Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Дьоруой Дьарааһын аатынан Төрүт орто оскуолатыгар «Идэ талыытын нэдиэлэтэ» буолан ааста.
edersaas.ru
Биллэн турар, киһи сөбүлүүр идэтигэр таба тайаннаҕына, ол кини дьоло. Онон үүнэр көлүөнэ ыччат оскуола паартатыттан инники суолун толкуйдуохтаах диэн санааттан психолог Людмила Кривошапкина уонна алын сүһүөх кылаас учуутала Варвара Дьяконова оҕону интэриэһиргэтэр «Үлэ биржата» диэн бэртээхэй тэрээһини эрдэттэн ымпыгын-чымпыгын толкуйдаан тэрийдилэр.
Бу туһунан улуустааҕы сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, биология учуутала, кыраайы үөрэтээччи Елена Черемкина маннык кэпсиир:
— Оҕолор идэни талыыга туһаайыллыбыт анал боппуруостарга хоруйдаатылар. Идэлэрин уруһуйунан көмүскээһин таһынан, үөрэнээччилэр резюме толоруутун баһылаатылар, «үлэ биэрээччилэри» (оруоллары оскуола учууталлара толордулар) кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр, кинилэр ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.
«Үлэ биэрээччилэр»-учууталлар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ олус бэлэмнээхтэрин, талан ылбыт идэлэригэр билиилэрин таһыма үрдүгүн бэлиэтээтилэр. Учууталлар оҕолору кытта кэпсэтэ олорон, идэни талыыга өссө ханнык тэрээһиннэри ыытыахтарын сөбүн үөрэнээччилэрин кытта сүбэлэстилэр. Онно үрдүкү кылаас оҕолоро тэрээһин бу көрүҥүн олус сөбүлээбиттэрин, идэни таба талыыга, үлэҕэ киирэргэ эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ олус туһалааҕын эттилэр. Оттон алын сүһүөх кылаас оҕолоро идэ туһунан хоһооннору ааҕан, бу тэрээһини эбии сэргэхсэттилэр.
Үөрэнээччилэр кинилэри өссө ханнык көрүҥ интэриэһиргэтэрин бэлиэтээн, икки өттүттэн — оҕоҕо да, учууталга да бэрт туһалаах кэпсэтии таҕыста.
Оттон «үлэ биэрээччи» оруолугар кыттыбыт төрүт култуура учуутала Елена Слепцова оҕолор докумуону кытта үлэни кытта ыкса билсибиттэрин ыйда:
— Кэрэхсэбиллээҕэ баар, оҕолор резюмены толорууну бэркэ баһылаабыттар. Үлэҕэ киириигэ сайабылыанньа суруйан, олохтоох балыыһаттан доруобуйаларын туһунан туһааннаах ыспыраапка, оскуола докумуонун толорор исписэлиистэн анал сурук ылан, олох дьиҥнээхтик үлэҕэ киирэрдии тэринэн кэлбиттэрэ, биһигини, учууталлары, соһутта да, үөртэ да.
«Үлэ биржата» тэрээһиҥҥэ нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Владимир Алексеев кыттыыны ылла. Кини нэһилиэккэ ханнык үлэ миэстэтэ баарын билиһиннэрдэ уонна оҕолор төрөөбүт дойдуларыгар туһалаах уонна бэриниилээх дьон буола улааталларыгар баҕарда. Владимир Петрович: «Хаһан да маннык тэрээһини көрө иликпин», — диэн эппитэ, биһигини өссө туох эрэ үйэлээҕи, кэрэхсэбиллээҕи оҥорууга кынаттаата.
… Ити курдук, 55 эрэ үөрэнээччилээх Тымныы Полюһун — Өймөкөөн улууһун Дьоруой Дьарааһын аатынан Төрүт орто оскуолата 200-чэкэ оҕолоох оскуола таһымнаах үлэтин киһи эрэ хайгыан, холобурга туттуон сөп. Сомоҕолоһуу сылын бастакы ыйыгар үөрэнээччини уонна учууталы сомоҕолуур бэртээхэй тэрээһин бэрт үрдүк таһымнаахтык, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: оскуола архыыбыттан