Өймөкөөн Төрүтүн уолаттарын спортка ситиһиилэрэ

Ааптар: 
10.11.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх ыччаттар спортка үрдүк ситиһиилэнэн, төрөөбүт нэһилиэктэрин олохтоохторугар үөрүүлээх сонуну бэлэхтээтилэр.

edersaas.ru

Аныгы үйэ кэмэ буолан, уолаттар төрөппүттэрэ, аймахтара бу үтүө сонуну батсаабынан билиһиннэрдилэр. Онуоха биир дойдулаахтара — төрүттэр ыраахтан-чугастан социальнай ситим нөҥүө бэйэ-бэйэлэригэр эҕэрдэ бастыҥын эттилэр.

Ол курдук,  эдэр спортсмен Арсений Атласов ийэтэ Любовь Атласова : «Бүгүн Владивостокка тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии түмүктэннэ.  Уопсайа бу күрэхтэһиигэ араас омук сирдэриттэн, дойду куораттарыттан 400  тустуук оҕо кыттыыны ылла. 

Биһиги уолбут Арсений бэйэтин ыйааһыныгар 44 киилэҕэ чөмпүйүөннээтэ. Онон үөрүүбүт муҥура суох», — диэн батсаабынан иһитиннэрдэ.

Оттон аатырбыт спортсмен, тустуук, кыһыл краповай берет хаһаайына  Рустам Машарипов төрөөбүт Төрүтүн бүгүн эмиэ дорҕоонноохтук ааттатта. Кини хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир «А» категорияҕа бырааттыы Ноговицыннар туруорбут бириистэригэр  75 киилэ ыйааһыҥҥа кыайыылааҕынан таҕыста.

Аатырбыт спортсмен абсолютнай чөмпүйүөн аатын ылан, МР-155 саанан наҕараадаланна.

300-чэкэ киһи олорор Тымныы полюһун кыракый Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо төрөөбүт дойдуларын дорҕоонноохтук ааттаппыт ыччаттар төрөппүттэригэр  барҕа махталларын тиэрдэллэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — социальнай ситимнэртэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0