Баһылык бэлиэтээбитинэн, улууска үлэ сүрүннээн национальнай бырайыактары олоххо киллэрэр федеральнай бырагыраамаларга туһаайыллар. Улуустааҕы быраагыраамаларынан эмиэ көдьүүстээх үлэ ыытыллар. Ол курдук, ааспыт сылга 24 муниципальнай бырагырааманы олоххо киллэриигэ үлэ барда. Онтон 6 бырагыраама — социальнай хайысхалаахтар.
Улууска 22 үөрэхтээһин тэрилтэтин араас көрүҥэ үлэлиир. Улуус 4 оскуолатыгар сыыппара технологията уонна гуманитарнай хайысхалаах «Точка роста» үөрэхтээһин кииннэрэ аһыллан үлэлииллэр. Биллэн турар, бу кииннэр бары аныгы технология бары ирдэбиллэрин тутуһан, аныгылыы таҥыллан оҥоһуллубуттар. Быйылгы сылга маннык кииннэр Үчүгэй уонна Сордоҥноох оскуолаларыгар аһыллыахтара.
Култуурунай тэрээһин үлэ барыта 2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыыттыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕа туһаайыллар. Онон ааспыт сылга бу суолталаах өрөспүүбүлүүкэтээҕи тэрээһини ыытыыга тэрийэр кэмитиэти кытта Олоҥхо Ыһыаҕын бэлэмниир эппиэттээх үлэҕэ анаммыта.
Төһө да хааччахтааһын кэмэ буоллар, Олоҥхо институтуттан уонна Олоҥхо тыйаатырыттан исписэлиистэр кэлэн, нэһилиэктэринэн сылдьан, айар куттаах дьону кытта көрсөн кэпсэппиттэрэ, сүбэлэспиттэрэ.
Өймөкөөн улууһугар туризм салаата олохтоохтук сайдан эрэрин улуус баһылыга Иннокентий Сивцев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Ол курдук, аан дойдуга төһө да сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, туристар сырыылара харгыстаннар, былырыын Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө Францияттан, Германияттан, Арабскай Эмираттан, Барселонаттан, Японияттан, Кэриэйэттэн, Мароккоттан, Индияттан, Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн 750 турист кэлэн барбыт.
— Өймөкөөн улууһун биир бөдөҥ инвестиционнай бырайыагынан «Тымныы полюһа Өймөкөөн» диэн туристическай кластер буолар. Былырыын бу бырайыагы олохтоохтук үөрэппиппит, дьүүллэспиппит. Ол түмүгэр быйыл кулун тутарга РФ Туризм корпорациятыттан бэрэстэбиитэллэр кэлэн биһигини кытта бииргэ үлэлэһиэхтэрэ, — диэн улуус баһылыга Иннокентий Сивцев иһитиннэрбитин олохтоохтор биһирии иһиттилэр.
Баһылык отчуотун кэнниттэн үгүс ыйытыы киирдэ. Ол курдук, бэйдиэ сылдьар ыттары бэрээдэктээһин, ыччаты үлэҕэ ылыы, сибээс хаачыстыбатын, эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы, улуус киинигэр «Нерскэй» уонна «Индигирскэй» микрооройуоннар икки ардыларыгар оптуобус сырыыта, муниципальнай суоллары өрөмүөннээһин, эмчиттэринэн хааччыллыы, оту уонна эбии аһылыгы тиэйии, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннээһин, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, нэһилиэктэргэ почта отделениеларын үлэтин тупсарыы, ойуур баһаардарын бохсууга үлэни эрдэттэн тэрийии курдук нэһилиэнньэни долгутар 50-ча боппуруос бэрилиннэ.
Улуус дьаһалтатын исписэлиистэрэ, тэрилтэлэр салайааччылара үлэлиир миэстэлэриттэн быһа холбонон, туһааннаах ыйытыыларга баһылыгы кытта тэҥҥэ эппиэттэһэ олордулар.
Былырыын Өймөкөөн улууһун бары нэһилиэктэрэ оптоволокно лииньийэтигэр 100 % холбоммут буолан, баһылык быйылгы отчуота куйаар ситиминэн барбытын, дьон олус сөбүлээтэ, ылынна. Интэриниэт сибээстээх буолан, үгүс дьон дьиэлэриттэн холбонон отчуоту иһиттилэр, санааларын атастастылар.
Аны Өймөкөөн улууһун олохтоохторо олунньу 22 күнүгэр куйаар ситиминэн ыытыллыахтаах ситэриилээх былаас отчуотугар эмиэ көхтөөхтүк кыттыахтара.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru