«Үйэлээх мал». Кэнчээри ыччаппыт илдьэ сылдьыа диэн эрэнэбин

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Үйэлээх мал» («Өбүгэм ситимэ») куонкуруска дьоммуттан-сэргэбиттэн хаалбыт малы-салы ыытабын. 

Бу ийэбиттэн хаалбыт кэриэс маллар (реликвия). Кэнэҕэски оҕолорум, сиэннэрим кэриэс гынан хос эбэлэрин, хос-хос эбэлэрин малларын харыстаан илдьэ сылдьыахтара диэн эрэнэбин.

Ийэм Львова Клавдия Саввична 1923 төрүөх. Кини 1948 сыллаахха 25 сааһыгар ыал буолан сүктэн барарыгар, төрөппүттэриттэн энньэ гынан, ити икки былыргы сундуукка уктан илдьэ барбыт маллара тураллар. Тымтай, тууйас, ыаҕайа, чороон, кытыйалар. Онон кини дьонун маллара буоларын быһыытынан 100 сылтан тахса сыллаах буолаллара саарбаҕа суох.

Маҥан эриэннэрдээх от күөх көстүрүүлэ уонна миин кутар иһит 1950-с сыллар саҕанааҕы иһиттэр буолуохтаах. Мин оҕо эрдэхпиттэн бааллар. Кыра күөх чорооннорго 1957 сыл диэн суруллан сылдьаллар. Ити чыычаахтаах кувшины 1959 сыллаахха таайым Львов Тихон Саввич кэһии гынан соҕурууттан аҕалбыта. Итинтэн уу иһэргэ биһиэхэ, оҕолорго «кистэлэҥнээх» кувшин буолара. Уу иһээри гыннахха, ойоҕоһугар баар ньолбоҕор ойууларынан дьөлөҕөстөрдөөх буолан, тохторо. Дьэ онно хайдах тохпокко эрэ ууну иһэргин булуу мучумаана буолара.

Онтон миэхэ иистэнэр хааны 1970 сыллаахха ыаллыы олорбут 80 саастаах эмээхсин бэлэхтээбитэ. Былыргы мастан оҥоһук буолан оскуома оннугар маһынан ытаһаламмыт.

Бу хамыйахпын 83 саастаах эдьиийбит Даарыйа эмээхсин 1978 сыллаахха бэлэхтээбитэ. Бу эдьиийбит эдэр эрдэҕиттэн илдьэ сылдьан туттубут мала.

Ону таһынан, былыргы чугуунтан кутуллубут  сахалыы баахыла оҥорор иһити ыаллыы олорбут эмээхсиммит ийэбэр 60 сылларга бэлэхтээбитэ. 100 сыллаах малларга киирсэр.

Оксана Иннокентьева,

Дьокуускай.

Хаартыскалар О.Иннокентьева тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0