Өймөкөөн учуонай сылгыһытын баҕа санаата туолла

Ааптар: 
22.03.2018
Бөлөххө киир:

“Сахамедиа” холдинг “Улуус олоҕо” бырайыагар үлэлиир суруналыыстар “Тоноор” сылгыны үөрдээн иитэр производственнай кэпэрэтиипкэ эбиэт саҕана тиийбиппит.

edersaas.ru

Биригэдьиир Алексей Винокуров бэрт минньигэс аатырбыт Өймөкөөн убаһатын этиттэн оҥоһуллубут тоҥ халбаһыынан күндүлүү көрсүбүтэ. Бу нууччалыы “деликатес” диэн ааттыыр мааны аһы сылгыһыттар бэйэлэрэ оҥорон сииллэр эбит.

Сылгыны кыһыҥҥы кэмҥэ хаста да ыйааһыннааһын – үөрдээн иитии биир сүрүн кистэлэҥэ. Бу туһунан 2012 сыллаахха Өймөкөөн улууһугар дьааҥылыы тииптээх сылгыны үөрдээн иитии туһунан диссертациятыгар учуонай сылгыһыт, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РФ Бочуоттаах фермерэ Николай Винокуров анаан бэлиэтээбитэ. Учуонай сылгыһыт бу ньыматын билигин киин улуустар сылгыһыттара кэлэн үөрэтэллэр.

“Тоноор” сылгыны үөрдээн иитэр производственнай коператив бүгүҥҥү күҥҥэ 340 сылгыны иитэн туруорар. Сылгыны научнай төрүөккэ олоҕуран көрөбүт. Атын улуустартан кэлбит сылгыһыттарга ыйааһыннааһыны таһынан, сылгы иитиитин мындырдарын ымпыгар-чымпыгар диэри билиһиннэрэбит (үчүгэй атыыр хайдах сыҥаахтаах, сымыыттаах буолуохтааҕар тиийэ). Сиэнчэр аттары киин улуустартан аҕалабыт. Биһиги атыырдарбытынааҕар сымнаҕастар, иччитэмсэхтэр, — диэн быһаарар сылгы биригэдьиирэ, учуонай сылгыһыт төрөппүт уола Алексей Винокуров.

Мин “сири-дойдуну көрө” диэн, Өймөкөөҥҥө сылгыны үөрдээн иитии хаһаайыстыбата баарын табаарыспыттан истэн, анаан билсэн баран кэлбитим. Билигин Чурапчы Чакырыттан сылдьар Алексей Филипповтыын иккиэн уопут атастаһыытын быһыытынан үлэлиибит. Урут акка соччо сыстыбатах киһи, бэрт элбэҕи көрдүм-иһиттим. Хоту улуус сылгыһыттарын үлэлэрин көрүҥэ киин улуустардааҕар олох атын эбит.  Биһиэхэ сылгыны далга сылга иккитэ – күһүн уонна саас киллэрэллэр. Манна үстэ киллэрэр эбиттэр. Ааҕыы-суот баһаам. Күн аайы төһө сылгыны далга хаалларбыппытын, төһөнү таһаарбыппытын, “баччаны сэлээтибит” диэн суруна, ааҕа сылдьабыт. Сылгыны ыйааһынныыр ньыманы бэрткэ кичэйэн үөрэтэбит. Үлэ дуогабара түмүктэннэҕинэ, дойдубутугар барарбытыгар ииппит сылгыларбытын бэйэбит атыылаһан барыахпыт уонна дьааҥылыы тииптээх сылгыны киин улуустарга итиини сайыннарыахпыт. Маны тэҥэ сылгыһыттар олорор базаларын усулуобуйатын олус сөбүлээтибит. Тыа сиригэр маннык сылгы базалара суох. Телевизор, суотабай төлөпүөн, араадьыйа, кинигэ, хаһыат – баҕарбытыҥ барыта баар. Сотору үөрэхтээһин киинэ үлэҕэ киирдэҕинэ, аны интернет, көмпүүтэр баар буолуо. Онон кэнэҕэс базаларбытын маннык оҥосторго үлэлэһиэхпит, — диэн санаатын үллэстэр Таатта Чымынаайытыттан сылдьар Петр Тастыгин.

2016 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр Ил Дархан Егор Борисов “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитии миэрэлэрин туһунан” Ыйаахха илии баттаабыта. Бу докумуоҥҥа олоҕуран, бастыҥ үлэлээх сылгыны үөрдээн иитэр хаһаайыстыбалар баазаларыгар – киин, Бүлүү улуустарын эҥэригэр уонна хоту улуустар зоналарыгар сылгыһыттары үөрэтэр, идэлэрин үрдэтэр үс үөрэхтээһин киинин тэрийэр туһунан сорук турбута. Онон “Тонор” сылгы баазатыгар үөрэхтээһин киинэ аһыллар буолбута. Муус устарга үөрэхтээһин киинин үөрүүлээхтик аһыахтара.

“Тоноор” сылгыһыттар баазаларыгар сылдьар кэммитигэр муус устарга саҥа аһыллыахтаах үөрэхтээһин киинин тэриллэрин аҕалбыттара. Үөрэнэр киин толору хааччыллыылаах буолуохтаах. Онон душ, таҥас сууйар массыына миэстэлэригэр номнуо кэлэн турбуттар этэ.

Түгэнинэн туһанан, улуус дьаһалтатын баһылыгар Михаил Захаровка уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытыгар Павел Сивцевка барҕа махталбын тиэрдиэм этэ. Ханнык баҕарар кэскиллээх боппуруостары бары бииргэ сүбэлэһэн быһаарабыт. Үөрэхтээһин киинэ аһыллыытыгар улуус өттүттэн улахан өйөбүл оҥоһулунна. Сылгыһыттар идэлэрин үрдэтиини Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академията ыытыаҕа.  Маннык үөрэхтээһин киинэ аһыллыытыгар “Тоноор” ТХПК салайааччыта Николай Винокуров уонунан сыллар тухары бэлэмнэммитэ.

Ол курдук, билигин кэпирэтиип 100-чэкэ км күрүөлээх-хаһаалаах, сылгыһыттар олорор кыһыҥҥы-сайыҥҥы дьиэлэрдээх, булуустардаах, баанньыктардаах, гараастардаах, ампаардардаах, сылгыны үрэхтэри туоратар муосталардаах. Уопсайа хаһааыйыстыба 30-ча эбийиэкиээх. Сайын аайы биһиги 120-140 туонна бастакы суортаах оту оттуубут, — диэн бэлиэтиир “Тонор” сылгыһыттарын биригэдьиирэ Алексей Винокуров.

Сылгы баазата толору хааччыллыылаах буолан, оһохторо аныгы технологиянан оҥоһуллубут.

Сылгыһыттар туттар тэриллэрэ эмиэ — аныгылыы. Ол курдук, мастарын эрбэнэллэригэр  «Штиль» эрбиинэн эрэ тутталлар.

Иллэҥсийдэхтэринэ бултаналларыгар кыахтаах «Бураннара» эмиэ бэлэм.

Алексей Николаевич “Тоноор” сылгы баазата туризмы сайыннарыыга эмиэ үлэлэһэр былааннаах:

Улуустааҕы муниципалитет туризмы сайыннарыыга кэскиллээх былааннарын икки илиибитинэн өйүүбүт. Сыл аайы Өймөкөөнү интэриэһиргиир турист ахсаана элбээн иһэр. Ордук быйыл ”сүрдэннилэр”. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, уруккку сылларга былааҥҥа киирбэтэх маршруттар олоххо киирэн эрэллэр. Ол курдук, бураанынан Индигииргэ балыктата илдьэр буоллулар. Ити маршрут биһигинэн ааһар буолан, туристары сылгы баазатыгар сырытыннарары эмиэ толкуйдуубут. Ол эбэтэр буранынан кэлбит дьону атынан күүлэйдэтэр былааннаахпыт. Былырыын манна Наоми Томпсон диэн оператор киинэ устан барбыта. Кини 18 судаарыстыбаны устубут эбит. Онтон биирэ – Арассыыйа. Аны интэриэһиргиир боппуруостара – тымныы усулуобуйаҕа сылгыны хайдах иитэллэрий диэн. Түөрт күнү быһа “Тоноор” кэпирэтиип баазаларынан сылдьан устубуттара. Ол киинэ бу сыл бүтүүтэ көрөөччү дьүүлүгэр тахсыахтаах. Ол эрэ буолуо дуо, баҕалаах үгүс. Биһиги билигин: “Сылгыны устуохпутун баҕарабыт”, — диэн омуктар киирэн кэлэллэригэр соһуйбаппыт.

Учуонай сылгыһыт Николай Винокуров билигин хаһаайыстыбатын бэйэтин туйаҕын хатарааччыларыгар, уолаттарыгар Андрейдаах Алексейга эрэллээхтик туттаран эрэр. Сылгыга кыра эрдэхтэриттэн аҕаларын кытта тэҥҥэ “эриллибит” уолаттар аҕаларын баҕа санаатын толорон, сылгыны үөрдээн иитиигэ аныгы көрүүлэрин олоххо киллэрэргэ дьулуһаллар. Онон Өймөкөөн учуонайа саха сылгыһыттара сайдыылаах усулуобуйаҕа үлэлииллэригэр баҕарар баҕа санаата туолла диэххэ сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин уонна ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0