Өймөкөөн «Үчүгэй» сылгы иитэр тэрилтэтэ кэҥиэҕэ (ВИДЕО)

22.05.2017
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр сылгы иитиитинэн дьарыктанар «Үчүгэй» УоПХ 70-ча сыспай сиэллээҕи иитэн туруорар. Командировкаҕа тиийэ сылдьан, дириэктэр Руслан Атласовтыын Үчүгэйтэн 33 км кэриҥэ ыраах сытар Дьэкэй диэн сиргэ сылгы базатыгар бара сырыттыбыт.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сэбиэскэй кэм саҕана тутуллубут сылгы улахан базата буолар. Бу эргин сылдьар, турар сылгы төрүүр-уһуур сирдэрэ-уоттара, – диэн Руслан Михайлович. – Билигин күрүөнү-хаһааны саҥарда сылдьабыт. Биригээдэ тэрийэн, үллэрээ сылтан улахан далы саҥардан оҥордубут. Хас эмит биэрэстэ уһуннаах сири уларыттыбыт. Быйылгыттан саҕалаан бу иккис дал күрүөтүн маһын уларытыахпыт. Сорох өттө сууллан эрэр. Бу дал оҥоһулуннаҕына, икки далынан аны 8-10 сылынан 600-700 сылгы киирэн туруохтаах. Ол аата сылгы ахсаанын элбэтэн сорук турар.
Сэбиэскэй кэмҥэ тутуллубут сылгыһыттар дьиэлэрэ эмиэ эргэрдэ. Сарайын быйыл уларытыахпыт. Пластик- түнннүктэри сакаастаан оҥордубут, ону аҕалан туруоруохпут. Дьиҥэр, дьиэтэ хапытаалынайдык тутуллубут буолан, билигин да этэҥҥэ турар. Эбии күүлэ оҥорон биэриэхпит.

  Бу дал аанын сылгы аспатын  диэн маннык ньыманы туһаналлар эбит. Быалаах мас харахалаах ааны  хайдахтаах да күрүөһүт сылгы арыйбат дииллэр.

Дьэкэйгэ турар сыспай сиэллээхтэри өр сылларга сылгыһытынан үлэлээбит Сергей Винокуров көрөр-истэр. «Быйыл сылгы төрүөҕэ ама. Үгүс биэ базаттан тэйиччи турар буолан, күҥҥэ хаста да көрөн-истэн кэлэбит. Бэҕэһээ адьас түүн кэлбиппит. Кэтит баппаҕайдаахтар биэлэри бадьыыстыахтара диэн ол манабыла-кэтэбилэ. Бу билигин эмиэ уолаттарбын кытта бараары сылдьабын. Чугас эһэ часкыйара иһиллибитэ», – диэн уопуттаах сылгыһыт бэрт түргэнник быһыта-орута кэпсээт, миинэр миҥэ аттарын диэки хаамта.

    Дьэкэй сылгы базатын уонна Учүгэй нэһилиэгин икки ардыларыгар Үчүгэй үрэх үрдүгэр маннык эһэ сохсото баар.  Иитиллибэккэ турар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0