Өймөкөөн улууһугар быйылгыттан «Ай-Молкээн» эбээн норуотун ассоциацията бэрт тэрээһиннээх үлэни ыытар.
Бу күннэргэ ассоциация салалтата улуус нэһилиэктэринэн сырытта. Сырыы туһунан уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Марианна Таркова бу курдук кэпсиир:
— Ааспыт нэдиэлэҕэ, кэлэр сылга улууска ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕынан сибээстээн, аҕыйах ахсааннах норуоттар түөлбэлээн олорор нэһилиэктэригэр туох ханнык үлэ бара турарын билсэ, санаа үллэстэ, бэлэмнэнэ сылдьар Өймөкөөн улууһугар олорор эбээн норуотун туһунан кинигэҕэ матырыйаал хомуйаары уонна да атын боппуруостарга «Ай-Молкээн» Ассоциация сэбиэтин чилиэнинээн Валентина Прокопьевалыын нэһилиэктэр дьаһалталарын тутаах үлэһиттэрин, ытык кырдьаҕастарбытын кытта сирэй көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн кэллибит.
Сордонноох нэһилиэгин олохтоохторун 32% аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ бары 100% докумуоннарын элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ) нөҥүө Арассыыйатааҕы реестэргэ ыппыттарын, түмүктэрин кэтэһэллэрин уонна национальнай нэһилиэк статуһун ыларга туруорса сылдьалларын, ыһыахха анаан быһыллыбыт былааннаах олбохторун тигэн бүтэрэн олороллорун туһунан Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Анна Павлова кэпсээн үөртэ.
Үчүгэйгэ былаан быһыытынан дьоммутун көрсөн, санаа атастаһан кэллибит. Олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Наталья Громова Өймөкөөн улууһун биир ытыктанар киһитэ, эбээн норуотун уус-уран айымньытын сурукка тиһэн хаалларбыт Егор Данилов айымньыларыгар 4 сааһыттан обургу саастаахтарга тиийэ “Данилов ааҕыылара” диэн сыл аайы улуус иһинэн күрэһи тэрийэн ыытар. Быйыл бу күрэс өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаммыта. Ыаллыы олорор улуустартан уонна Дьокуускай куораттан кыттыбыттара үөрдэр. Наталья Кимовна Саха АССР 100 сылынан 100 киһилээх “Киэн тутта ааттыбыт” диэн истиэндэ матырыйаалын хомуйан онорбут. Улахан үлэ. Наталья Громова саҥалыы көрүүлээх үлэһит, ылыстаҕына түмүгэр диэри тиэрдэрэ кэрэхсэтэр.
90-чалаах Мария Громоваҕа сылдьан бэйэбит санаабытын тиэрдэн кэллибит. Ытык кырдьаҕас өссө “отоннуу барыахтаахпын туттугут” диэн ыксыы олордо. Билигин да олох үөһүгэр сылдьара кэрэхсэтэр. Биһиги санаабыт — көс омуктар туттар сэптэрэ-сэбиргэллэрэ, таҥастара -саптара, хаартыскалара Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр Н.М.Заболоцкай аатынан тумэлгэ тиксэрэ буоллар диэн. Бу сайыҥҥы кэмҥэ биир дойдулаахтарбыт бэйэлэрин ампаардарын сиксийэн, ууруна сылдьар кэриэс таҥастарын саҥардан, мусуойга туттарыахтара диэн эрэнэбит.
Ити курдук, Тымныы полюһа Өймөкөөн аҕыйах ахсааннах норуоттара түөлбэлээн олорор нэһилиэктэригэр эһиил буолар Олоҥхо ыһыаҕар уопсастыбаннай тумсүүлэри сөргүтэн, уһугуннаран, үлэлэтэн эрэллэрэ үөрдэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.