Дьоммуттан-сэргэбиттэн хаалбыт малы-салы уура сылдьабын.
Ол курдук, ийэм Соловьева Екатерина Николаевна 7 саастааҕар (1918 с.) эһэлээх эбэтэ сир көмүһүттэн ытарҕа оҥотторон биэрбиттэр эбит. Аны, киэргэннэҕинэ бүрүнэр хаарыс былаатын (ааспыт үйэ саҥата) эмиэ уура сылдьабын. Ону сэргэ, сүлүүдэ кыбытыылаах маллаах иһитэ баар. Маны Чурапчы Болтоҥотуттан Мэлдьэхсигэ сүктэн барарыгар (1928 с.) илдьэ барбыта үһү. Итиэннэ дьааһыга баар.
Оттон аҕам төрөөбүтүгэр (1911 с.) аҕата Посельскай Прокопий Павлович оҥорбут олоппоһо билигин да турар. Элбэх оҕо олордоҕо. Өссө Мэлдьэхси Дуураҥа алааһыгар олорбут аҕам төрөппүттэрин иһиттэрин уура сылдьабыт.
Хартыыһа иһитэ, уус оҥорбут үрүҥ көмүс оҥоһуктара, ийэм аҕата, нэһилиэк суруксута Соловьев Николай Сергеевич (1915 с. ийэм 3 саастааҕар өлбүт) чаһытын сирэйэ, эһэм Посельскай Прокопий Павлович оҥорбут (1950 с.) ыскамыайката, ааспыт үйэ иһиттэрэ бааллар. Кэнчээри ыччакка хаалыаҕа. Хаартыскалары көрүҥ.
Мария Посельская,
Дьокуускай.
Хаартыскалар М.Посельская тиксэриилэрэ