«Үйэлээх мал». Оҕолорго бэриллэн иһиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу эһэбиттэн хаалбыт кириэс. 1800 сыл бүтэһигин диэки буолуо.  Маны сэргэ, эмиэ эһэбиттэн хаалбыт харчылар бааллар. 1876 с. үстээх харчы, 1875 с.биэстээх харчы, 1908 с. үстээх харчы.

Төрөппүттэрбиттэн хаалбыт облигациялары эмиэ уура сылдьабыт. Балар 1953, 1954, 1955, 1956 сыллаахтар.

Саахар алдьатар чыскы уонна чүмэчи уурар алтан иһит эмиэ бааллар.  Сылын чуолкай билбэппин. Бу маллар оҕолорго бэриллэн, үйэтитиллэн иһэллэр.

Евдокия Черкашина,

Мэҥэ Хаҥалас, Павловскай.

Хаартыскалар Е.Черкашина тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0