Араас сылларга устудьуоннаабыт үгүс киһи биир кэрэ өйдөбүлүнэн “Белинканы” ааттыыр буолуохтаах. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын Виссарион Белинскэй аатынан бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 135 сылын бэлиэтиир.
Суолталаах бэлиэ түгэнинэн сибээстээн, бүгүн бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Екатерина Попованы кытта кэпсэтэбит.
19-С ҮЙЭҔЭ ЕПИСКОП ИАКОВ ТУРУОРСУУТА
— Екатерина Васильевна, бастатан туран, устуоруйа быыһын сэгэтэн, бибилэтиэкэ төрүттэниититтэн кэпсэтиибитин саҕалыахха.
— 1886 сыл муус устар 1 күнүгэр Дьокуускайдааҕы уонна Бүлүүтээҕи епископ Иаков оччотооҥҥу күбүрэнээтэр К.Н.Светлицкэйгэ уопсастыбаннай бибилэтиэкэни аһарга көрдөһүү сурук суруйбут. Духуобунай сырдатааччы тылын ылыннаран, бибилэтиэкэ тэриллэр буолбут. Онон, муус устар 9 күнэ бибилэтиэкэ тэриллибит күнүнэн ааҕыллар. Бастакы бибилэтиэкэ куорат управатын уопсастыбаннай саалатыгар аһыллыбыт. Онтон сыл буолан баран, Көстүүнэй тиэргэн биир лааппытыгар 24 сыл (1887-1911 сс.) үлэлээбит.
Бибилэтиэкэҕэ “иккис тыыны” күбүрүнээтэр Иван Крафт биэрбит. Кини кырасыабай бэйэлээх таас дьиэни туттарбыт. Судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ уопсастыбаннай ааҕар балаҕаны кытта холбоспут. 1912 сылтан куорат Публичнай бибилэтиэкэтэ анал эрэсиимнээх күн аайы босхо үлэлиир буолбут. Сотору буолан баран, Крафт куорат Публичнай бибилэтиэкэтигэр судаарыстыбаннай, ол эбэтэр национальнай диэн суолта биэрбит. Онон куоракка туспа кинигэ уораҕайа наада буолбут. 1938 сыл олунньу 7 күнүгэр Саха АССР Народнай хамыһаардарын сэбиэтин ыйааҕа тахсыбыт. Онно Дьокуускай куорат сэбиэтин президиумугар куорат бибилэтиэкэтин туспа тэрийэр туһунан этиллибит. Ол кэмтэн ыла куорат билии дьиэтэ бэйэтин туспа дьиэтэ суох буолан, 1964 сылга диэри Эргэ баанньык дьиэтигэр, онтон Бэчээт дьиэлэригэр үлэлээн олорбута. 1992 сылтан В.Г. Белинскэй аатынан куорат Киин бибилэтиэкэтэ Федор Попов уулуссатын 18 №-гэр олохсуйан олорор.
БИБИЛЭТИЭКЭ ТОҔО БЕЛИНСКЭЙ ААТЫН СҮКПҮТЭЙ?
— Тэрилтэ хаһааҥҥыттан уонна тоҕо Виссарион Белинскэй аатын сүкпүтэй?
— 1948 сыллаахха Дьокуускай куораттааҕы бибилэтиэкэҕэ нуучча суруйааччыта Виссарион Григорьевич аата өлбүтэ 100 сылыгар иҥэриллибитэ. Литературнай кириитик, бөлүһүөк, нуучча литературата сайдыытыгар уопсастыбаннай санааны, култуураны сайыннарыыга улахан үтүөлээх суруйааччы, публицист В.Г.Белинскэй ааҕар дьон духуобунай учууталларын быһыытынан биллэр. Виссарион Белинскэй аатын Арассыыйа үгүс бибилэтиэкэтэ сүгэр. 1938 сылтан ыла норуокка куорат бибилэтиэкэтэ «Белинка» диэн аатынан биллэр. 1971 сыллаахха бибилэтиэкэ Дьокуускай куорат Киин бибилэтиэкэтэ диэн статустаммыта.
— “Белинка” сайдыытыгар улахан оруоллаах дьон кимнээҕий?
— В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэ идеологическай, инновационнай, тэрийэр уонна салайар киин буола сайдыытыгар улахан өҥөлөөх Саха АССР уонна РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лидия Хаенко 1985 cыллаахха диэри үлэлээбитэ. Кини кэнниттэн 1986-2000 cылларга бибилэтиэкэни СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Яковлев салайбыта. “Белинка” аныгы устуоруйата Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна Калькарина Карадчинаны кытта ыкса сибээстээх. Билигин бибилэтиэкэни эдэр эрчимнээх Розалия Максимова салайар. Манна өссө эбии “Белинка” духуобунай тыынын уһугуннарбыт, 1972-2019 сылларга үлэлээбит, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Иванова чаҕылхай ис хоһоонноох үлэтэ үгүс ааҕааччы сүрэҕэр иҥмитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини ыыппыт өрөспүүбүлүкэҕэ суох сонун тэрээhиннэрэ, бырайыактара, олохтообут үгэстэрэ – “Белинка” киэн туттуута уонна бибилэтиэкэ эйгэтигэр биир холобур буолар уонна сүрүннүүр тэрилтэ буоларыгар олугунан буолбута.
“БЕЛИНКА” СЫЫППАРАНЫ КЫТТА ТЭҤҤЭ
— Сыыппара технологиятын үйэтигэр билигин “кумааҕы хаһыат, кинигэ суолтата сүттэ” диэх курдук толкуй баар. Маныаха эн санааҥ.
— “Белинка” баарын тухары ааҕааччы манна кэлэ туруоҕа. Тоҕо диэ? Биллэн турар, аныгы үйэ буолан, сыыппара технологиятын биһиги, бибилэтиэкэрдэр, толору баһылаатыбыт. Онон сыстыганнаах дьаҥ пандемиятын кэмигэр “Белинка” социальнай ситимнэригэр ааҕааччы тоҕо анньан киириитэ – бу буолар биһиги үлэбит түмүгэ. Ааҕааччыларбытын кытта күн аайы кэриэтэ куйаар ситиминэн араас көрсүһүүлэри, маастар-кылаастары, кинигэ ис хоһоонун ырытыыларын ыыттыбыт. Ону тэҥэ, “Дьокуускай аан дойду хаартатыгар” бырайыак чэрчитинэн куорат историческай, литературнай миэстэлэринэн видео-экскурсиялар интэриэhи тардаллар. Аны билигин аныгы үйэҕэ олус туттуллар “коллаборация” диэн хайысханы киэҥник туһанар буоллубут. Ол эбэтэр, бибилэтиэкэни кытта араас айар үлэлээх тэрилтэлэр “Ааҕабыт уонна айабыт” диэн холбоһуктаах тэрээһиннэри ыытар буоллубут.
“Бибилэтиэкэ волонтердара” диэн баар буоллулар. Кинилэр ааҕааччыларга анаан араас хайысхалаах тэрээhиннэри ыыталлар. “Куорат олохтооҕо” (“Горожанин”) кулуупка Дьокуускай устуоруйатын, култууратын, биллиилээх дьонун, айар куттаах дьонун интэриэhиргээччилэр көхтөөхтүк түмсэллэр. «Белинкаҕа» көрсүһүү” литература, ускуустуба уонна култуура диэйэтэллэрин кытта көрсүһүүлэргэ ааҕааччы олус сэргээн кыттар. “Туризм уонна сынньалаҥ лабораторията” диэн айанньыттар кулууптарыгар сири-дойдуну көрөр, айанныыр ыра санааны үөскэтэллэр.
Бу күннэргэ “Тыыннаах автограф” диэн бэрт интэриэһинэй тэрээһин саҕаланна. Бибилэтиэкэҕэ кинигэ бэлэхтээччилэр ааҕааччыларын кытта кинигэлэрин, олоххо киллэрэр былааннарын туhунан сэhэргэhэллэр.
“Мин кэскилим” диэн 15 саастаах обургу оҕолорго уонна ыччаттарга аналлаах бырайыак эдэр дьоҥҥо айар куттарын уһугуннарар, уопсастыбаннай үлэҕэ көҕүлүүр сүрүн соруктаах.
— Екатерина Васильевна, эн “Белинкаҕа” үлэлээбитиҥ хас сыл буолла?
— Быйыл үлэлээбитим 29-с сыла. Ааҕааччыны кытта чугастык алтыһыы, интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүү, аныгы олох тэтиминэн уларыйыы-тэлэрийии, сайдыы – бу барыта мин идэбэр баар. Бу күннэргэ 135 сылын бэлиэтиир “Белинкам” билигин да эдэрдии эрчимин ыһыктыбат, ааҕааччыларыгар аанын күннэтэ тэлэччи аһан, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр. “Өссө да үүнэ-сайда тур, тапталлаах бибилэтиэкэбит!” диэн биир идэлээхтэрим ааттарыттан алгыспын этэбин.
… Биһиги бу уоттаах-күөстээх эҕэрдэҕэ кыттыһабыт уонна “Белинканы” күндүтүк саныыр ааҕааччылар ис сүрэхпититтэн үйэлэри уҥуордаабыт үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит!
Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — бибилэтиэкэ архыыбыттан.