Өймөкөөн улууһун Төрүтэ суола суох хаалла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, от ыйын 23 күнүгэр, Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр хаһан да буолбатах көстүү буолан ааста.

Чаҕылхай күннээх турбут халлаан, эмискэ хараҥа былытынан туолаат, урут хаһан да буолбатах, дьон соһуйар этиҥнээх ардаҕа кэлэн түстэ. Нэһилиэк ортотугар турар «Сүүрбэ» диэн ааттыыр боротуокалара эмискэ уунан туола түстэ. Ходуһа барыта ууга барда. Хайа үрүйэтэ сүүнэ үрэххэ кубулуйан, айан суолун соҕотохто сууйан кэбистэ.

Онон бүгүн Төрүккэ киин куораттан кэлиэхтээх онколог-быраастар кыайан кэлбэтилэр. Дьиҥэр, бу эмчиттэри дьон наһаа да кэтэспитэ, күүппүтэ.

Күн-дьыл билгэтинэн, Төрүккэ бу күннэргэ ардахтаах күннэр тураллар дииллэр. Онон олохтоохтор аны халаан кэлэрэ буолуо диэн кутталга олороллор. Бу маннык дохсун этиҥнээх ардаҕы дьон былырыыҥҥы баһаары кытта тэҥниир. Сир кырсын уот сиэн кэбиһэн, уу тохтообот буолла. Онон күн аайы сарсыардаттан окко тиэтэйэр дьон, ардахтан сылтаан тохтуурга күһэлиннилэр. Кыратык күн көрдөҕүнэ, аны отторун ууттан хостуур аатыгар сылдьыахтара…

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ»

Салгыы видео-устууну көрүҥ. Үрэх сүүрүгэ  дохсун. 

Хаартыска уонна видео —«Төрүт кэскилэ» батсаап бөлөхтөн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0