Өймөкөөҥҥө кыһыҥҥы сөтүө саҕаланна!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун үгүс нэһилиэктэригэр -57 кыраадыстан тахса тымныы.

edersaas.ru

Сорох нэһилиэнньэлээх пууҥҥа -60 кыраадыс бэлиэтэннэ. Төһө да сыстыганнаах дьаҥ өрө турдар, туристар бу аптаах кыһыҥҥы кэми куоттарбат буола сатыыллар.

Бүгүн Өймөкөөн улууһугар тымныы саамай түһэр сиригэр Агайакааҥҥа таба тириитинэн балаакка туруоран, оһох оттон, ойбон алларан, анаан сөтүөлээбиттэрэ — улуус батсаап бөлөхтөрүгэр тарҕанна.

«Сыстыганнаах дьаҥы тарҕаппат сыалтан, нэһилиэнньэлээх пууннарга киирбэккэ эрэ, биирдиилээн туристар маннык дьаһаналлара саамай сөп», — диэн олохтоохтор социальнай ситимнэргэ суруйаллар.

Онон бу күннэргэ Тымныы полюһугар тымныы саамай сатыылаан турар кэмигэр өйүмүгэ, ойбоннорго сөтүөлээччилэргэ «күөх уот умайда»!

https://youtu.be/jgACbRE2SXk

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска уонна видео — батсааптан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0