Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгин олохтоохторо, ыалдьыттара Арассыыйа күнүн хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээн эрэллэр. Бүгүн үс чаастан Өймөкөөн улууһун дьаһалтата, улуус нэһилиэктэрин бэрэстэбиитэллэрэ, ыалдьыттара Индигир үрдүгэр турар Кыайыыны уһансыбыттарга уонна байыаннай дьайыыларга кыттыбыт анал подразделениелар, анал сулууспалар сотрудниктарыгар, бойобуой дьайыыларга олохторун толук уурбуттарга, билигин бойобуой поска сылдьар уонна түүрэйдээһини утары охсуһан эйэлээх олоҕу түстээччилэргэ аналлаах мемориалларга сибэкки дьөрбөтүн, веноктары уурдулар. «СССР» бөлөх «За Отчизну, за Веру, за Любовь» ырыаларын бэлэхтээтилэр. edersaas.ru
Салгыы «Чысхаан» стадиоҥҥа Арассыыйа күнүгэр уонна Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сылыгар аналлаах миитин буолла. Бу ураты күнү уруйдаан, Өймөкөөн улууһун Уус Ньара, Аартыгын, Бороҕонун, Өймөкөөнүн, Төрүтүн, Сордоҥнооҕун, Үчүгэйдээҕин олохтоохторо параадтаан киирдилэр. Улуус бары нэһилиэктэриттэн 200-тэн тахса киһи анаан-минээн кэлэн кыттыытыгар, «Янтарь» бөлөҕүн хампаанньата улахан өҥөлөөх. Бэҕэһээ алта вахтовка массыына тиэйэн аҕалбыта.
«Арассыыйа былааҕа» диэн флешмоб үҥкүү олус табылынна, дьон сэргии-астына көрдүлэр. Салгыы Өймөкөөн улууһун «Золотинка», «Һэйм», «Саһарҕа», «Дабаан», «Эльгинка» үҥкүү бөлөхтөрө «Доҕордоһуу» үҥкүүнү толордулар.
Салгыы Өймөкөөн улууһун олохтоохторо хас даҕаны күн күүппүт ыра санаалара туолла. Стадион киин түрүбүүнэтигэр Вика Цыганова күлүмүрдээн таҕыста. Арассыыйа күнүнэн эҕэрдэлээн туран, патриотическай ырыалары киһи сүргэтэ көтөҕүллүөхтүк ыллаан дьиэрэһиттэ. Салгыы «Северный ветер», «СССР» бөлөхтөр кэнсиэртээтилэр. Үс эдэр дьоҥҥо Арассыыйа гражданнара буолалларын туоһулуур пааспардары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Арассыыйа күнүн киэһэ 10:00 чааска бырааһынньыктааҕы салют саппа садарах араас өҥнөөх уоттарынан төлүтэ биэртэлээн түмүктүөҕэ.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru