Өймөкөөн уонна Грузия ЧАЧУАЛАРА

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 «Дьэ, дорообо, Грузия! Мин эһээм ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдута!», — диэн сөмөлүөттэн түһээт, саҥа таһааран, Дамир Чачуа күннээх Кавказ дойдутун кытта дорооболосто.

edersaas.ru


Эдэр киһи эһээтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Константин Чачуа 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, кини төрөөбүт дойдутугар Грузияҕа анаан кэллэ. Оҕонньор төрөөбүт Опетитыгар тиийэн сүгүрүйэр, хаан-уруу аймахтарын билсэр санаатын толорон, бу кэлэн турдаҕа.

Опетига тиийии

Дамир хонор сирин булаат, гостиница администраторын сүбэтинэн Грузия национальнай архыыбыгар тиийэн, сайабылыанньа суруйда. «Эппиэтэ биэс күнүнэн кэлиэ», — диэн буолла. Бачча өр тугу гына сытыай, Дамир кэтэһэ таарыйа, Батуми диэн куруорт куоратыгар муораҕа сынньана барарга сананна. Тбилиси уонна Батуми икки ардыгар Самтредия диэн улахан оройуон баар. Бу кини эһээтин төрөөбүт дойдута. Батумига үс хоноот, төннөн иһэн санаата буолбата, Самтредия оройуонугар тохтоон ааһарга сананна. Кинини кытта оптуобустан биир дьахтар түстэ. Дамир ол дьахтартан Опети дэриэбинэҕэ хайдах тиийиэххэ сөбүн сураста. Дьолго, дьахтар нууччалыы билэр буолан биэрдэ уонна автовокзалга сирдээтэ. Хомойуох иһин, ол күн Опетига барар оптуобус суох эбит. Онуоха аргыһа дьахтар тэйиччи ыччаттар туралларын көрөн, кинилэргэ тиийдэ. Эдэр киһи ыраахтан сылдьарын, аймахтарын көрдүүрүн, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин сиэнэ буоларын кэпсээн туран: «Кытаатан, оҕолор, биир дойдулааххытыгар көмөлөһүҥ», — диэн көрдөстө. Ыччаттартан биир уол улгумнук сөбүлэһэн, такси сакаастаата. Дамир, дьэ табыллан, санаата көнньүөрэн айаҥҥа турунна. Опетига чугаһаан истэҕин аайы, уол долгуйара улаатан истэ. «Оо, эһээм барахсан, бу суол устун төһөлөөх айанныан баҕарбыта буолуой?! Кини бу сиртэн 1940 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы ыҥырыллан (онно сырыттаҕына хааннаах сэрии саҕаланар) барыаҕар диэри төрөөбүт Опетитыгар күн сирин көрүөҕүттэн баара суоҕа 22 сыл эрэ олороохтообут эбит!

Грузин уолун уонна саха кыыһын тапталлара

 Константин Чачуа 40-с сыллартан ыла төрөөбүт Грузиятыгар аны үктэммэтэҕэ. Сэрии уонна Халыма лааҕырдара, реабилитация, мас кэрдээччи – үс тылынан киһи олоҕун кэпсээн кэбистэххэ, итинник.

22-лээх эрэ эдэр киһи фроҥҥа пулеметчигынан Белоруссияҕа түбэһэр. Биир атаакаҕа бааһыран, Изюм куоракка баар госпитальга эмтэнэн тахсар. Онтон Барановичи куорат аттыгар иккистээн бааһыран баран, ньиэмэстэргэ билиэҥҥэ түбэһэр. Күннээх Грузия уолун ыар дьылҕата мантан саҕаланар. Лааҕырдарын ньиэмэстэртэн босхолообуттарын кэннэ, Константин Чачуа, фашист билиэнигэр сылдьыбыт буолан, 1946 с. аны ГУЛАГ лааҕырыгар Магадааҥҥа атаарыллар. 1947 сыллаахха Өймөкөөҥҥө вольфрам уонна уран хостуур ааттаах-суоллаах суостаах «Аляскитовай» лааҕырга түбэһэр. Ол сыл бэрт элбэх киһини реабилитациялаан босхолуур кэмнэригэр түбэһэн хаалан, «вольнонаемнай» диэн статустанар. Дойдутугар барыаҕын, аны, докумуона суох. Бу маннык араас төрүөтүнэн ускул-тэскил сылдьар дьону оройуон киинин тутууга туттуллуохтаах маһы кэрдиигэ ыыталлар эбит. Константин Чачуа Эһэлээх учаастагар түбэһэр. Нууччалыы үчүгэйдик билбэт эдэр киһи көҥүл тыынын ылаат, «дьэ, дойдулуом…» дии санаабыта туолбакка мунчаарарын көрөн, биригэдьиирэ оройуон киинигэр Уус-Ньараҕа докумуонун ирдэһэ барарыгар көҥүллээбит. Онно бэрт эрэйинэн Быйыттааха тиийэн, болуотунан устан Уус-Ньараҕа тиийэн босхоломмутун  эрэ туһунан докумуонун ылар. Военкомакка киирэн: «Сэриигэ сылдьыбытым туһунан туох эмэ докумуону биэриэххит дуо?» — диэбитигэр, «сотору кэлэ сылдьаар», — диэн буолар. Ол «соторута» биэс сылы быһа уһуур. Бэрт эрэйдээх айаны айаннаан ылаары тиийдэҕинэ, харда биир: «Сотору…». Биир күн тиийэн эмиэ итинник хардарбыттарыгар кыһыйан: «Хаһааҥҥа диэри маннык сылдьабыный?» — диэбитигэр, докумуону суруйар киһи суоһурҕанан турбут: «Эн, ньиэмэс билиэнигэр сылдьыбыт хаайыы киһитэ, өссө сэриигэ сылдьыбыт курдук сананаҕын дуо?» — диэн үүрэн таһаарбыт. «Чэ, ити докумуону оччоҕо ирдэһэн да диэн! Дойдубар Грузияҕа барыыһыбын…» — диэн баран, кытаанах саанааны ылынан, Эһэлээҕэр төннөр. Онно салалтатын сэрэтэн, хомунан кэлиэн наада буоллаҕа. Ити 1954 сыл сайына этэ. Ити кэмҥэ эдэр хомсомуол Малаанньа кыыс дьокутаатынан талыллан, учааскалары кэрийэ сылдьан туох эрэ аҕытаассыйатын ыыта сылдьар кэмэ. Константин Чачуа докумуона табыллыбакка, оттон дьокутаат Малаанньа кыыс хомсомуолун сорудаҕын толоро — иккиэн араас соруктаах дьон, биир ыалга көрсөн чэйдииллэр. Ол онно олорон уоллаах кыыс бэйэ-бэйэлэрин маҥнайгы көрүүттэн сөбүлүлэһэллэр. Кыыс Эһэлээххэ баар хомсомуолларыгар тиийэн, били грузин уолун эмиэ көрсө түһэр. Эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин сөбүлээн, балтараа сылы быһа «хаһан эмэ ханна эрэ кинини көрбүт киһи…» диэн санаанан сылдьаллар. Кыыс ыанньыксыттыыр буолан, ханна айанныай? Ол аайы хомсомуол сорудаҕа бүттэҕэ дии. Хам-түм биирдэ эмэ уол түбэһэ кэлэн, Малаанньаны көрсө сатыыр. Онтон биир үтүө күн Константин холхуос бэрэссэдээтэлигэр кэлэн, кыыһы кэргэн кэпсэтэр. Иһигэр: «Арааһа, сөбүлэспэтэ буолуо. Үлэһит илии тиийбэтэ чахчы. Ыытыа суоҕа. Чэ, буоллун. Баҕар…». Дьолго, холкуос бэрэссэдээтэлэ сөбүлэҥин биэрэр: «Дьоллоох ыал буолуҥ, элбэх оҕолонуҥ-урууланыҥ», — диэн алгыы хаалар. Малаанньа табаарыстара, хомсомуоллар, тута мунньах ыҥыра охсон, кыыстарын дьүүллээн бараллар: «Малаанньа сэбиэскэй хомсомуол сиэрин кэстэ; Тохтоо, «спецпереселенецкэ» ойох барыма; Эдэргин, олоххун алдьатыма…» — диэн буолар.

Кыыстара истибэккэ, «спецпереселенеһин» батыһан барар. Ити курдук кыыстаах уол 1954 сыллаахха холбоһон ыал буолаллар. Чачуалар икки кыыстанан, үс уолланан, сиэн, хос сиэн – оҕо барахсан минньигэс сытын билэн бу дойдуттан кырдьар саастарын моҥоон баран барбыттара. Кинилэр 50 сыл бииргэ олорбут Кыһыл көмүс сыбаайбаларын үөрүүтүн биир дойдулаахтара, Төрүт нэһилиэгин дьоно бары үллэстибиттэрэ.

Билигин тыыл бэтэрээннэрэ буолан олорор урукку хомсомуоллар: «Малаанньабыт дьоллоох олоҕу олорон, сирдээҕи дьолу толору билэн барда. Арай, оччолорго  биһигини истибит буоллун, — диэн ахталлар (бу хаартыскаҕа Константин уонна Меланья Чачуалар улахан кыргыттарын Машаны уонна Любаны кытта 60-с сыллар саҥаларыгар түспүттэр).

Хаан тардыыта

… Дамир эһээлээх эбээтин санаан, дууһалыын сырдаан ылла. Опети дьэ кэллэ. Хайа үрдүгэр турар кыракый дэриэбинэ эбит.

Биир даҕаны мас тутуу суох, барыта бэйэ бэйэлэриттэн тэйиччи турар таас дьиэ. Дэриэбинэ бастакы дьиэтигэр киирэн, сирдьит уол Чачуалары ыйыталаста да, билбэттэр эбит. Ити курдук хас ыалы кэрийдилэр. Ким да оннук ааттаах дьону билбэт. «Эс, мин дьонум хайаан да баар буолуохтаахтар…» — дии санаата Дамир. Аргыһа биир дьиэ таһыгар тохтоон ыйыталаста. Арай, дьиэттэн биир эмээхсин тахсан кэллэ. Кинини кытта сирдьит Дамир санаатыгар бэрт өр туох эрэ диэн грузинныы кэпсэттэ. Ол турдахтарына, дьиэттэн бэрт элбэх киһи тахсан кэллэ. Кинилэр бары кэпсэтиигэ кыттыстылар. Бары сотору-сотору Дамир диэки үөрэтэрдии көрөллөр. Аргыс уол кэлэн: «Чэ, бардыбыт. Дьоҥҥун буллубут быһыылаах», — диэтэ. Баран иһэн Дамир уолуттан: «Ити туох туһунан өр баҕайы кэпсэттигит?» — диэн ыйытта. Онуоха эдэр киһи: «Эһээҥ төрөөбүт дьиэтигэр баран иһэбит. Хаан-уруу аймахтарыҥ онно бааллар, —— диэтэ. Оо, онно Дамир үөрбүтүөн! Санаатыгар кинини онно билигин эһээтэ кэтэһэн олорор курдук дьикти турукка киирэн ылла. «Оо, эһээбин суохтаабыт да эбиппин! Төһөлөөх бу сиринэн хаамаргын ахтарыҥ буолуой, бу салгынынан тыыныаххын баҕарбытыҥ буолуой, эһээккээм. Сиэним барахсан мин төрөөбүт буорбар тиийэн, мин ааппын сураһыаҕа диэн санаан да көрбөтөх буолуохтааххын!» — диэн эдэр киһи эһээтин кытта иһигэр кэпсэтэ истэ.

Сотору кэминэн уолаттар Чачуалар олорор тиэргэннэригэр кэллилэр. Дьиэ таһыгар биир уол сылдьар эбит.  Киһилэрэ нууччалыы бэрт үчүгэйдик саҥарар, Дамир эһээтин убайын хос сиэнэ Рамаз Чачуа диэн буолан биэрдэ. «Сотору дьоммут кэлиэхтэрэ. Аҕам балыктыы, эбэм килиэп ыла барбыттара», — диэтэ. Өр өтөр буолбата, Дамир эһээтин убайын сиэнэ Хвича Чачуа, онтон эбээлэрэ Гогона тиийэн кэллилэр. Дамир киниэхэ эһээтин туһунан кэпсээн истэҕинэ, эбээ барахсан үөрүүтүттэн долгуйан, харахтарын уута тохтоло суох сүүрдэ уонна күүскэ да күүскэ Дамиры кууһан турда, сыллаата. Гогона эмээхсин Дамир эһээтин улахан убайын уолун Мурман кэргэнэ эбит. Кинилэри кытта Константин Чачуа Саха сирин Өймөкөөнүн Төрүтүттэн 1970 сылга диэри сибээһин быспакка, билсэ сылдьыбыт эбит. Оччолорго Опетига улахан холорук түһэн, дэриэбинэ урусхалланан, сибээстэрэ быстан хаалбыт. Чачуалар хаан-уруу аймах бэйэ-бэйэлэрин сүтэрсэн кэбиспиттэр. 1980 сыллаахха Дамир эһээтин убайын уола Мурман убайын Константины көрдүү ыраах Саха сиригэр кэлээри айаҥҥа туруммутугар, билэр дьонноро: «Наһаа тымныы дойду үһү, кыайан тиийиэҥ да, булуоҥ да суоҕа», — диэбиттэр. Инньэ гынан Мурман барахсан ыраах айантан аккаастаммыт. Онтон уларыта тутуу кэмэ саҕаланан, урукку бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр атын-атын судаарыстыба буола түһэллэр…

Арааһа, Өймөкөөн хайалара эһээм, кини тапталлаах Грузиятыттан туох да атына суох буолан, олус сөбүлээн, иккис дойду оҥостубут эбит. Саҥа аймахтарбын кытта нэдиэлэ устатын тухары билистим. Ыраахтан-чугастан миигин көрөөрү, Чачуа аймах күн аайы кэлэрэ. Көрсүһүүттэн долгуйуу, ытаһыы – олус долгутуулаах күннэр этэ. Суотабай сибээс баара үчүгэйэ, күннээх Грузияттан Тымныы полюһуттан — Өймөкөөн Төрүтүттэн аҕабын, дьоммун кытта билиһиннэрэн кэпсэтиннэрбитим. Икки өттүттэн батсаабынан күннээҕи хаартыскаларын ыытыһан олуһун үөрбүттэрэ. Ким кимиэхэ майгынныырын ырытыспыттара. Ол аймахтыы дьоҥҥо наһаа да күндү, — диэн кэпсиир Дамир.

Ытык иэһи толоруу

 Аймахтара Дамиры эһээтэ олорбут, улааппыт дьиэтин оннугар сырытыннарбыттара.

Дьиэ былыргы акылаата 96 сыл устата, билиҥҥэ диэри туох да буолбакка турар эбит. Эһэм кыра сылдьан уу таспыт холуодьаһа кытары билиҥҥэ диэри «сулууспалыы» турарыттан соһуйдум, үөрдүм уонна наһаа долгуйдум.

Кырдьаҕастарбытын кытта биир тиэргэҥҥэ олорбут буолан, биир иһиттэн аһаан, биир ороҥҥо утуйан, кыра эрдэхпиттэн эһээбиниин элбэхтэ алтыспыт сиэммин. Оҕо сылдьан эһээбиттэн ыйыталаһан, грузин тылларын сурунан, анаан тылбаас тэтэрээтин оҥостубутум. Хаһан эмэ Грузияҕа  хайаан да барыам диэн санаалаах улааппытым. Эһээм төрөөбүт түөлбэтин ыллыгынан айаннаабыт соругум – кини ахтар-саныыр Опетитын ытык буорун иккис дойду оҥостубут, Саха сирин Тымныы полюһун Өймөкөөнүн Төрүтүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин, грузин оҕонньор көмүс уҥуоҕар тиийэн кутуу. Эһэм барахсан ол ыра санаатын уонна бэйэм быыкаа эрдэхпиттэн толоруох буолбут сыалбын, санаабын бу сайын толордум.

Эһээм ийэлээх аҕатын уҥуохтарын буоруттан ылан, Төрүккэ эһээм уҥуоҕар тиийэн уурбутум.

Грузияҕа барарбар бэйэбин кытта 1998 сыллаахха “Якутия” хаһыакка суруналыыс Сергей Егоров «Его считали пропавшим без вести» диэн ыстатыйатын бибилэтиэкэттэн куопуйалаан илдьибитим. Кыраайы үөрэтэр суруналыыс 50 сыл буолан баран, эһээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа буолар туоһу докумуонун – байыаннай билиэтин анаан ирдэһэн булбута. Эһээм онно үөрбүтүөн! Онон Чачуа халыҥ аймах Сергей Егоровка махталбыт муҥура суох. Эһээм эдэр эрдэҕиттэн кырдьыар диэри оҕолорун, сиэннэрин кытта түспүт хаартыскаларын, байыаннай билиэтин, “Саха сирин көмүс ыаллара” диэн кинигэҕэ эбээлээх эһэм Константин уонна Меланья Чачуалар тустарынан суруллубут ыстатыйаны илдьэн дьонугар көрө сырыттыннар диэн хаалларан кэлбитим, — диэн кэпсиир Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин сиэнэ Дамир Чачуа.

Хаан-уруу ситимэ быстыбат

 Грузия уонна Саха сирин Чачуалара: “Сибээспитин аны быспаппыт, билсэ туруохпут”, — дэспиттэр. Дамир Чачуаҕа икки өттүттэн хаан-уруу халыҥ аймахтар эһээтин дойдутугар суолу аспытыгар махталларын эппиттэр.

“Дьол диэн киһи элбэх харчылааҕар буолбатах. Киһи дьоло – кини тыыннааҕа, доруобайа уонна элбэх аймахтардааҕа”, — диэн мээнэ этиллибэт эбит. Ол сиэринэн, мин эмискэ аймахтарынан байа түстүм. Чугас дьоммор үөрүүнү бэлэхтээн, сүрэхпин дьолунан толордум. Соторутааҕыта аҕам быраатын уола дьиэ кэргэнин кытта Грузиятааҕы Чачуаларга баран ыалдьыттаан кэллилэр. Онон суол аһылынна — аны Саха сиригэр аймахтарбытын Грузияттан күүтэбит, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр Дамир Чачуа.

Саха, эбээн уонна грузин омуктар сыдьааннара Дамир Чачуа Хабаровскайга кылаабынай разведка управлениетыгар спецназка сулууспалаан кэлээт, билигин Оҕо спортивнай оскуолатыгар тренеринэн үлэлиир. Грузия Опетитыттан төрүттээх, Саха сирин Өймөкөөнүн Төрүтүн иккис дойду оҥостубут Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Константин Георгиевич Чачуа 100 сааһын сиэнэ Дамир Чачуа чиэстээхтик көрүстэ. … Бүгүн, Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр, саха Чачуата грузин Чачуаларга эрийэн, бэлиэ бырааһынньыгынан эҕэрдэтин тиэртэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: Дамир Чачуа дьиэтээҕи архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0