Бу күннэргэ урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких туристскай-рекреационнай кластердары тэрийиигэ үбүнэн өйүүр туһунан П-86 №-дээх бирикээскэ илии баттаата.
edersaas.ru
Кулун тутар 27 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир туризм Координационнай сэбиэтэ улуус муниципалитеттарын уонна куораттар уокуруктара түһэрбит бырайыактарын кэтэхтэн көрбүт. Бу суолталаах мунньах быһаарыытынан, өрөспүүбүлүкэ үс улууһун туристскай-рекреационнай кластеры тэрийэр бырайыактара кыайыылаахтарынан буоллулар. Ол курдук, «Российский Север Арктики» (Булуҥ оройуона),
«Өймөкөөн — Тымныы полюһа» туристскай-рекреационнай кластер (Өймөкөөн улууһа),
«Өлүөнэ очуостара — Батамай сирэ» туристскай-рекреационнай кластер (Хаҥалас улууһа) бастыҥнарынан ааҕыллан, үбүнэн өйөбүлү ыллылар.
Улуустааҕы Култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева бу бырайыак кыайыытын туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Бу кыайыы — култуура управлениетын исписэлиистэрин уонна улуустааҕы дьаһалта экономическай отделын салайааччыта Марина Ядреева бииргэ үлэлээһиммит түмүгэ. «Өймөкөөн — Тымныы полюһа» туристскай-рекреационнай кластер Эдуард Асадов архитектурнай бюротун (Russia Discovery, Knight Frank уонна Саха сирин «ЛСТК-бырайыак») консорциум-былаанын чэрчитинэн Өймөкөөн нэһилиэгин Тымныы курордун курдук көрдөрүү соруга турар.
Саха сирин брендинэн буолбут Тымныы Полюһа Өймөкөөн тымныыта – араас дойду дьонун абылыыр, интэриэһиргэтэр. Маны таһынан, Томтор нэһилиэгэ Тымныы хаһаайына Чысхаан дойдутун быһыытынан, Муус оҥоһук резиденциятын сайыннарыы
Уус Ньара бөһүөлэгэр «Таас Кыстаабыт» хайаҕа баар «Кант» хайыһар баазатын сайыннарар сорук турар.
Бу маны барытын сааһылаан, кэнсиэпсийэ оҥорбуппут. Онон өр сыллаах үлэбит түмүгэ таба сыаналаммытыгар үөрдүбүт. Аны иннибитигэр улахан үлэ күүтэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн.