Өймөкөөн улууһун баһылыга «Сусуманзолото» ААУо кытта сөбүлэҥ түһэристилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Магадаан уобалаһыгар сырыытын кэмигэр Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев «Сусуманзолото» ААУо генеральнай дириэктэрэ Александр Чугуновы кытта көрүстэ.
“Сусуманзолото”ААУо Арассыыйаҕа  көмүһү хостооһуҥҥа 11-с миэстэҕэ сылдьар уобалас биир бөдөҥ тэрилтэтэ. Бу аһаҕас акционернай уопсастыба 1938 сыллаахха тэриллибит  Сусуманнааҕы хайаны байытар кэмбинээт оннугар 1994 сыллаахха тэриллибитэ. «Сусуманзолото» ыстарааталлара Магадаан уобалаһыгар 4 көмүс хостуур сирдээхтэр. Биир тэрилтэ – “Север” ХЭУо Өймөкөөн улууһугар үлэлиир, —  диэн кэпсиир улуус баһылыга Иннокентий Сивцев.
Дьыалабыай көрсүһүү кэмигэр улуус баһылыга Иннокентий Сивцев уонна «Сусуманзолото» ААУо генеральнай дириэктэрэ Александр Чугунов Өймөкөөн улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт бииргэ үлэлээһин Сөбүлэҥэр илии баттастылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — «Өймөкөөн улууһа (оройуона)» МТ пресс-сулууспата тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0