Өймөкөөн Киһилээхтэрэ туристары угуйаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тымныы полюһугар — Өймөкөөн улууһугар туризм сайдыытыгар утумнаахтык үлэлэһэр киһинэн Евгений Кривошапкин буолар.

edersaas.ru


Эдэр предприниматель идэтинэн хайа инженерэ, туризм бэрт кэскиллээх хайысхатын – дьону хайаҕа таһааран күүлэйдэтиини баһылаан эрэр.

Кэлиҥҥи кэмҥэ Өймөкөөн улууһун киинин Уус Ньараны тулалыыр, Өймөкөөн Киһилээхтэринэн биллэр Таас Кыстаабыты анаан ааттаан, туристар кэлиилэрэ элбээтэ.

Бу хайалар өссө “Сарычев хайаларынан” эмиэ биллэллэр. 70-80-с сылларга манна “Индигирзолото” көмүс хостуур комбинатын геологтара “Горнолыжная база” диэн ааттаан, быстах сынньанар дьиэлэри, хайаҕа тахсар тимир “подъемниктары” туппуттара. Дьон кэпсииринэн, онно Уус Ньара олохтоохторо  өрөбүл күннэргэ сынньана, хайаттан хайыһарынан сырылаан түһэ тахсаллара эбитэ үһү. Ол барыта уларыта тутуу сылларыгар алдьанан-кээһэнэн, туһаттан тахсыбыт.

Билигин предприниматель Евгений Кривошапкин “дьону үөрэтэн”, Таас Кыстаабыкка сыһыаран эрэр. Ол туһунан кини бу курдук кэпсиир:

— Баҕалаах дьону Өймөкөөн Киһилээхтэригэр таһаарар буолбутум үһүс сыла. Бастаан үөрэтэ таарыйа, бэйэм табаарыстарбын кытта аҕыйах киһини таһааран көрбүтүм. Онтон иккис сылбар Ski-Doo фирма буранын ылынан баран, тэрилтэлэртэн сакаас хомуйан, дьон көҕүн үөрэтэн көрбүтүм. Социальнай ситим нөҥүө улуустартан туристар тахсар буолбуттара. Ордук Таас Кыстаабыт устун буранынан типтэрэн иһэр хаартыскаларым болҕомтону тардыбыттара.

Былырыын, кулун тутарга, хайаҕа 100 киһини таһаарбытым. Быйыл – 200 киһини. Сылы быһа эргиччи үлэлээтэххэ 300-500 киһиэхэ тиэрдиэххэ сөп.

Евгений Кривошапкин былырыын Кэбээйиттэн сылдьар табаарыһа Айсен Федотовтыын аатырбыт Эльбрус чыпчаалыгар төрөөбүт дойдуларын уонна Саха сирин былаахтарын  таһааран, туһугар, хорсун быһыы холобурун көрдөрбүттэрэ.

Евгенийдыын Өймөкөөн Киһилээхтэрин чыпчаалыгар тахсан туран кэпсэттибит.  Улууспут киинин, Уус Ньараны, “ытыспытыгар ууран” көрө туран, маннык ыраланан кэпсэттибит:

— Арай аҕыйах сылынан, Алдан оройуонугар курдук, улахан күрэхтэһиилэргэ кыттар хайыһардьыттар манна кэлэн дьарыктана сылдьалларын көрбүт киһи…

— Бэрт буолуо этэ…

— Оттон ол баҕа санаа туоларыгар туох нааданый?

— Суолу, “подъемниктары” оҥорорго, кафены уонна гостиницаны тутарга миллиардынан үп көрүллүөн наада. Биһиги наар атын хайалаах омук дойдуларын диэки көрөн, онно ымсыыран тахсабыт. Бэйэбитигэр маннык этиэхтэн кэрэ сир баарын үгүстэр билбэттэр даҕаны.

— Оттон эн оннук бырайыакка ылыстаххына?

— Бакаа миэхэ оннук былаан суох. Кыахтаах, үптээх-астаах киһи сорунар суола. Арай, Таас Кыстаабыт саамай чыпчаалыгар саамай үрдүк толору хааччыллыылаах гостиницаны тутан таһаарбыт киһи диэн ыра санаалаахпын. Ол гостиница кырыыһата — таас. Күһүн, кыһын дьон сулустары көрө сытан утуйуохтара…

— Киһи ымсыырыах, наһаа үчүгэй баҕа санаа дии!

… Евгений баҕа санаата, баҕар, уонча сылынан, баҕар, отут сылынан хайаан да туолуоҕа. Өймөкөөн улууһун муниципалитетын салалтата Ростуризм туризмы сайыннарыыга туһуламмыт федеральнай тус сыаллаах бырагырааматыгар киирэргэ үлэ ыыта  сылдьар.

Онно Уус-Ньараҕа урукку сылларга геологтар туппут “горнолыжкаларын” чөлүгэр түһэрии былаана баар. Оччотугар Евгений Кривошапкин инникини өтө көрөн, дьону Таас Кыстаабыкка аҕалан, туристары бу сиргэ угуйан, улууска туризм бу салаата сайдыытыгар улахан хамсааһыны оҥорон эрэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интернеттэн уонна ааптар түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0