Өймөкөөн марафонугар Чурапчыттан Василий Лукин тэҥнээҕин булбата (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Өймөкөөн улууһугар “Тымныы полюһа” III кыһыҥҥы марафон ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ 70-ча экстремал-спортсмен кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһин Саха АССР 100, АЛСИБ байыаннай салгын трассата төрүттэммитэ 80 уонна 1-кы гильдиялаах Өймөкөөн меценат-атыыһыта Н.О. Кривошапкин 185 сыллаах үбүлүөйдэригэр ананна.

Олохтоохтор социальнай ситимнэргэ “дойдубут Тымныы полюһа буоларын биллэрдэ, -56 кыраадыһы бэлэхтээтэ” диэн үөрэн суруйаллар.

Бу иннинэ, Саҥа дьыл бырааһынньыктарын саҕана, былыттаах күннэр турбуттара. Сүүрүү кыттыылаахтарын, кырдьык даҕаны, тымныы күн-дьыл туран, кырдьаҕас Өймөкөөн Ийэ айылҕата тургутан көрдө.

Марафон кыттыылаахтарын Дьокуускайтан кэлбит алгысчыт Дмитрий Артемьев алҕаата.

Маннык бытархан тымныыга улахан тэрээһини ыытарга,  ытык Өймөкөөн сирин Айыыларын арчылара хайаан да наада.

Саха сирин спортсменнарын кытары Араб Эмиратыттан уонна Белоруссияттан экстремал-спортсменнар кыттыыны ыллылар.

Марафон кыттыылаахтарын Ил Түмэн Арктика дьыалатыгар уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева уонна улуус баһылыга Иннокентий Сивцев эҕэрдэлээтилэр.

Өймөкөөн нэһилиэгиттэн 10 чаастан сүүрбүт спортсменнар 13 чаас саҕана Томторго тиийэн, марафоннарын түмүктээтилэр. Олохтоохтор социиальнай ситимнэргэ сөҕүү бөҕө буоллулар: “Марафонецтар сүрдээх дии, 3 чааһынан кэлэр диэн, массыына эбит дии. Киһи да соһуйуох…”.

42 км 3 чаас 22 мүнүүтэнэн сүүрэн кэлэн Чурапчы спортсмена Василий Лукин  бастаата! Олохтоохтор былырыын эмиэ кини бастаабытын бэлиэтииллэр. Чурапчы Хадаарыттан сылдьар экстремал-спортмсен Василий Лукин көрдөрүүтэ — бүгүҥҥү күҥҥэ саамай бастыҥ көрдөрүү.

2019 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр Молдавия экстремал-спортсмена Дмитрий Волошин -60°C тымныыга  Өймөкөөн уонна Томтор икки ардыгар 50 км 6 чаас сүүрбүтүн туһунан интернеккэ киэҥник сырдатыллыбыта. 

2019 сыллаахха олунньуга -52 кыраадыска итальянец Вентурини Паоло эмиэ бу туһаайыынан 40-ча км  3 чаас 54 мүн. 10 сөк. сүүрбүтэ.

Култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева иһитиннэрбитинэн, марафонецтар Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн 50 сааһын туолар үбүлүөйүнэн Тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн итии эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Марафонецтар кэлбит соруктарын толорон, Тымныы полюһугар 60-ча кыраадыс тымныыга сүүрэн, таптыыр төрөөбүт Сахатын  сириттэн Ил Дархаммытыгар дьоһуннаах бэлэҕи оҥордулар.

Быйыл Өймөкөөн улууһугар 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыт Н.О. Кривошапкин 185 сылыгар Үтүө дьыала сылынан биллэрилиннэ. Улуус дьаһалтата Култуура уонна туризм сайдыытын управлениета Биир ньыгыл баартыйа «Мэҥэ өйдөбүнньүк» салаатын кытта холбоһон,  бастакы үтүө дьыаланы оҥорон, олохтоохторго кыһыҥҥы туризм умнуллубат бырааһынньыгын бэлэхтээтилэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

Хаартыска уонна видео Аксинья Сивцева тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0