Көрдөрүөхпүн баҕарар үйэлээх малым — таба мэҥкэрэтэ.
Бу мал миэхэ эбэбиттэн Огдооччуйаттан кэлбитэ. Эбэм Томская Евдокия Алексеевна (1919 с.т.) Бүлүү улууһун I Күүлэттэн төрүттээх. Мэҥкэрэни тоҥус эмээхсинэ бэлэхтээбитэ диэн кэпсиирэ.
Мэҥкэрэ тайах тыһыттан иҥиир сабынан тигиллибит. Сарыыга таба бытыгынан быысыбайдаах, өҥнөөх таҥас киэргэтиилээх.
Сахая Ермолаева,
Бүлүү, Сыдыбыл.
Хаартыска С.Ермолаева тиксэриитэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1