«Үйэлээх мал». Кэриэс малларым

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Үйэлээх мал» («Өбүгэм ситимэ») куонкуруска кыттарга толкуйданным.
Ийэм  аата  Петрова  Дария   Прокопьевна диэн. Кыргыдайга  Хочот  диэн  былыр  ааттарын  мээнэ  ааттаппат  сирдэригэр   1891  төрөөбүт. Өлбүтэ 1987 сыл атырдьах  ыйын   14  күнүгэр, 96  сааһыгар. Эбэбин, арааһа, Настаа  диэбитэ  уонна  бу хаартыскаҕа баар маллары өлүнньүк таҥаһыгар  суулуу  сылдьарын көрдөрбүтэ. Балары хас  сайын  аайы  солоххо  сууйтарара.
Ийэм барахсан миигин  13-с оҕонон хат  буолбут. Саха  сиригэр  аан  маҥнай быыбар буолбутугар баран иһэн, кыайан тиийбэккэ сэргэ  төрдүгэр төрөппүт. Онон ийэбин  быыбартан  матарбытым үһү. Этэр  этэ: «Эмсэх  кээһэр,  утукаан  буорун  тэбиир  оҕо  буолаҥҥын,  бу  эбэҥ малларын  эн  ылыаҕын», —  диэн. Ону сэргэ, бу аҕам атыыласпыт кинигэлэрин уура сылдьабын. 1936 с. тахсыбыт кинигэлэр. Санаатаҕым ахсын ылан көрөбүн, арыйан ааҕабын, оҕолорбор, сиэннэрбэр кэпсиибин.

Аны  билигин балары  хайа  сиэннэрбэр  биэрэрим  буолла  диэн толкуйдуу  сылдьабын. Олоҕум  остуоруйата  итинник. Хаартыскалары уонна видеону манна көрүҥ.

Павлина Иванова,

Бүлүү.

Хаартыскалар уонна видео П.Д.Иванова тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0