Өймөкөөн Төрүтүгэр Магадаантан от кэллэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл кураан дьыл буолан, Өймөкөөн улууһа ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньалаах улуустар ахсааннарыгар киирбитэ.

Сүөһүлээх дьону  өйүүр соруктаах улуус баһылыга Иннокентий  Сивцев уонна оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Павел Сивцев СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн үп-харчы туруорсан, Магадаан уобалаһын пиэрмэрэ Сергей Комары кытта оту тиэйиигэ дуогабар түһэрсибиттэрэ.


Бастакы массыыналар оту Өймөкөөн нэһилиэгэр тиэрдибиттэрэ. Бүгүн Төрүт нэһилиэгэр Магадаан уобалаһыттан оту тиэммит массыына Төрүт нэһилиэгэр кэлэн сүөкэннэ.

Нэһилиэк дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар исписэлииһэ, бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутаата Виталий Атласов иһитинэрбитинэн, 13 туоннаны бүгүҥҥү күҥҥэ окко наадыйан олорор биэс ыалга түҥэттилэр.

Сыл бүтэһигэр диэри 148 туонна оттон 70 туонната кэлиэхтээх. Уопуттаах киһи быһыытынан көрдөхпүнэ, быйылгы от буолан, хаачыстыбата куһаҕана суох. Ыйааһына да толору эппиэттиир, — диэн кэпсээтэ Виталий Семенович.

Онон Өймөкөөн улууһун олохтоохторо өйөбүл кэмигэр кэлэн, кыстыгы этэҥҥэ аһардарга эрэллээхтэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0