«Үйэлээх мал». Сарыы үтүлүк, хаартыска альбома

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

1930 сыллаахха ийэм эдьиийэ Антонова Агафья Николаевна тикпит үтүлүгэ. Матырыйаала — сарыы, иһэ — куобах түүтэ. Кытыы тас түүтүгэр кыһыл саһыл тыһын аттаран тикпит. “Уура сырыт”, — диэн ийэбэр бэлэхтээбит. Бу үтүлүк 91 сыл сылдьыбыт.

Маны сэргэ, 1950 с. хаартыска альбома. “Студент Владимир Ульянов” диэн статуэтка. В.И.Ленин бюһа, “Владимир Ильич Ленин” уонна “Дом-музей В.И.Ленина” аккырыыккалар кэмпилиэктэрэ. 1960-с с. пластмасс уонна эрэһиинэ оонньуурдар. Оҕо олоппоһун 1958 с. эһэм Боянов А.Н. бииргэ төрөөбүт эдьиийбэр Пестерева (Боянова) Екатерина Николаевнаҕа анаан онотторбут. 1970 с. сувенирдар көрүөхтэн кэрэлэр. Ийэм 1960 с. быысабайдара. Эһэ сувениры 1969 с. аҕабар Боянов Н.А. тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр Никифоров Иван бэлэхтээбит. 1950-70 сс. суумкалар, саквояж ,балетка ,клатч, папка. 1972 с. «Кантата203» радиола. Шкатулканы 1940 с. Николаев Алимпий Афанасьевич оҥорбут. Миэхэ ыалым Согдоева Анна Алимпьевна бэлэхтээбитэ.

Чэмэлиинэ Моржотова,

Өлүөхүмэ, Абаҕа

Хаартыскалар Ч.Моржотова тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0