Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин ойуур баһаара тулалаан, нэһилиэккэ улахан кутталы үөскэттэ.
От ыйын 8 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников ойууру баһаартан харыстааһын суһал ыстаабыгар Төрүт нэһилиэгин аттыгар буола турар баһаар туһунан боппуруоһу көрдө. Селекторынан ыытыллыбыт мунньахха улуус салалтата Төрүт нэһилиэгэр буола турар ойуур баһаарын балаһыанньатын билиһиннэрбитэ. Ол күн баһаар 6 км тэйиччи буола турара биллибитэ. Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев буола турар балаһыанньаны маннык билиһиннэрдэ:
— Айан суола мөлтөх, Төрүт нэһилиэгэ ыраах сиргэ турар буолан, көмүсчүттэр ыарахан кыамталаах тиэхиньикэлэрин аҕалар трал кыайан тиийэр кыаҕа суох. Ол иһин уоту умуруорарга Ыксаллаах быһыы-майгы аэромобильнай бөлөҕүн Төрүккэ ыытарга көрдөспүппүт. Суһал ыстаап бөртөлүөтү ыытарга быһаарыы ылбыта да, Өймөкөөн улууһугар хойуу буруо тунуйан турар буолан, бөртөлүөт кэлбэт буолла. Тахсыбыт балаһыанньанан сибээстээн, ЫБММ уопуттаах байыастарын ыытарга көрдөспүппүтүн салалта ылынан, Уус Ньараҕа 15 байыаһы ыытарга бэлэмнээбитэ. Буруонан сибээстээн, сөмөлүөт эмиэ көтөр кыаҕа суох буолла. Онон быыһыыр баһаарынай хамаанда икки массыынанан «Халыма» федеральнай суолунан кэлэр буолла. Улуус дьаһалтата бу күннэргэ Төрүккэ анал баһаарынай массыынаны уонна мобильнай биригээдэни ыыппыта, күн аайы үлэлииллэр. Ыраах сытар нэһилиэк буолан, олохтоохтор уматыгы кыһыҥҥы суолунан аҕалтаран, эрдэттэн хаһааналлар. Ол иһин улуустааҕы суһал ыстаап нэһилиэк олохтоохторугар тыаттан чугас олорор дьон отторун, хаһаас уматыктарын дьаһаналларыгар, бэринэллэригэр ыҥырда.
… Уот нэһилиэккэ чугаһаабытынан олохтоохтор уоту бохсууга үлэлии сылдьаллар. Төрүт нэһилиэгэр эдэр дьон суоҕун тэҥэ. Нэһилиэнньэ улахан аҥаара биэнсийэлээх дьон, ытык кырдьаҕастар. Бу күннэргэ улуустан кэлбит мобильнай бөлөххө көмөлөһөн, дьахталлар тахсан уоту умуруорууга үлэлииллэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар:Семен Босиков, Александр Атласов, Елена Потоцкая түһэриилэрэ