Өйдөһүү (кэпсээн)

Ааптар:  Сэгэлдьийэ Чээлэй
06.05.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Аввакум бүгүн ньиэрбэтэ хойдон, кэргэнигэр кыыһыран, хаһан да кыыһырбатаҕын кыыһырда! Тугуй, кини ыһыахтыа суохтаах үһү дуо?! Хас сыл буолла, дойдутун ыһыаҕар сылдьыбакка, наар вахтанан үлэ да үлэ! Сынньалаҥын бастаан оҋоҕун баҕатынан кыһын ылара уонна соҕуруу муораҕа сынньанан кэлэллэрэ. Бу сырыыга тоҕо кинини ыһыахтан көҥөөтө?

Бу санаатаҕына, ойоҕун кытта долгулдьуйар Дьокуускай куорат устун сиэттиһэн хаамсыбатахтара да быдан үҋэ буолбут курдук эбит. Биир-икки аймахтарыгар ыалдьыттаан эбиэттээн дуу, «ужиннаан» дуу ааһаллар. Аны Аввакум тыйаатыр диэҥҥэ сылдьа үөрэммэтэх, онно билиэт ылбыта да суох. Оттон киинэҕэ, рестораҥҥа биирдэ эмит оҋоҕун ыҥырдаҕына солото суох аатырар. Аввакум билигин тугу да гынара суох буолан индрайвер диэнинэн таксилыыр. Сэргэлээх шоссетын устун оргууй сыыйылыннаран медкииҥҥэ кэллэ. Саас ортолоох дьахтар саҥата суох киирэн олордо. Аввакум тиэйэр дьонун болҕоҋбот этэ, арай бу дьахтар инники олбоххо, хайдах эрэ, сааһыгар холооно суох чэпчэкитик туттан, кинини чинчийбиттии көрбүтүттэн чыпчылҕан түгэнэ симиттэн ылла. Аҕыйах мүнүүтэ саҥата суох айаннаатылар, онтон:

-Тоойуом, бу сүрүн үлэҥ дуо? Эбэтэр саҥа таксилаан эрэҕин дуу?

— Ээ, бу сүрүн үлэм буолбатах. Уоппускам кэмигэр таҕыстым.

— Туохтан эрэ санааҥ оонньуур, тугу эрэ быһаарбакка сылдьар курдуккун,- диэни истээт, Аввакум уруулун нэһиилэ тутта.

— Ыксаама, санааҕын кимиэхэ эрэ кэпсээтэххинэ чэпчиэҥ. Санаа сайҕаныахтаах.

Аввакум туох дьикти саҥалаах дьахтарга түбэстим диэн дьиибэргээн иһэн, кырдьык даҕаны, хаһааҥҥа диэри тууйулла сылдьыахпыный диэн кыралаан кэпсээн барда. Дьахтар сэҥээрэр, кыратык да саҥардар куолаһа олус чуолкайдык иһиллэр:

— Ээ, доҕоор, кыыһырыма ээ, оттон үлэлээн кыбартыыра оҥордоҕуҥ дии.

— Оннугун оннук да, бэйэбэр баары саҥардыбыппыт. Соҕуруу диэтэххэ соҕуруу, шуба диэтэххэ шуба, көмүс диэтэххэ көмүс. Уонна туох наада диэх курдук.

— Оттон эн ойоҕуҥ хамнаһын билэҕин?

— Суох, мин харчыны туппат буолан билбэппин. Кэнники массыына ылан биэрдим. Мин бэлэх оҥорорбун эрэ билэбин.

— Оҕолооххут?

— Биир кыыстаахпыт. Кэнники кэмҥэ үксүн эбэтигэр сылдьар.

— Кэргэниҥ бэйэлэрэ эрэ сылдьалларыгар, эн кыһын кэлэн бараргар үөрэннэҕэ.

— Оттон мин быйыл ыһыахха сылдьаары анаан кэлбиппин билэр ээ. Кыһын эппитим. Тоҕо эрэ кыыһырар курдук, үксүн саҥата суох сылдьар, санаата олох атыҥҥа курдук. Төбөм иһэ биир кэм өрө күүрэ сылдьар. Ардыгар дьиэм аанын арыйан киирэрбэр бэйэм дэлби эстиэх курдукпун.

— Баҕар, киһилээх буолаарай?

— Суох, суох. Киһини чугаһаппат, оннооҕор бииргэ сытар курдукпут да, ыалдьабын диэн таптаппат да буолла. Аны олус күнүүһүт. Хас биирдии түлүпүөнү кэтиир.

— Оо, оттон таптыыр киһи күнүүһүт буолар дииллэр дии.

— Сымыйа эбит. Таптыыра буоллар биирдэ эмит сымныа этэ. Сылтан сыл аайы кытаатан, тымныйан иһэр.

— Тыый, ол аата эн бэҋэҥ хаһан эрэ сыыһа хаамтаҕыҥ.

— Суох, ол чааһыгар дьэ ырааспын.

— Оччоҕо бэҋэтигэр туох эрэ кистэлэҥ баар, эн бэйэҥ курдук кыайан эппэт, саарыыр эбит. Сэмээр кэтээн көрүөххүн сөп эбит. Тоойуом, көҕүскүн кэҥэтэн наллаан толкуйдаа уонна ылбычча, тиэтэйбиччэ түмүгү оҥорума. Ыһыахтаа, ыһыах күнүгэр алгыста ылын. Ыһыах алгыһа дьону ыраастыыр.

Аввакум өссө да кэпсэтиэн баҕардар, дьахтар олорор аадырыһыгар тиийэн кэллилэр.

Киэһэ дьиэтигэр чэйдии олорон:

— Муся, ыһыахха киирэрбитигэр тугу астанабыт?

— Оттон эн билэҕин, бэрэски эҥин маҕаһыыҥҥа атыыланар дии. Онтон ылаар ээ,- диэн баран эмиэ түлүпүөнүн хасыһан барда.

Аввакум саҥарыах курдук буолан иһэн тохтоото. Чэ, бу аата туох да аанньа кэпсэтии буолбат буолла диэн хомунан массыынатыгар таҕыста. Били,  такситыгар олорбут София Алексеевна эппитин ырыта саныы олордо. Кэргэнэ Муся ыһыахтыыр санаата суох курдук, таҥас-сап бэлэмнэммэт буолла быһыылаах. Бээ, өссө ыйытан көрүөххэ, сарсыҥҥы күммүтүн былааннаныахха.  Дьиэтин аанын  арыйаат, Мусята үөрбүт-көппүт саҥатын истэн, соһуҋан, аанын модьоҕотун ситэ атыллаабакка турда:

— Ванюша, ыһыахха киирэ сылдьыахха. Онтон алгыс кэнниттэн иккиэн барыахпыт, били мин эйиэхэ эппит сирбэр.

Аввакум икки чабырҕаҋа кэйиэлээтэ, илиитэ салҕалас буолла, саба батыччахтаан тиийэн түлүпүөнү былдьыах курдук санаата уонна тоҕо эрэ, аанын оргууҋ сабан кэбистэ. Өссө кинилэр алгыс ылар эбиттэр! Көр да маны! Бу ньуолбарын көр эрэ! Ванюша диэн эттэҕэ минньигэһин көр эрэ! Өссө кинилэр сирдээх эбиттэр дии! Көр да маны! Сорох тиритэ-хорута үлэлээ да үлэлээ, оттон кинилэр күүлэҋ тэбиэхтээх үһүлэр! Дьэ, мин көрдөрүөм! Аввакум эмиэ аанын тутааҕын харбаата, онтон өҋ ылбыттыы массыынатын диэки хаамта. Бээ-бээ, холкутуйуохха, тугуй ити ээ?! Бэйэлээх бэйэм оҋоҕум киһилээх  дуу? Хайыыбыный ээ, саатар, София Алексеевна түлүпүөнүн нүөмэрин ылбатахпын, кимниин да сүбэлэһэр киһитэ суохпун диэн  кыһыйа-абара олордо. Табаарыс уолаттарын сыымайдаан көрдө да, сүбэлэтиэн, кэпсиэн да кыбыһынна. Дьиэтигэр тугу да истибэтэх-билбэтэх буолан киирэргэ быһаарынна.

— Муся, сарсын кыыспытын эбэтиттэн ылыахпыт, бары бииргэ сылдьыахпыт. Мин билигин алаадьылаан сырдьыгынатыам.

Муся саҥата суох истэн кэбистэ, хортуоска хахтаан барда. Эмиэ да тугу эрэ этиэх курдук, эмиэ да кыыһырбыт курдук. Сотору дьиэ иһин  алаадьы минньигэс сыта тунуйда, иһиккэ толору ыһаары, чааскыга үүттээх хойуу чэй кутуллан төгүрүк остуол тула олордулар. Туораттан көрдөххө хаһан даҕаны, ким даҕаны кыыһыра сылдьыбатаҕын курдук иэйии олохсуйбут диэх курдук. Аввакум ыһыах күнүн олус күүппүтүн кэпсиир, сотору-сотору Мусятын диэки ыйыппыттыы көрөр.

Киэһэ Аввакум кэргэнин түлүпүөнүн сыттыгын анныттан ылан арыйан көрүөн баҕарда, тарбаҕа сөп түбэспэт буолан арыллыбата. Хайыай, бэйэтин быһыытыттан эмиэ да кыбыста санаат, түлүпүөнү бэрт түргэнник оннугар уган кэбистэ. Уонна түҥнэри хайыһан утуйбута буолан кубулунна. Муся сыаналаах духуутун сыта билиннэ, суп-суугунас түүҥҥү таҥаһа долгуҋбут тэтиҥи санатан суорҕан анныгар киирдэ. Нап-нарын, сып-сылаас тыын Аввакум көхсүгэр баар чуумпуну көтүтэн кэбистэ, хахай хаана уһуктан дьахтарын диэки хайыһа түстэ да, синньигэс биилиттэн аллара диэки харбыаласта. Муся бэрт сылбырҕатык ойон турда, сыттыгын ыларыгар түлүпүөнэ сиргэ түстэ. Аны Аввакум оҋон турда, түлүпүөнү бастакынан харбаан ылла:

— Кимий?! Тугуй?! Эрий чэ, субуоннаа! Киһи көхсүгэр быһаарса сылдьыма! Эт диибин!- Муся соһуҋан икки хараҕа уһулу оҋон тахсыахтыы кэҥээтэ. Хаһан да киһитэ бу курдугун көрө илигэ. Сыттыгын туппутунан кыыһын хоһугар киирэн хаалла. Аввакум бэйэтин кыатамматаҕыттан өрө уһуутаата. Туох буолан быһа ньимийбит дьахтарый? Саатар этиһиэ, ыһыытыа-хаһыытыа эбит, бэйэбин маныыр курдук, туох кистэлэҥин иҥэринэ сылдьар буоллаҕай диэн Аввакум утуйар уута көттө. Сарсыарданан нуктаан баран уһуктубута, аһыыр остуолга саппыыска сытар: «Мин кылааһынньык кыргыттарбын кытта ыһыахтыам. Эн кыыскын ылаар, киэһэ сэттэ чааска дьиэбитигэр көрсүөхпүт.» Ити баар! Массыынатын суола сойбут. Аввакум кыыһыгар эрийдэ, хата, барыта бэлэм эбит.

— ….Вероника аҕатын көрсөөрү утары сүүрэн таҕыста. Уу-чукучук, чыычаах оҕотунуу чубугураан, кынатынан сапсынардыы тэлибирээн күндүчээн киһичээн! Аввакум уон биэстээх кыысчаанын өрүү кып-кырачаан оҕолуу таптыыр. Кыыс кэнниттэн эбэтэ таҕыста, уолун ыҥырардыы далбаатанна. Аввакум тахсан ийэтин иэдэһиттэн сыллаата:

— Иҋээ, ыксыыбын. Сарсын налыччы кэлэ сылдьыахпыт.

— Дьэ, наар ыксаан биэрэҕин. Оттон били дьахтарбыт?!-Аввакум ийэтин куолаһыттан дьигис гына түстэ, ийэтэ Мусяны биирдэ хаҕыс тылынан саҥарбытын өҋдөөбөт. Тугу эрэ сэрэйдэҕэ дуу?

— Ийээ, сарсын күүтээр,- диэт массыынатын эрийэ тутта.

Аввакум бүгүн төһө да кыыһынан аралдьыйа сатаабытын иһин күнэ олус уһаата, тэнийдэ. Биир кэм дьон быыһыгар кэргэнин көрө сатыыр. Тулуйа сатаан баран, Муся дьүөгэтигэр Вассаҕа эриҋбитигэр:

— Привет, Аввакум. Суооох, бүгүн көрсүбэппит ээ.

— Ээ, сөп. Мин алҕаһаатым,- Аввакуму ситэ саҥардыбакка Васса:

— Тыый, баччааҥҥа дылы билбэккин?

— Тугу?

— Эдэр баар. Хата, биһиэхэ кэл. Миэхэ икки пара баар, мин соҕотохпун. Эн Мусяҥ биһигинниин бииргэлэспэт буолбута ыраатта. Саатар ону билээхтээбэккин. Киниэхэ эдэрдэр наадалар.

— Бээ, тугу-тугу саҥаран бардыҥ? Сымыйалыыгын!

— Оччоҕуна ити көмүскүүр хотунуҥ ханна баарыҋ? Эйигин эрбэҕин тула эргитэрин билбэккэ дылы!

Аввакум икки хараҕа көстүбэт буолуор диэри кыыһырда, ыгылынна. Эмиэ телефона тыаһаата, бассаапка Васса хаартыска ыыппытын көрөн айаҕын атта. Арай көрдөҕүнэ Мусята, кини Мусята биир киһини  икки санныттан, бу үҥкүүлээн барыахтыы, туппут. Эр киһи кэннинэн турар, онон сирэйэ-хараҕа көстүбэт, туттан турарыттан уонна этин-сиинин олоруутуттан көрдөххө эдэр быһыылаах. Аввакум кыыһа өҥөс гынан көрөөт:

-Паапа, бу маама дии. Ханна баарый? Хаһан аһыыбыт? Бу кимий?-диэн ууга- уокка түһэрдэ. Аввакум түбэһиэх:

— Вероника, бу дядяҥ,- диэбититтэн бэйэтэ соһуҋда.

Оттон бэйэтин санаата олох атыҥҥа, бу кини буолбатах, букатын атын киһи этитэр, кининэн атын киһи салайар курдук.

Сибилигин тиийэн Мусятын сахсыйыах да курдук буолла. Кыыспын эбэтигэр төттөрү илдьэр эбиппин уонна тугу барытын быраҕан туран иккиэннэрин булуохпун наада диэн кытаанахтык сананна!

…. Ханнык сири эппитэ буолла, хантан билиэхпин сөбүҋ диэн толкуйдуу түһэн баран, түлүпүөҥҥэ эмиэ Васса нүөмэрин баттаата:

— Аввакумчик, кэлэҕин? Түргэнник кэл, биһиги түһүлгэҕэ киэһэ биирдэ киирэбит.

— Оттон алгыска тоҕо сылдьыбатыгыт?

— Ээ, онно таҥныахха эҥин наада. Мин уһуннук тулуйан олорбоппун, оннук-маннык айыы эҥин диэни билиммэппин. Чэ, кэл, кэмсиниэҥ суоҕа.

— Васса, онон-манан кииримэ-тахсыма. Муся билигин ханна баарын билэҕин?

— Кэллэххинэ биирдэ этиэм. Муся диэмэ, Мусялаах диэ.

— Чэ, бэйэҥ да сөп буолан олорор эбиккин. Сынньан,- диэт түлүпүөнүн араарда. Дьэ, туман быыһыгар муммут киһилии иннин-кэннин быһаарыммакка уруулун тутан олордо. Эмискэ Надя диэн дьүөгэлээх этэ, үнүр тугу эрэ кэпсэтэр этилэр диэн өҋүгэр кылам гынна. Эмиэ Вассаҕа эрийдэ:

— Хайа, кэлэн иһэҕин дуо?

— Сотору барыам. Дьоҥҥун ыытыма, бары кэпсэтиэ, аралдьыйыа этибит. Надяҕыт нүөмэрэ наада буолла, кыыспын илдьиэм,- диэн албынныырыгар тиийдэ.

Васса бэрт түргэнник нүөмэри ыытта. Хата, Надя түһүлгэҕэ Мусяны көрсүбүт, быраатыгар дьиэ куортамнаабыттарын эппит эбит.  Дьиэ диэнтэн Аввакум соһуҋдар да, аадырыһы умнубутун, Муся түлүпүөнэ эппиэттээбэт диэбитигэр, Надя кини умнуганын күлүү гына-гына, бэрт кэбэҕэстик этэн биэрдэ. Аввакум этиллибит дьиэ иннигэр массыынатын тохтотто. Ис иһиттэн сүрэҕэ күүскэ тибиргээтэ, илиитэ салыбыраан ылла. Хараҕар бассаап хаартыската элэҥниир, күнүү диэннэрэ маннык буоллаҕа. Туох да куһаҕаны оҥорбокко быһаарсыбыт киһи диэн таҥараттан, билэр-билбэт айыыларыттан көрдөһө-көрдөһө иккис этээскэ тахсан субунуоктаата. Ааны Муся арыйда, эрин көрөөт сүрэҕин тутта түстэ. Аввакум туох да саҥата суох хоһу өҥөҋдө, ваннаны, туалеты өҥөҋөн көрдө, куукунаҕа киирэн:

— Дьиэлээх хотун, аскын тардан кэбис! Ыһыах күнэ буолбатаҕа буоллар…- ситэ саҥарбакка сүр күүскэ хабырынна, сутуругун туттан баран өҋдөммүттүү:

— Кыыстаах этиҥ дии, хайдах иитээри сылдьаҕын?!- эмискэ баргыытаан тоҕу барда. Муся хараҕын уута быыстала суох сүүрэр, санна титириир, саҥата суох ытаан сыҥыргыыр. Бу маны көрөн Аввакум аны аһынарыттан сүрэҕэ ытырбахтаан барда. Бу олордохторуна аан аһыллар тыаһа иһилиннэ, олус ыраас сэбэрэлээх эдэр киһи киирэн кэллэ. Муся сирэйин-хараҕын көрөөт:

— Ийээ, туох буоллуҥ? Туохтан? Эн кимҥиний?

Аввакум соһуйан, айаҕын аппытынан олорбут сиригэр хамсаабаттыы хам хатанан олордо. Онтон нэһиилэ:

— Ким эмит миэхэ тугун-ханныгын быһаарар дуо? Муся, уоскуй, киһи өҋдүүр гына быһаар эрэ.

Эдэр киһи Аввакумҥа илиитин уунан билистэ:

— Иван диэммин,- дьоһуннук туттан олоппоско олордо-Мин быһааран көрүүм. Өҋдүүгүн эрэ, суох эрэ… Иҋэбин 17 саастааҕар биир киһи олус баламаттык атаҕастаабыт. Ийэм барахсан, тулаайах кыысчаан көмүскэнэ сатаабыт да, кыайбатах. Ол түмүгэр мин үөскээбиппин. Билигин тыыннааҕа буоллар, ол муус сүрэхтээҕи кытта аахсарбын кэрэйиэм суох этэ. Анараа дойдуга айаннаабыт буолан быыһанна. Иҋэм сааттан-сууттан миигин балыыһаҕа хаалларбыт, тоҕус уонус сыллар саҥаларын бэҋэҥ да өҋдүүрүҥ буолуо. Ити айылаах кэнниттэн ийэм хантан күүстэнэн ыал буолбутун, оҕо төрөппүтүн сөҕөбүн эрэ. Эн тускунан кэпсээбитэ, ийэм сырдык олоххо олорор дьолго тиксибитигэр махтанабын. Мин билигин үрдүк үөрэхтээх геологпын. Ийэбин мэлдьи көрдүүрүм, оттон ийэм эмиэ көрдүүр эбит. Оннук түгэҥҥэ, соһуччу, бииргэ көрсө түспүппүт. Күн аайы эйиэхэ уонна балтыбар этиэх буолара да, кыаллыбакка сылдьыбыта, ону, баһаалыста, кыахтаах эрэ буолларгын бырастыы гын.

Аввакум аһыныгас бэйэтэ күөмэйигэр хомуок туран хаалбыт курдук, куолаһа олорон хаалбыт, салыбырас илиитинэн Мусятын санныттан кууста:

— Оо, барахсаным сыыһа, туох ааттаах ыарахан сүгэһэри илдьэ сылдьыбытыҥ буолла? Хараҕа суох, дууһата суох эргин бырастыы гын дуу… Ол иһин кэнники сылларга олох биллэрдик уларыйбыт эбиккин дии.

Муся ытамньыйа-ытамньыйа:

— Мин эйигин сүтэриэхпин баҕарбатаҕым… Икки сыллааҕыта Васса эн шарфиккын миэхэ көрдөрбүтэ уонна эн киниэхэ сылдьан умнубуккун күлэ-күлэ кэпсээбитэ. Эйиэхэ бэйэҕэр эрэ биэриэх буолбута… Мин эйигин таҥнарбыт, миигиттэн барар буолбут диэн күнүүһүт дьахтарга кубулуйбутум. Уонна оҕобун булбутум туһунан кэпсиир кыаҕым суох этэ. Билигин эн миигиттэн сиргэниэҥ… Сымыйаччы дьахтар да диэн туруоҥ. Бэйэҥ көҥүлүҥ. Оттон мин эн иннигэр ырааспын,- эмиэ ытаан бараахтаата.

Аввакум ол шарфигын өҋдүү сатаата, онтон эмискэ, хаһан эрэ Надя «Зодиак» кулууптан эрийбитин өҋдөөтө:

— Привет. Васса кулууптан барымаары аҕыс айдаан. Таксига да кыайан киллэриэм суох. Эйигин сүүрэ сылдьар буоллаҕына кэллин диир.

Аккаастана сатаан баран, Мусятын бииргэ үөрэммиттэрэ эрэ диэн барбыта уонна барбытын кэмсиммитэ. Васса саҥата-иҥэтэ дьахтар киһиэхэ сөбө суох быдьара. Онно кини шарфига олбоххо сытарын ылан илиитигэр эрийэн оонньуу олорорун аахайбатаҕа. Көр, ол кып-кыра түгэн ыал олоҕун хайдахтаах ыарыылаахтык аймаан ааспытый?! Дьэ, дьахтар түгэхтээх, кыыбаҕалаах кубулҕата итинник буоллаҕа.

Аввакум итини уонна бүгүҥҥү түгэни ымпыгар-чымпыгар тиийэ барытын кэпсээтэ. Муся истэ олорон хараҕа эмиэ да сырдыы, эмиэ да уунан туола олороохтоото. Аввакум ыал аҕата буоларынан киэн туттубуттуу:

— Ыһыах алгыһын бэлэҕинэн сиппит-хоппут уол оҕом Уҋбаанчыгым буоллуҥ. Мин кыыспын эбэтиттэн аҕалыам, ийэбитигэр барытын быһаарыам. Ыһыах алаадьылаах саламаатын бары бииргэ сиэхпит. Уҋбаанчык, ийэбит барахсан сүрэҕин аалбыт араас санааттан ыраастатыах. Сахабыт сирин кэрэ миэстэлэринэн сынньана айанныахпыт. Эн сирин тал, төрдүөн бары бииргэ барыахпыт. Мантан инньэ эн биһиэхэ улахан оҕоҕун, доҕоор,- Аввакум чугас доҕор буолбутун биллэрэн Уйбаанчыгын санныттан кууһан ылла.

— [ ] Ыһыах алгыһын ылыныы ыраас суолу хаалларарын биир дьиэ кэргэн бу курдук биллэҕэ. Аввакум олох билбэт София Алексеевната симик эрээри сэргэх, ылыннарыылаах куолаһыгар махтал санаалаах массыынатын уруулун олус эрэллээхтик ыга тутта, үөрбүттүү саҥа аллайда уоннна өрө көтүөх иэҋиинэн асфальт устун айанната турда.

Сэгэлдьийэ Чээлэй,  2021 с, атырдьах ыйа

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0