Өймөкөөнү аатырдыбыт АЛСИБ сөмөлүөттэрэ түһэр аэропордугар — пааматынньык

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр улуус устуоруйатын летопиһыгар көмүс буукубунан суруллубут АЛСИБ байыаннай сөмөлүөттэрэ түһэн ааспыт байыаннай аэропорт саамай көстүүлээх сиригэр суолталаах пааматынньык оҥоһуллан, миэстэтин булла.

edersaas.ru

Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Никифор Протопопов бу курдук кэпсээтэ:

— Пааматынньыгы Дьокуускай куоракка  «Цикл» ХЭТ сакаастаан оҥоттордубут. Биһиги биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи Спиридон Слепцов  Аляска-Сибиир байыаннай көтөр ааллар трассаларын лүөччүктэригэр, бу байыаннай суолталаах эбийиэги туппут үлэ фронун кыттыылаахтарыгар анаан олус дириҥ ис хоһоонноох кинигэ суруйан бэчээттэппитэ.

– Биһиги Өймөкөөн улууһа 100 сыллаах дьоһуннаах үбүлүөйүнэн, Улуу Кыайыы 75 сылынан сибээстээн, бу кинигэҕэ киирбит байыаннай аэропорду тутууга  уонна сэрии кэмигэр онно үлэлээбит Өймөкөөн улууһун олохтоохторун уонна тыылга Улуу Кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэрин ааттарын ыйан туран, урут бу сиргэ турбут стеланы саҥардан оҥордубут. Манна үп-харчы көһүннэҕинэ Өйдөбүнньүк- искибиэр тутуохпут.

Тымныы полюһун — Өймөкөөн оройуонун дьоһуннаахтык ааттаппыт, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр байыаннай сөмөлүөттэри түһэрэ сылдьыбыт  аһаҕас халлаан анныгар турар пааматынньык – аэропорт сирин-уотун олохтоох дьаһалта бэйэтин болҕомтотугар ылан, тимир күрүөлээн-хаһаалаан хаһаайынныы үлэни ыыппыта кэрэхсэбиллээх.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0