Өйгө-сүрэххэ өрүү тыыннаах Тимофей Сметанин

Бөлөххө киир:

Иван Шамаев дириэктэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ сэтинньи 25 күнүттэн  ахсынньы 7 күнүгэр диэри Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, РФ Тыйаатыр сылынан дэгиттэр талааннаах поэт, прозаик, драматург, буойун-суруйааччы, Тимофей Егорович Сметанин  төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах  дэкээдэ буолан ааста. Бу туһунан лиссиэй саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Саргылана Игнатьева кэпсээтэ.


— Суруйааччы төрөөбүт күнүгэр кылаастарынан онлайн-викторина ыытылынна. Манна  Тимофей Сметанин оҕо эрдэҕинээҕи таптал аатын, айымньылара хас сыллаахха суруллубуттарын, айымньылар сүрүн дьоруойдарын туһунан, уо.д.а. уопсайа 40 ыйытыы киллэриллибитэ. Күөн күрэскэ барыта 12 кылаас  билиилэрин тургутан илин-кэлин түһүстүлэр. Күрэхтэһии түмүгүнэн 11 физико-математическай кылаас хамаандата кыайыылааҕынан таҕыста. Иккис, үһүс бириистээх миэстэлэри 11 уонна 10  гуманитарнай кылаас үөрэнээччилэрэ ыллылар.

Дэкээдэ устатыгар «Мин Сметанин айымньытын дьоруойабын», суруйааччы айымньыларынан «Бастыҥ тылбаас», хоһоон ааҕыыларын, «Сметанинныы айабыт» диэн күөн күрэстэр сэргэхтик ыытылыннылар. Манна саамай көхтөөх кыттыыны  кыра кылаастарга 5 уонна 7, үрдүкү кылаастарга физико-математическай, тэхиньиичэскэй, биолого-химическэй  хайысхалаах кылаастар ыллылар. Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Кинилэргэ дохсун ытыс тыаһыгар арыаллатан Добун, Махтал суруктар, бириистэр туттарылыннылар.

Ахсынньы 7 күнүгэр «…Син биир этиэҕим: сирдээҕи дьолу билэбин» диэн тематическай киэһээ олус истиҥ буолла. Тылбытын быһа гыммакка, оҕолорго норуот таптыыр суруйааччытын туһунан күндү ыалдьыттарбыт,  ХИФУ преподавателлэрэ:  профессор Зоя Константиновна Башарина, сахалыы-нууччалыы тылбаас кафедратын доцена Акулина Александровна Васильева, Хаҥалас улууһуттан «Хаҥалас» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Ермолай Еремеевич Скрябин кэпсээтилэр.  Манна даҕатан эттэххэ, Ермолай Еремеевич бу долгутуулаах күн Тимофей Сметанин кыыһа Татьяна Тимофеевна көрдөһүүтүнэн кэлбитэ. Ыалдьыттар суруйааччы айымньылара өлбөт-өспөт тыыннаахтарын, Хаҥаласка олорбут олоҕун-дьаһаҕын туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтилэр.

«Ааҕар Саха сирэ» чэрчитинэн лиссиэйгэ «Ааҕар оскуола» күргүөмүнэн ааҕыы бырайыагар 5 кылаас үөрэнээччилэрэ  суруйааччы «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ», «Егор Чээрин» сэһэннэрин умсугуйан ааҕалларын туһунан сырдаттылар.  Быйылгы үөрэх дьылыгар аахпыт Мэхээлэчээннэрин туһунан бу кылаас үөрэнээччилэрэ Света Винокурова, Маша Эверстова, Арылхан Алексеев, Андрев Николаев, Будимир Мыреев санааларын сайа эттилэр, Мэхээлэчээн булугас өйүн, барыны бары сатыырын бэлиэтээтилэр, хайҕаатылар, айымньыттан олус элбэҕи билбиттэрин эттилэр.  Оҕолор ааптар бэйэтин оҕо сааһын суруйбут диэн сабаҕалаатылар, көрөөччүлэри бу айымньыны ааҕалларыгар ыҥырдылар. Алтыс кылаастан Данил Лукачевскай, Саша Слепцов хас биирдии саллаат Егор Чээрин курдук хорсун-хоодуот, мындыр  буолуохтарын наадатын ыйдылар.

Түгэнинэн туһанан эттэххэ, «Ааҕар Саха сирэ» уопсастыбаннай түмсүү бэйэтин тула биир санаалаахтарын — саха тылын учууталларын, бибилэтиэкэрдэри түмэр соруктаах.  Онон ааҕыыны сэҥээрэр, сэргиир,  көҕүлүүр дьоммутун бу түмсүүгэ киирэн кыттыһаргытыгар, үлэлииргитигэр-хамсыыргытыгар ыҥырабыт.

Долгутуулаах күммүт муҥутуур чыпчаалынан эдэр учуутал Үүйэ Дмитриевна Николаева сценарийынан, туруоруутунан «Егор Чээрин» испэктээкили көрүү буолла. Манна лиссиэй 8-10 кылааһын үөрэнээччилэрэ, барыта 21 оҕо кытынна. Оҕолор ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, бэлэмнэнэн оонньоотулар.  Сүрүн оруолга оонньообут Айтал Гуляев, Арыйаан Багинов,  Эрхан Семенов көрөөччүлэри улаханнык долгуттулар, ураты эйгэни үөскэттилэр. Маны сэргэ, испэктээккэ кыттыбыт хас биирдии оҕо оруолун ис сүрэҕиттэн ылынан оонньообута олус кэрэхсэммитин, дьон-сэргэ наһаа астыммытын бэлиэтиир наадалаах. Испэктээги көрбүт оҕолор бииргэ үөрэнэр доҕотторун адьас атын харахтарынан көрөн улаханнык долгуйдулар, доҕотторунан киэн тутуннулар.  Онон испэктээк уус-уран салайааччытын быһыытынан  эттэхпинэ оонньуу табылынна, сыал-сорук ситиһилиннэ.

Түгэнинэн туһанан бастыҥ баһыыба, мааны махтал тылларын испэктээк турарыгар көх-нэм буолбут дьоммутугар:  дириэктэр Иван Иванович Шамаевка, куруук өйүүр-убуур, сыаналаах сүбэлэри биэрэр завучтарбытыгар Лена Дмитриевна Федороваҕа, Нюрбина Николаевна Габышеваҕа, сыанаҕа туттуллар таҥаһы сүгэн-көтөҕөн, ааҕан-суоттаан, атыылаһан аҕалбыт лиссиэй выпускнигар, тэхиньиичэскэй кылаас тьюторыгар Степан Васильевич Сафоновка,  элбэх да элбэх таҥаһы-сабы тигэн биэрбит технология учууталыгар Анастасия Романовна Федороваҕа,  адьас иллэҥэ да суох сылдьан сүбэ-ама биэрэн  улаханнык көмөлөспүт Саха академическай драматическай тыйаатыр режиссеругар Руслан Игоревич Тараховскайга,  сыанаҕа туттуллар саа-саадах чааһын хааччыйан улахан үтүөнү оҥорбут култуура уонна ускуустуба кэллиэһин дириэктэригэр Захар Николаевич Никитиҥҥэ, судаарыстыбаннай филармония  тыаһын-ууһун, уотун-күөһүн хааччыйар салалта начаалынньыгар  Семен Семенович Поповка, саллааттарбытын формалаабыт Хатастааҕы «Тускул» култуура киинин уус-уран салайааччытыгар Евдокия Ефимовна Семеноваҕа, тус кэллиэксийэтиттэн таҥаһынан-сабынан хааччыйбыт 10-с физико-математическай кылаас үөрэнээччитэ Аяр Кулаковскайга, тыаһы-ууһу оҥорон биэрбит операторбытыгар, 10-с тэхиньиичэскэй кылаас үөрэнээччитигэр Күндүл Никитиҥҥэ, уоту-күөһү туруорууга кҕөмөлөспүт 9-с кылаас үөрэнээччитигэр Петя Мекюрдяновка,  уо.д.а. муҥура суох махталбытын тиэрдэбит. Оонньууга кыттыбыт оҕолорбут барыларын учууталларыгар, күндү төрөппүттэригэр, аймах-билэ дьонноругар баһыыба бастыҥын аныыбыт. Бука барыгытыгар олоххут уйгулаах буолуохтун, кэлэргит кэскиллэнэ туруохтун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0