангалас» көмүһү хостуур хампаанньа  үбүлээһининэн уонна «Янтарь» хампаанньа  салайааччыта Александр Карась  быһаччы көҕүлээһининэн оҥоһулунна. Мемориалы аһыыга СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Колодезников, Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров уонна «Хангалас» хампаанньаны тэрийээччи Александр Карась кытыннылар. Үһүөн биир тэҥник хааман киирэн мемориалы бүрүйэн турар маҥан таҥаһы арыйа баттаабыттарыгар, дьон-сэргэ үөрэн бэргэһэлэрин өрүтэ быраҕаттаатылар, уруйдаатылар-айхаллаатылар. Ону кытта бойобуой дьайыыларга тыыннарын толук уурбуттары чиэстиир бойобуой салют төлүтэ бэртэлээтэ.

Александр ТАРАСОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0