Өймөкөөҥҥө 6-с кылаас үөрэнээччилэрэ былаһаакка туттардылар
Өскө Өймөкөөн улууһун Сордонноох нэһилиэгин 6-с кылааһын үөрэнээччилэриттэн: «Эн санааҕар, төрөөбүт дойдуҥ туохтан саҕаланарый?», — диэн ыйыттахха, бука: «Биһиги спрортивнай былаһааккабытыттан!» — диэн үөрэ-көтө хоруйдуох этилэрэ.
Кырдьык, быйыл саҥа үөрэх дьылыгар спорду кытта эйэлээх нэһилиэк олохтоохторун оҕолоро волейболунан, баскетболунан, мини-футболунан, тенниһинэн, сүүрүүнэн саҥа былааһааккаҕа дьарыктанар кыахтаннылар. Интэриэһинэйэ баар, бу тутуу туһунан былырыын саас 6-с кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэрэ олохтоох дьаһалта баһылыгар этии киллэрбиттэр. «Ол хайдах?» диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Сыл аайы муниципальнай тэриллии баһылыга Иван Максимов орто оскуола кэлэктиибин кытта кылаастартан нэһилиэги тупсарыыга анал бырайыактары хомуйаллар эбит. Оҕолор бу толкуйдарын, биллэн турар, төрөппүттэрин, кылаастарын салайааччытын кытта биир сүбэнэн оҥороллор. Ол аата нэһилиэк барыта кыттыыны ыларын кэриэтэ. Дьаһалта баһылыга кыайбыт кылаас бырайыагын олоххо киллэргэ сорук ылынар.
«Биһиги бу спортивнай былаһаакканы мииринэйдэр уопуттарыгар олоҕуран үтүгүннүбүт. Былаһаакка эрэһиинэтэ кыраадыс уларыйыытыгар бэриммэт эбит. Ол эбэтэр кыһын манна уу кутан, каток оҥоруохпут. Оччоҕо оҕолорбут бэйэлэрин былаһааккаларыгар аны хатааһылыахтара», — диэн санаатын үллэстэр Иван Максимов.
Былаһаакканы олохтоох тутуу биригээдэтэ үс мөл. солк. иһигэр тутта. Тутуу матырыйаалын таһарга өссө да элбэх үп бараныаҕын, нэһилиэк дьаһалтата бэйэтэ КамАЗтардаах, тыраахтардаах буолан, ыарахан уйуктаах тиэхиньикэлэр ороскуоту аччаттылар.
Онон Сордоҥноох нэһилиэгин салалтата оҕолор үтүө көҕүлээһиннэрин өйөөн, олохтоох нэһилиэнньэ «Мин нэһилиэгим — мин дьылҕам» диэн санаанан салайтаран, төрөөбүт дойдуларын тупсарар, сайыннарар соруктара туолла.
Елена ПОТОЦКАЯ