Өймөкөөн Томторугар «Тоноор» хаһаайыстыбаҕа тоһуттар тымныыга биэ төрөөтө
Өймөкөөҥҥө бу күннэргэ 45 кыраадыс тымныы турар. Бачча үлүгэр тоҥтон толлубакка, Томтор нэһилиэгин Тумус Талах диэн толоонугар субуотаҕа, ахсынньы 22 күнүгэр, биэ төрөөтө. Эрдэлээбит кулунчук ийэтин батыһан сүүрэ-көтө сылдьар. Дьөһөгөй оҕолоро “Тоноор” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин баайа буоларын билэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үлэлээх хаһаайыстыба салайааччыта Николай Винокуровтыын кэпсэттим.
edersaas.ru
—Баччаларга биир эмит биэ төрөөччү. Эмис-тот, кыахтаах-сэниэлээх атыыр тохсунньуттан көрдүүр. Биэ эмиэ үчүгэй туруктаах эрэ буоллаҕына көҕүйэр, — диир Николай Тимофеевич. – Ити гынан баран, биэ эрдэ төрүүрэ хаһаайыстыбаҕа ороскуоттаах, аны саас сир хараарыар диэри дьиэ таһыгар аһатыаххын наада. Бүгүн уолаттар кулунчуктаах биэни сиртэн аҕалан, күрүөҕэ хаайыахтара. Куттала диэн, кулунчук тоҥон өлүөн сөп. Туйаҕа үлүйдэ даҕаны бүтэр. Оттон тулустаҕына – сылгы төрдө буолуо.
Учуонай-сылгыһыт быһаарарынан, Өймөкөөн сылгыта 53 кыраадыстаах тымныы түстэҕинэ биирдэ тоҥор. Онон, билигин халлаан “сылаас” диэн ааҕар. Н.Т.Винокуров хаһаайыстыбатыгар 4-5 сыллааҕыта Кириһиэнньэҕэ, тохсунньу 19 күнүгэр, 61 кыраадыс тымныы турдаҕына төрөөбүт кулунчук кыстыгы этэҥҥэ туораан, биэ бэрдэ буолбутун кэпсиир. Түүн ийэтэ аппа-оҥхой сири булан, ахтатын анныгар уктан кэбиһэр эбит, онон тыыннаах хааллаҕа. Айылҕа айбыта күүстээх! “Бу кулунчук, хаартыскаттан көрдөххө (атын уолаттар ааһан иһэн, ыраахтан смартфоҥҥа түһэрбиттэр, онон тыһыта-атыыра биллибэт), улахан, ийэтин ахтатыгар батара биллибэт. Дьэ, хайаһаахтыыр?..” – диэн аатырбыт сылгыһыт саарбахтыыр.
“Тоноор” кэпэрэтиип саҥа дьылга 361 сылгылаах, ол иһигэр 219 биэлээх, үктэнэн эрэр. Хаһаайыстыбаҕа төрүөҕү ылыы 95,5 бырыһыаҥҥа (былырыын 90 бырыһыан этэ), сылгыны тыыннаахтыы туоратыы 100 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. Ити төрөөбүт биэ, Николай Тимофеевич этэринэн, 7 саастаах. Былырыын оҕоломмокко, байтаһырбыт. Онон, эрдэ төрөөбүт төрүөтэ ол буолара чуолкай.
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru