Быйыл Өймөкөөн улууһа 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан уонна улуус суолталаах үбүлүөйүнэн сибээстээн «100 үтүө дьыала» биллэриллибитэ.
edersaas.ru
Бу тэрээһиҥҥэ кыттыһан, улуус бөдөҥ тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ уонна нэһилиэктэр олохтоохторо, уопсастыбанньыктар интэриэһинэй үлэни ыыталлар.
Бу күннэргэ улуустааҕы Уус-Ньара бөһүөлэгин бибилэтиэкэтэ оройуон олохтоохторуттан Өймөкөөн улууһун 100 сыллаах историятын кэрэһэлиир хаартыскалары хомуйан, «Саһарбыт страницалары арыйан…» диэн саамай былыргы хаартыскаҕа куонкурус биллэрдэ.
Өймөкөөҥҥө бу куонкуруһу олус сэргии ылыннылар. Дьиэҕэ олоруу кэмигэр киһи үксэ дьиэтээҕи фотоальбомнарын бэрийэр аатыгар түстэ. Куонкуруска кыттар хаартыскалар бары бибилэтиэкэ саайтыгар туруоруллан, дьон болҕомтотугар тахсыахтара. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьон номнуо бэртээхэй историческай хаартыскалары ыыттылар. Холобура, Татьяна Винокурова эһэтэ Конон Винокуров (1903 с.т.) Черскэй хайаларын арыйбыт Костантин Салищев эспэдииссийэтигэр сирдьитинэн сылдьыбыт хаартыскатын ыытта.
Оттон бу Уус-Ньара олохтоохторо 1952 с. «Вербнай» баскыһыанньаҕа тыаҕа сылдьан баран, Индигиир өрүскэ кэлэн тураллар.
Оттон бу «Өймөкөөн» сопхуос бастакы суоппардарын Петр Романович Скрыбыкин, Семен Дмитриевич Атастыров (1963 с.) хаартыскаларын Сордоҥноохтон Варвара Иванова батсаапка ыытта.
Ити курдук, сотору кэминэн былыргы хаартыскалар Өймөкөөн улууһун 100 сыллаах историятын сиһилии кэпсиэхтэрэ. Хаартыскалары нэһилиэктэртэн, оройуон кииниттэн Уус-Ньараттан улуустааҕы сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» уонна нууччалыы тыллаах «Северная заря» хаһыаттар батсаап-бөлөхтөрүгэр ыытыахтара.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска – батсааптан.