Өймөкөөҥҥө бүгүн 61 кыраадыс тымныйда

Ааптар: 
01.02.2017
Бөлөххө киир:

 

“Тымныыбыт сүрдэннэ. Бүгүн ыаллар термометрдара 60-61 кыраадыһы бэлиэтээтэ”, — диэн батсаапка өймөкөөннөр группаларыгар суруйса олороллор.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Халлаан туругун бэлиэтиир көннөрү термометры өймөкөөннөр туттубат буолбуттара уонча сыл буолла. Билигин Тымныы полюһун олохтоохторо -72 кыраадыһы көрдөрөр “Полюс холода” диэн чопчулаан суруллубут, урбаанньыт В.А. Кулагин патеннаан оҥортобут термометрын тутталлар.

Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо, омуктары түһэрэр гостиницалаах урбаанньыт Тамара Васильева: “Мин бу термометрынан туһаммытым төгүрүк уон сыл буолла. Омуктар Өймөкөөн сиригэр үктэнээт, бастакы баҕалара – таһырдьа турар прибор көрдөрөр кыраадыһын көрүү. “Полюс холода” диэн суругу көрөөт, олус долгуйаллар, өр көрдөөбүттэрин булбуттуу, сүрдээҕин үөрэллэр”, — диэн кэпсиир.

«Тымныы полюһа Өймөкөөн» МТ  баһылыгынан үлэлээбит Рустам Кривошапкин: “Өймөкөөн олохтоохторо бырабыыталыстыба, улуус баһылыгын отчуоттарыгар -70 кыраадыһы көрдөрөр термометрда оҥорторуҥ”, — диэн өрүү көрдөһөллөрө. Муниципальнай тэриллиибит “1-кы Бороҕон нэһилиэгэ” диэн ааттааҕын, омук дьоно Тымныы полюһунан ааттанар Өймөкөөҥҥө кэлэн баран, “Тоҕо Бороҕон дэнэрий?” – диэн муодарҕыыллара. Ол иһин 2012 сыллаахха “Полюс холода — Оймякон” диэн официальнай аакка уларыппыппыт. Билигин маннык аатынан биһигини интэриниэттэн холкутук булаллар”, — диэн кэпсиир.

… Бу чааска тымныытынан аатырбыт Өймөкөөн улууһун олохтоохторо: “Кытай туриһа -60 кыраадыс тымныыга эрэйи көрбөккө, төннөргө санаммыта ордук. Биһиги, бытархан тымныыны эппитинэн-хааммытынан билэр, тыйыс усулуобуйаҕа олорор дьон, Тымныы полюһа арктическай улуус ахсааныгар киирбэтиттэн олуһун хомойобут”, — диэн батсаап группаларыгар бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр. Оттон бүгүн  Өймөкөөҥҥө  кэлэр 50-с дойду туриһынан регистрацияламмыт филиппинецкэ  60 кыраадыс тымныы – кини олоҕор хаһан да умнуллубат бырааһынньык…

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0