«Үйэлээх мал». Дириҥ устуоруйалаахтар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үйэлээх мал» (“Өбүгэм ситимэ”) куонкуруска кыттарга толкуйданным.

Биһиэхэ эһэбититтэн Егоров Михаил Михайловичтан хаалбыт мас хоппо (сундуук) баар. 1920 сыллаахха Яковлев диэн киhи онорбута үһү. Ону таһынан эбэлэрбит уонна хос эбэбит 19- 20 үйэ саҥатынааҕы малларын уура сылдьабыт. Матаарчах, чүмэчи туруорар алтан иһиттэр, мас хамыйах, туостан тууйас. Итини сэргэ ыраахтааҕы кэминээҕи харчылар бааллар. Ол курдук, 100 сыллаах солкуобай. Бу эhэбит киэнэ. Бу харчылары альбом иhигэр ууран сылдьабын. Хаhан эмэ, дьоммун-сэргэбин ахтан-санаан ыллахпына арыйан көрөбүн. Итиэннэ хос эбэбит малын уктар хоппото (сундууга), 18-19 үйэ.

Аҕам Егоров Иван Михайлович (1916 — 1999сс.) төрөөбүтүн туоhулуур миитэрэпкэтин уура сылдьабыт. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Ол нэhилиэктэн финансист үөрэхтээхтэртэн биир бастакыларынан буолар. 1942 сылтан 1947 сылга диэри Мэҥэ Хаҥалас оройуонун райфинотделын сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. Финансовай салааҕа биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ. Улуу Кыайыы буоларыгар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсибит үтүөтүн иhин 2 мэтээлинэн (Сталин уонна «За трудовое отличие») уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

Дьэ, дириҥ устуоруйалаах, элбэҕи сэһэргиир маллар буоллахтара. Хаартыскалары көрүҥ.

Анатолий Егоров,

Мэнэ Хаҥалас, Майа.

Хаартыскалар А.Егоров тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0