Өймөкөөҥҥө Чысхаан «тымныыны» Эбэ Хайатыгар харайыыга уурда

Ааптар: 
28.03.2018
Бөлөххө киир:

Ааспыт өрөбүл күннэргэ Өймөкөөн улууһугар 18-с төгүлүн «Тымныы полюһугар айан» диэн кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ буолан ааста.

edersaas.ru

Сылдьыбыт дьон бэлиэтииллэринэн, туризм тэрээһинигэр хаһааҥҥытааҕар да элбэх турист ыалдьыттаата. Ол, арааһа, быйыл кыһыны быһа Өймөкөөн улууһун тымныыта аан дойдуга биллибитин, тохсунньу-олунньу ыйдарга аан дойду бары куораттарыттан туристар хото кэлэ сылдьыбыттарын кытта ыкса сибээстээҕэ чахчы.
Быйыл кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр 200-тэн тахса турист кэлэн барда. Ол курдук, Бельгияттан, Германияттан, Индонезияттан, Нидерландыттан, Польшаттан, АХШ-тан, Францияттан уонна Чехияттан кэлбит туристары ааттатталыахха сөп. Ордук элбэх дэлэгээссийэлээх Кытай туристарын бэлиэтиэххэ сөп. Маны таһынан тэрээһиннээх автораллига өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа араас куораттарыттан кэлэн кыттыыны ыллылар.

Олохтоох предпринимателлэр кыһыҥҥы туризм бэстибээлин тэрийсиигэ көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кинилэр дьону ыалдьыттары түһэрэр дьиэлэргэ усулуобуйа тэрийбиттэрин таһынан, туристары саататар интэриэһинэй тэрээһиннэри тэрийдилэр: музейдарга сырытыннардылар, табанан хатааһылаттылар, муус аннынан балыктааһыны тэрийдилэр, саха ынаҕын, сылгытын иитии усулуобуйатын көрдөрдүлэр, тоҥмот өйүмүгэ сөтүөлэттилэр.

Сүүрбэччэ сыл устата тэриллибит бэстибээлгэ быйыл хааччыллыы, санитарнай турук  боппуруостара турбатылар, бары уустук барыта силигин ситтэ диэххэ сөп.  Онон турэбийиэктэри салгыы сайыннарарга дьулуһуохпут. Үгүс ыалдьыттары түһэрэр дьиэлэр толору хааччыллыылаахтар. Быйыл Өймөкөөҥҥө өссө икки кэскиллээх турбырайыагы олоххо киллэрэр соруктаахпыт. 

Быйыл бэстибээл кэмигэр интэриниэт сибээһэ туох да харгыһа суох олохтоммутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Онон  үгүс турист аймахтарыгар, табаарыстарыгар бэстибээлтэн сонуннары, хаартыскалары кэмигэр хото тарҕаттылар. Маныаха, СӨ Сибээһин уонна информационнай технологияларын миниистирэ  Александр Борисовка Томторго интэриниэт сибээһи киллэрэргэ тус кылаатын,  улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаровка «Тымныы полюһа» бренды сайыннарыыга уонна Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин кытта туризм сонун хайысхаларын тобулууга сыралаах үлэтин иһин барҕа махталбын тиэрдэбин.

Улуус дьаһалтатын салалтата ыалдьыттары түһэрэр дьиэлэри тутууга өрөспүүбүлүкэни кытта тэҥҥэ үбү уган өйүүрэ хайҕаллаах суол. Кэлиҥҥи сылларга «Дьокуускай куорат» дьаһалтатын баһылыга Айсен Николаев Тымныы полюһун Өймөкөөнү кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, ыкса үлэлэһэн эрэр. Бу, биллэн турар, икки өттүттэн туризм салаатын сайыннарыы тосхолугар улахан хамсааһыны оҥордо. СӨ Автомотоспорт федерацията ралли-рейд курдук бэрт кэскиллээх тэрээһини ыытан, Саха сирин Тымныытын инники күөҥҥэ тутан, туризм сайдыытыгар дьоһуннаах кылаатын киллэрдэ, — диэн фейсбукка суруйар СӨ Инвестиция сайдыытын уонна предпринимательство дьыалатын миниистирэ Антон Сафронов.

Чысхаан резиденцията сылтан сыл аайы тупсан иһэр. Музей директора Розалия Дягилева бэлиэтииринэн, муус музей сорох экспозицияларын саҥардыбыттар. Онно хаары, мууһу оскуола оҕолоро, олохтоох ыччаттар киллэрэн көмөлөспүттэр. Быйыл Чысхаан резиденциятыгар хаһааҥҥытааҕар да элбэх турист сылдьыбыт.

Өймөкөөн нэһилиэгэр ыытыллыбыт «Байанай күрэҕэ» диэн булчуттар күөн-күрэстэрэ үгүс турист болҕомтотун тарта.

Бу куонкурус кыттыылаахтара булчут бары албастарын арыйдылар. Түмүккэ  1 миэстэҕэ — Өймөкөөн олохтооҕо Николай Винокуров,  2 миэстэҕэ — Төрүттэн Семен Босиков, 3 миэстэҕэ — Биэрэк Үрдүттэн  Иван Слепцов таҕыстылар.

Тымныы полюһун Кэрэ Куотун талыы — бэстибээл сүрүн тэрээһинэ. Быйыл Өймөкөөн нэһилиэгин меценат атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын аатынан орто оскуола 11-c кылааһын үөрэнээччитэ Алена Терентьева «Өймөкөөн Кэрэ кыыһа» бочуоттаах аакка тигистэ. Иккис миэстэҕэ саха аатырбыт суруйааччыта Ньукулай Заболоцкай аатынан Томтор орто оскуолатын үөрэнэччитэ Нарыйа Винокурова таҕыста. Онон Тымныы полюһун кэрэ кыргыттара төрөөбүт дойдуларын дорҕоонноохтук ааттаттылар.

Бэстибээл иккис күнүгэр «Чуум хаһаайката» диэн табаһыттар дьиэ кэргэттэригэр аналлаах куонкурус ыытылынна. Онно 1 миэстэни Екатерина Данилова, 2 -һи Любовь Ашеина, 3-һү Любовь Константинова ылан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Быйыл үчүгэйдэр бэстибээл тэрээһинигэр нэһилиэгинэн кэлэн, олус актыыбынайдык кытыннылар.

«Табаһыт күнүн» чэрчитинэн Үчүгэй нэһилиэгин табаһыттара таба сүүрдүүтүн тэрийдилэр. Кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэри баһылык Михаил Захаров  туттарда. Оттон табаны саҥа көрөр туристарга, биллэн турар,  бу бырааһынньык олохторугар умнуллубат түгэни бэлэхтээтэҕэ!

Эһиилги кыһыҥҥа диэри Тымныы символа Чысхаан резиденциятыгар хараллыыга бэрилиннэ.

Ахсынньыга Чысхаан таас хайа тымныы дьиэтиттэн тахсан, Кыһыны Саха сириттэн  саҕалыаҕа.

… Ити курдук бэртээхэй бырааһынньык — кыһыҥҥы туризм 18-c төгүлүн ыытыллар бэстибээлэ Тымныы полюһун ыалдьыттарын быйыл эмиэ олуһун астыннарда. Тымныы бэлиэтэ Эбэ хайатыгар кистэнэн, күн уота сылаастык тыкта, күөххэ үктэнэрбит аҕыйах ый хаалла!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0