Өймөкөөҥҥө «Чысхаан оскуолата» аһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн Тымныы полюһугар —  Өймөкөөҥҥө Н.О. Кривошапкин аатынан орто оскуолаҕа Тымныы хаһаайына «Чысхаан оскуолата» бырайыак олоххо киирдэ.  

edersaas.ru

Тэрээһини Өймөкөөн улууһун дьаһалтата кыттыылаах СӨ Арктическай култуура института сүрүннүүр. Cоруга — Тымныы полюһун оҕолоро айар, уруһуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы. Улуус чугас нэһилиэктэриттэн айар куттаах оҕолор уонна ыччаттар мустан, Чысхаан брендин  сайыннарыыга туһуламмыт сувенирдары оҥорууга уонна уруһуйга Арктическай институт преподавателлэригэр уонна өрөспүүбүлүкэ ааттаах-суоллаах маастардарыгар уһуйуллаллар.

Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ анаан алгысчыт Уот иччитин аһатан, алҕаан, кэскиллээх бырайыак силистэнэн-мутуктанан иһэригэр баҕарда.

Тэрээһин түмүгүнэн ураты дьоҕурдаах уонна толкуйдаах оҕолор “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” событийнай туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар «Арктический хронотроп-2018» норуоттар икки ардыларынааҕы  тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылыахтара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэс Чысхаан  уонна Тымныы тиэмэтин Арассыыйаҕа уонна Европа дойдуларыгар сырдатыыга анаан ыытыллар. Тымныы полюһугар Чысхаан оскуолатын аһан үлэлэтии курдук улахан суолталаах бырайыак ааптара – психологическай наука кандидата, доцент, гуманитарнай наука доктора Күннэй Такасаева. Кини Польша-Сибиир научнай бөлөҕүн сүрүннээччитэ, Варшавскай Университет Артес Либералес факультетын преподавателэ. Наука диэйэтэлэ бу күннэргэ Польшаттан көтөн кэлэн, Тымныы полюһугар айаннаата.

Чысхаан уобараһын аан дойду таһымыгар бренд оҥорорго Польша тоҕо ылыста?

Польша Арктикаҕа интэриэһэ – научнай чинчийиини оҥоруу. «Чысхаан оскуолата» бырайыагы тэрийээччилэр Тымныы полюһунан биллэр Өймөкөөнү РФ Арктическай зонатыгар киллэрэр туһугар араас ис хоһоонноох үлэни ыыталлар. Онуоха Чысхаан остуоруйа дьоруойун быһыытынан сүҥкэн өйөбүлүнэн буолара саарбаҕа суох.

Чысхаан оскуолатын тэрийээччилэр былааннара киэҥ:

  • Өймөкөөн орто оскуолатын уонна Арктическай институт базаларыгар «Чысхаан кыһыҥҥы оскуолата талааннары түмэр» бырайыак чэрчитинэн Чысхаан уобараһын научнай төрүккэ олоҕуран, хас да айар бөлөҕү тэрийии;
  • аан дойдуга кэлиҥҥи сылларга күн-дьыл туруга  сылыйан  эрэрин учуоттаан,  Чысхаан туһунан айар күрэхтэри  ыытыы;
  • IT-технологияны баһылаабыт ыччакка, оҕолорго Чысхаан уобараһын арыйыыга уруһуй, көмпүүтэринэй  графика (комикстар, мультипликационнай киинэлэр) нөҥүө  куонкурустары тэрийии.
  • Чысхаан уобараһын Арассыыйа уонна Европа дойдуларыгар араас тэрээһиннэргэ, бэстибээллэргэ  туһаныы;
  • Өймөкөөҥҥө Тымныыны араҥаччылыырга сыһыаннаах арктическай регионнар уонна Арктическай сэбиэт дойдулара кыттыылаах норуоттар икки ардыларынааҕы «төгүрүк остуолу» ыытыыны былааҥҥа киллэрии уонна тэрийии;
  • Варшава к. Арктическай регионнар кыһалҕаларын ырытыыны үөрэтиигэ, социальнай-култуурунай сыаллаах брендэлэри сайыннарыыга уонна тарҕатыыга уопут атастаһар научнай сэминээри ыытыы;
  • Өймөкөөн орто оскуолатын базатыгар Чысхаан уобараһын арыйыыга уруһуй куонкуруһун тэрийии. Ол уруһуйдары Арктическай култуура институтун базатыгар көмпүүтэр-графика дизайныгар киллэрэн, анимация нөҥүө Чысхаан уобараһын арыйыы. Итинэн оскуола уонна үрдүк үөрэх кыһаларын биир ситимнээхтик үлэлииллэрин ситиһии.

«Чысхаан кыһыҥҥы оскуолата талааннары түмэр» бырайыак Хотугу сир уонна Арктика уустук климатическай усулуобуйалаах сиригэр анаан ыытыллара Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах оҕолоох  оскуолаларыгар холобур буолуон сөп. Үгүс арктическай уонна хоту регионнарга Тымныы символын көрдөрөр, арыйар  дьоруойдар  бааллар. Онон тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, бу бырайыак кинилэргэ оҕону патриотическай тыыҥҥа уонна экологическай хайысхаҕа иитиигэ кэккэ инновационнай бырайыактары толкуйдааһыҥҥа олугу ууруоҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыскаҕа Агафья Готовцева түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0