Өймөкөөн тымныыта кытайга бэриммэтэ — турист айанын тохтотто!

Ааптар: 
01.02.2017
Бөлөххө киир:

Эбиэт кэмигэр: «Өймөкөөҥҥө диэри бэлисипиэтинэн айаннаан иһэр кытай уола Чардан атаҕын үлүтэн, Хаандыгаҕа төннөргө күһэллибит. Биэс чааһынан төттөрү куораттыыр», — диэн өймөкөөннөр батсаапка бөлөхтөрө «сибиэһэй» сонунунан туола түстэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

«Бу кырдьык дуо?» — диэн Томпо улууhун дьаhалтатын Ыччакка отделын исписэлииhэ Айаал Винокуровка эрийэн, анаан билсэ сырыттым.

«Кырдьык. Сарсыарда 11 ч. Хаандыгаҕа төттөрү айаннаан кэлбит этэ. Теплай Ключка тиийбэккэ, бэлисипиэтэ алдьаммыт. Тымныыта бэрдиттэн көлүөһэтэ кэлбэт да, барбат да буолан хаалбыт. Биһиги тымныыбытыгар анамматах буоллаҕа. Инньэ гынан, кытай дэлби тоҥон, салгыы айанныыр кыаҕа суоҕуттан, Тымныы полюһугар айанныыр былаанын тохтоппут. Билигин техникум уопсайыгар баар. Киэһээҥҥи таксига суруттаран, Дьокуускайдатан эрэбит. Айанын бырайыаһын бэйэтэ төлүүр. Онтон салгыы Кытайыгар айанныыра буолуо, — диэн кэпсиир Айаал Винокуров.

Дьэ, онон кытай туриһын айанын эпопеятын манан түмүктүүбүн. Бүгүҥҥүттэн ыла бары уоскуйабыт. Тымныы полюһа — Өймөкөөн тымныытын итии дойду тиэхиньикэтэ тулуйбата. Онон эрдэ-сылла эдэр киһи дьиэлээбитэ ордук. Ол эрээри саха дьонун ыалдьытымсахтара, үтүө санаалаахтара кытай туриһын дууһатын бэрт өр кэмҥэ диэри сылааһынан угуттуура чахчы. Сахабыт сирин аатын-суолун үрдүктүк тутан, омук киһитигэр ис сүрэхтэриттэн кыһанан көмөлөспүт дьоммутугар-сэргэбитигэр барыбыт ааппытыттан махтал буоллун!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0