Үйэлэргэ хараллан кэлбит өбүгэбит маллара биһиги аймахха аҕыйаҕа суохтар.
Бу чопчуур историята киэҥ. Эбэм Захарова (Максимова) Агафия Николаевна II Баатараттан төрүттээх эһэбэр Захаров Константин Егоровичка 1926 сыллаахха кэргэн тахсыбыт. Ийэм кэпсииринэн, эбэм сүктэн кэлэригэр чопчуурдаах бэргэһэ тиктибит. Иистэнньэн эбит. Ол бэргэһэтиттэн билигин ити чопчуура хаалбыт.
Чопчуур үрүҥ көмүс сабынан тигиллибит. Чопчуур икки ардыгар 2 хос туос уган тигэллэрин эбэм кэпсээбит. Былыр чопчууру кэтэн бүттэхтэринэ, бэргэһэттэн көтүрэн кумааһынньык оҥостоллор эбит. Ити чопчуур кэлин кумааһыньык буолбут. Ол иһин сарбыллыбыт. Билигин да үчүгэйдик хараллан, харыстанан сылдьар.
Анисия Федорова,
Дьокуускай.
Хаартыска А.Федорова тиксэриитэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1