«Үйэлээх мал». Эһэбит бэчээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕам Пахомов Егор Николаевич аҕата Пахомов Николай Николаевич  1885 сыллаах төрүөх.

Кини 18 сааһыгар Бодойбоҕо көмүс үлэтигэр барбыт уонна 32 сааһыгар дойдутугар төннүбүт. Эһэм үөрэҕэ суох буолан, инициала суруллубут алтан бэчээти (аҕам ахтыытыгар латунь диэн суруллубут)  оҥотторон илдьэ сылдьыбыт.

Бу бэчээт биһиги дьиэ кэргэн күндү мала. Төрөөбүт, улааппыт дьиэбитигэр Солоҕоҥҥо эдьиийбит Пахомова Полина Егоровна харыстаан уура сылдьар. Бэчээт быһа холоон 112 сыла буолбут.

Альбина Горохова,

Горнай, Маҕарас.

Хаартыскалар А.Горохова тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0