Өймөкөөн Төрүтүн оскуолата — «мөлүйүөннээх» граннаах

Ааптар: 
18.07.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай тэрилтэри уларыта тутууга туһуламмыт суолталаах боппуруоһу  улуус, нэһилиэк, биирдиилээн ыал аайы ырыталлар, дьүүллэһэллэр.

edersaas.ru

Онон нэһилиэктэр дьылҕаларыгар сыһыаннаах кыһалҕаны дуу, кэскиллээх сайдыыны ким хайдах саныырын, бырабыыталыстыба ыытар үлэтин хайдах ылынарын туһунан тустаах дьон санааларын үллэстэллэр.

Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэ, төһө да улуус киинэ Уус-Ньараны кытта ыаллыы сыттар, икки өрүһү туоруур эрэйдээх суоллаах-иистээх нэһилиэгинэн биллэр. Саас, сайын Элги уонна Индигиир өрүһү туорааһын — дьоруойдуу быһыы кэриэтэ. Улахан ардах кэмигэр мотуордаах оҥочо сырыыта тохтуур, кыһын өрүс тарыҥнаан, айан сырыыта эмиэ харгыстанар. Силирикээн сиһинэн айан суола оҥоһуллубута уонча сыл буолла да, бу күҥҥэ диэри ситэриллэ илик. Оттон улуус үрдүнэн соҕотох бу эрэ оскуола саас өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун долгуппут  «оптимизизация» дэнэр испииһэккэ киирэн, төрөппүттэр утуйар ууларын аймаабыта.

Төрүт нэһилиэгэ былыр былыргыттан Тарын-Үрэх диэн аатынан биллэр. Бу аатырбыт Өймөкөөн меценат-атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын, саха лирик бэйиэтэ Пантелеймон Тулааһынап, Өймөкөөн улууһун соҕотох Социалистическай Үлэ Дьоруойа, ыстахаанабыс-сылгыһыт Герасим Кырбаһааҥкын-Дьоруой Дьарааһын, кыраайы үөрэтээччи суруналыыс, улуустааҕы сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» хаһыаты төрүттээччи Сергей Егоров, Саха сирин, Магадаан уобалаһын уонна Чукотка кыраайын үтүөлээх геолога Бустенгин Атласов төрөөбүт дойдулара. Тарын Үрэхтэн-Төрүттэн үс учуонай тахсыбыта: медицинэ наукатын кандидата Светлана Атласова, биология наукатын кандитата Семен Егоров, физико-математическай наука кандидата Прокопий Кривошапкин.  Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр алта суруналыыс Төрүттэн төрүттээхтэр. Кинилэр истэригэр саха суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэ, оройуон хаһыаттарын актыыбынай уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ Афанасий Гермогенов-ГАС, улуустааҕы «Северная заря» -«Хотугу сардаҥа» хаһыаттар холбоһуктаах эрэдээксийэлэрин кылаабынай эрэдээктэрэ Анна Галузо бааллар.

Былыр былыргыттан үөрэҕи батыспыт дьонунан биллэр Төрүт нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлииллэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, нэһилиэк бары тэрилтэлэрин анал үөрэхтээх исписэлиистэрэ — Төрүт бэйэтин ыччата. Кинилэр үөрэхтэрин бүтэрэн кэлэн, билгин төрөөбүт дойдуларын сайыннараллар.

Соторутааҕыта Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов сүрүн болҕомтотун үөрэтии хаачыcтыбатыгар уурда:

— Төһө да аҕыйах ахсааннаах оҕолоох буоллаллар, хаачыстыбалаахтык үлэлиир оскуолалары үөрэтэн көрөн баран, оннунан хаалларыахпыт уонна кинилэри өйүөхпүт. Хомойуох иһин, оннук оскуола олох аҕыйах…

Мин премьер-миниистир бу этиитин истэн баран, Өймөкөөн улууһун Төрүт орто оскуолатын саныы түспүтүм. Кырдьык, бу оскуола хайаан да оннунан хаалыан наада! Тоҕо инньэ диибиний? Бу санаабын оскуола дириэктэрэ Мария НИКОЛАЕВА маннык бигэргэтэр:

Ааспыт үөрэх дьылын 58 оҕо түмүктээтэ. Бу күһүн 5 оҕо киирэр, 6 оҕо бүтэрэр. Быйыл оскуоланы бүтэрбит икки оҕобут нэһилиэккэ эрэ буолбакка, улууска, оройуоҥҥа, Арассыыйа таһымыгар тиийэ араас олимпиадаларга, куонкурустарга кыттыыны ылбыттара. Онон иккиэн нэһилиэк киэн туттар оҕолоро.

Лена Столярчик быйыл кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэриэхтээҕэ кыаллыбата. Математикатын «5» -кэ, нуучча тылын – 69 б., историятын – 70 б. туттарбыта. Оттон быйылгы саҥа ирдэбилинэн нуучча тылыгар – 70 б. буоллаҕына эрэ мэтээл бэриллэр. Онон сыччах биир эрэ баал тиийбэккэ, мэтээлгэ тиксибэтэ.  Чиҥ билиилээх, кыахтаах кыргыттарбыт бэйэлэрин талбыт идэлэригэр ситиһиилээхтик үөрэнэн, ааттарын ааттатар бастыҥ үлэһит дьонунан буолуохтара диэн эрэнэбит. уопсайынан оҕолорбут бары да үөрэхтэригэр, оскуола уопсастыбаннай олоҕор олус көхтөөх дьон.

Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга ыытыллар күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга, олимпиадаларга өрүү миэстэлэһэллэр. 

Былырыын оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит Анна Стручкова нуучча тылын 91 б., историятын – 75 б., обществознаниетын – 81 баалга туттарбыта. Бу оҕо историяҕа улахан баалы ылан, улуус баһылыгын харчынан бириэмийэтин ылбыта.

Учууталлар оҕолорбутун кытта биир иллээх ыал курдукпут. Нэдиэлэ аайы араас тэрээһиннэри ыытан, бары күн солото суох сылдьабыт.

Хас биирдии учуутал бэйэтин предметигэр ситиһиилээх оҕолорго бэйэтин анал истипиэндьийэтин аныыр.

Кэлиҥҥи биэс сыл устата оскуоланы 10 оҕо үрүҥ көмүс, 3 оҕо кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдилэр. Үөрэппит оҕолорбут ситиһиилэриттэн үөрэбит. Холобур, Саргы Атласова ХИФУ экэнэмиичэскэй факультетын бүтэрэн, Эмиэрикэҕэ үлэлээн баран, онтон Индияҕа тиийэн үлэлиир. Быйыл Александр Павлов архитектурнай институту ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Хас да оҕобут кэккэ министиэристибэлэргэ, куорат мээрийэтигэр үлэлииллэр. Оттон оскуолабытыгар, оҕо уһуйааныгар уонна балыыһабытыгар бэйэбит оҕолорбут үөрэхтэрин бүтэрэн кэлэн үлэлии сылдьаллар. 

Быйыл үөрэх дьылын 73,4% хаачыстыбалаахтык түмүктээтибит. Сыл аайы хаачыстыбабыт 70% тиийэр. Оскуолабыт үлэтин түмүгүнэн 2017 сыллаахха 1 мөл.солк. СӨ Ил Дархан Гранынан бэлиэтэммитэ. Онон, төһө да «аччыгый кэмпилиэктээх оскуола» диэн статустаннарбыт, «мөлүйүөннээх оскуолалар» ахсааннарыгар киирэбит.

Нэһилиэкпит оройуон кииниттэн 124 км тэйиччи сиргэ сытар. Саас, сайын икки өрүһү – Индигиири уонна Элгини туораан, улуус киинигэр тиийэбит. Айан суола быстар мөлтөх буолан, олус эрэйдэнэбит. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов: «Суола-ииһэ мөлтөх эрээри, хаачыстыбалаахтык үөрэтэр оскуолалары оннунан хаалларыахпыт, үөрэх хаачыстыбата оскуола дьиэтиттэн эбэтэр оҕо ахсааныттан тутулуга суох, учуутал билиини биэрэриттэн тутулуктаах», — диэбитин биһирии иһиттим. Бу күннэргэ тустаах докумуоннары бэлэмнээн, оскуолабытын оннунан хаалларарга үлэлэһэбит.

Быйыл кыһын Өймөкөөн улууһун Төрүт орто оскуолата 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Онон бу дьоһуннаах үбүлүөйүн оскуола үөрэнээччилэрэ уонна кэлэктиибэ үрдүк хаачыстыбалаах үөрэх көрдөрүүтүнэн үөрэ-көтө көрсөллөр. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Төрүт орто оскуолатын архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0