«Үйэлээх мал»: Сүүс сыл анараа өттүнээҕи уруһуйдар (ВИДЕО)

18.04.2022
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат уонна “Эдэр саас” сайт, Емельян Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай музейа тэрийэн ыыппыт «Үйэлээх мал» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһа түмүктэннэ.

«История кэрэһитэ» номинацияҕа  Сунтаар Тойбохойуттан Октябрина Ксенофонтова  үйэлээх мала «Иккис истиэпэннээх дипломунан» наҕараадаланна. Кини  хос, хос-хос эбэтэ   Крыжановская Татьяна Васильевна  сүүс сыл анараа өттүгэр уруһуйдаабыт   уруһуйдарын ыытан, дьүүллүүр сүбэ сэҥээриитин ылбыта.

— Хос-хос эбэбит Ньурба Маалыкайыгар 1906 сыллаахха төрөөбүт. Ийэтэ ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Талба-Талба Татыйаана, аҕата Баһылай Дьөгүөрэбис булчут бэрдэ. Эбэбит аах 22 оҕоттон убайынаан иккиэйэх хаалбыттар. Кини оҕо сааһыттан атаҕа ыалдьан сэттэ сыл ороҥҥо сыппыт. Ол сытан убайыгар анаан уруһуйдуур эбит. Уруһуйдарынан олоҕун кэпсээбит. Уруһуйдара 1917 сылтан саҕалаан, ол эбэтэр 105 сыл анараа өттүгэр буолбут түбэлтэлэри көрдөрөллөр. Холобур, “Ураһалаах” диэн сайылык сирдэрэ. Дьоно эбэбитин аны сайыҥҥа тиийбэккэ өлүө диэн чугас ыалларын, оҕолору мунньан ыһыахтаабыттара, убайа кытыыга турара көстөр. Дьоно кыыстарын луохтуурга хайа кыалларынан эмтэтэ сатаабыттар да үтүөрбэтэх. Ол иhин ыксаан араас ойууттарга, удаҕаттарга көрдөрбүттэр. Онтон тайаҕынан хаамар буолбут. Кини өссө бэйэтэ айбыт ырыалара, хоhоонноро эмиэ бааллар. Күндү киһибит хайдахтаах курдук олоххо дьулуурдааҕын, үөрэххэ тардыһыылааҕын, санаата күүстээҕин уруһуйдара кэпсииллэр. Бу биһиги аймахха – саамай күндү бэлэх! Уруһуйдарын манна көрүҥ, — диэн Октябрина Ксенофонтова кэпсээтэ.

edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0