«Үйэлээх мал» («Өбүгэм ситимэ») куонкуруска кыттарга быһаарынныбыт.
Бу хаартыскаҕа көрөр хоппоҕут аҕам төрдүлэриттэн хаалбыт, иһигэр 31.03.1915 диэн суруктаах.
Бу биһиги дьиэ кэргэн кэриэс малбыт-салбыт.
Эбэм Евдокия Власьевна Бочонина (1895-1970), эһэм Иннокентий Иванович Посельскай (1895-1968) маллара-саллара. Хоппо 1915 с. диэн иһигэр суруктаах, оҕус бурҕалдьыта, мас устурууһа, төгүрүк остуол, өтүүк, баахыла тимирэ уонна таҕаан.
Геннадий Посельскай, Татьяна Табунанова,
Таатта, Чычымах.
Хаартыскалар Посельскайдар дьиэ кэргэн тиксэриилэрэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1