Өймөкөөн Томторугар Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллар сиригэр алгыс түстэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ 2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕын Аал Луук маһын уонна Тойон Түһүлгэни оҥорор «Уран»
фирма сэттэ үлэһитэ кэлэн үлэлэрин саҕалаатылар.

Бу туһунан улуус баһылыгын Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийиигэ бэрэстэбиитэлэ Никифор Протопопов иһитиннэрдэ:

— Икки «полуприцеп» массыына тутуу матырыйаалын илдьэ кэлэн тута сүөкэннилэр. Эбии үлэһиттэри олохтоох дьонтон ылыахтаахтар. «Көмүс күрүөҕэ» урукку сылларга тутуллубут эргэ тутуулары көтүрэн бүтэрэн эрэбит. Онон тутуу үлэтэ ыраас түһүлгэҕэ саҥаттан ыытыллар.
Бүгүн, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, Аал Луук маһы уонна Тойон Түһүлгэни тутуулара барыахтаах сирдэригэр алгыс түстэ.

Онон 2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕын бастакы сүрүн тутуутуларыгар сиэри-туому тутуһан, бастакы сүгэ «тыаһаата».

Елена ПОТОЦКАЯ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0