Үйэлэргэ норуот тапталын, билиниитин ылбыттара

24.04.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл саха норуодунай суруйааччылара, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун  бырабылыанньатын үлэтин холбоон уопсайа 32 сыл устата ситиһиилээхтик салайбыт, РФ М.Горькай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттара, бөдөҥ уопсастыбаннай деятеллэр, ини-бии Семен, Софрон Даниловтар үбүлүөйдээх сыллара.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Семен Петрович Данилов кулун тутар 20 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сыла, Софрон Петрович Данилов  муус устар 19 күнүгэр төрөөбүтэ 95 сыла буоллулар.

Муус устар 21 күнүгэр Дьокуускайга Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар ини-бии Даниловтар үбүлүөйдэригэр аналлаах уопсастыбаннас киэҥ үөрүүлээх мунньаҕа буолла. Тыйаатыры толору кэлбит дьон, литератураны таптааччылар, СӨ Национальнай библиотекатын кыраайы үөрэтэр салаата бу икки бөдөҥ суруйааччы айар үлэтигэр анаан тэрийбит интэриэһинэй быыстапкатын кэрэхсии, сэҥээрэ көрдүлэр, ирэ-хоро билистилэр.

Мунньахха СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ Култууратын, духуобунай сайдыытын миниистирэ Владимир Тихонов, Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, СӨ норуодунай суруйааччыта Андрей Кривошапкин, Россия Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ректорын  сүбэһитэ Алексей Томтосов, Мытаахтан эдэр суруйааччы Василий Тимофеев, Софрон Данилов кыыһа, философскай наука доктора Вера Софроновна Данилова, уо.д.а. кыттыыны ыллылар, тыл эттилэр.

Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ дириҥ ис хоһоонноох сүрүн дакылааты, мунньаҕы иилээн-саҕалаан ыыппыт Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева оҥордо. Кини, саха литературатын сайдыытыгар, араас омук тылларыгар тылбаастанан, киэҥ ыырга тахсыытыгар, улуу убайдарбыт Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай курдук сахалар чулуу дьоммут ааттарын үйэтитиигэ, итиэннэ эдэр талааннары өйөөн, эдэр ааптардары кытта кэскиллээх үлэ саҕаланыытыгар Семен, Софрон Даниловтар өҥөлөрө  сүҥкэнин бэлиэтээтэ. Ини-бии суруйааччы Даниловтар ыарахан, уустук кэмнэргэ сахаларын норуотугар мэлдьи эрэллээх дурда-хахха буолан, үйэлэргэ дьон-сэргэ билиниитин, махталын ылыахтарын ылбыттара диэтэ кини.

Төрөөбүт дойдуларыгар, Горнай улууһугар аны сайын ини-бии Семен, Софрон Даниловтар үбүлүөйдээх сылларыгар аналлаах Ыһыах ыһыллыаҕа, оттон Дьокуускайга тутуллуохтаах сквергэ ини-бии Семен уонна Софрон Даниловтар өйдөбүнньүктэрэ аһыллыаҕа, диэн бэлиэтээтэ бэйэтин этиитигэр Михаил Дмитриевич Гуляев. Кини бу улахан бэлиэ күн саха норуотун киэн туттуута — биллиилээх суруйааччылар  Семен  уонна Софрон Даниловтар чулуу үлэһит биир дойдулаахтарыгар СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков, хаһан да буоларын курдук, олус дириҥ хорутуулаах этиитин дьон болҕойон иһиттэ. Кини, Суруйааччылар сойуустарын үлэтин салайан, саха литературатыгар киэҥ суолу-ииһи тэлбит, “Литературалар доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара!” дэбииһинэн  тылбааска күүстээх үлэни ыытан, кылгас кэм иһигэр биһиги литературабытын араас омуктар литератураларын  кытта ситимнээбит, “Ньургун Боотур” олоҥхо классическай тылбааһын оҥорторбут, элбэх суруйааччы норуодунай үрдүк ааты ыларын, Былатыан Ойуунускай аатынан бириэмийэ олохтонуутун, о.д.а. үгүһү ситиспит талааннаах дьоммут улахан өҥөлөрүн, сүҥкэн суолталарын бэлиэтээн эттэ. Кини, норуодунай суруйааччы Семен Руфов идиэйэлээх этэ – уон норуодунай бэйиэт, норуодунай суруйааччы  тахсыбыт Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар  улуустарын хабар, ыччат дьону саха литературатын классиктарын таһымнарыгар иитэр аналлаах Литературнай ыллыгы оҥорор сөптөөх буолуо этэ, диэтэ.

Софрон Петрович Данилов аатын үйэтитиигэ, кини баай литературнай нэһилиэстибэтин чинчийиигэ  тапталлаах кэргэнэ, оҕолорун ийэтэ,  ытыктабыллаах Мария Егоровна Данилова бүтүн үнүстүтүүт үлэтин толорон кэллэ диэн бу киэһэ саамай сөпкө бэлиэтэннэ.

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков  Мария Егоровна Данилованы Ил Түмэн Бочуотунай грамотатынан, кыһыл көмүс чаһынан наҕараадалаабытын Даниловтар кыыстарыгар Вера Софроновнаҕа туттарда. Ити курдук, бу күн Горнай улууһун бастыҥ дьонноро Ил Түмэн Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.

Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, киэн туттар, махтанар биллиилээх биир дойдулаахтарбыт, сэрии кэнниттэн дойдуну өрө көтөхпүт көлүөнэ чулуу бэрэстэбиитэллэрэ ини-бии Даниловтар сайдыылаах олохпутугар олук охсубуттара, биһиги сахалыы саҥарарбытыгар, оҕолорбутун төрөөбүт  төрүт  тылбытынан  иитэрбитигэр — үөрэтэрбитигэр кинилэр өҥөлөрө сүдү, диэтэ уонна Сэмэн Данилов биир саамай чаҕылхай хоһоонун  ааҕан иһитиннэрдэ.

Оттон СӨ норуодунай суруйааччыта Андрей Кривошапкин  бэйэтин этиитигэр, инники өттүгэр бу сүдү дьоммутун — Семен Петрович Данилов уонна Софрон Петрович Данилов үбүлүөйдээх дааталарын биир биэчэринэн холбуу тутан кэбиспэккэ, хас биирдиилэрин төрөөбүт күннэригэр анаан бэлиэтиир сиэрдээх, дьоһуннаах  буолуох этэ диэн, арааһа, үгүстэр баҕа санааларын таайан бэлиэтээтэ.

Саха биллиилээх суруйааччыларын Семен Данилов уонна Софрон Данилов үбүлүөйдэригэр аналлаах Дьоро киэһэни, кинилэр өлбөт-сүппэт айымньыларын толороннор, СӨ искусствотын маастардара, чулуу ырыаһыттар, Горнай улууһун  талааннаах ыччаттара киэргэттилэр.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0