«Үйэлээх мал». Мас дьааһык

Ааптар: 
08.04.2022
Бөлөххө киир:

Мас дьааһык 1917 сыллааҕы.

Ийэм Захарова Анисия Константиновна- Герой ийэ, норуот маастара, оһуохайдьыт. Кини абаҕата  Захаров Николай Егорович (Хара Ньукуус) II Баатара нэһилиэгиттэн Ырыал диэн өтөхтөн төрүттээх. Кини Баатараҕа биллэр мас ууһа, дьиэ малларын ыалга ыҥырыыга сылдьан оҥорор эбит.

Ийэм «Абаҕам  бу мас дьааһыгы 1917 сыллаахха саас ийэтигэр анаан оҥорбут. Кэлин ыал буолбуппар, абаҕам ыскаап, остуол уонна  мас дьааһыгы биэрбитэ. Бу кини алҕаан биэрэн, 10 оҕону төрөттөҕүм буолуо…» диэн ахтыытыгар суруйбут. Ийэм бу дьааһыкка кэлин иистэнэр малларын, иистэммит таҥаһын сыыһын угар эбит. Дьааһык  быйыл оҥоһуллубута 105 сыл буолбут да, ханан да хамсаан да көрбөтө. Биир да тимир тоһоҕонон сааллыбатах, барыта мас хараһынан туттарыллыбыт. Онон ийэм абаҕатыттан Хара Ньукуустан бэриллибит үйэлээх мала – мас дьааһык билигин биһиги дьиэ кэргэн биир сүрүн тэрилэ.

Василий Неустроев,

Мэҥэ Хаҥалас, I Баатара.

Хаартыска В.Неустроев тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0