Улуу Кыайыы 75 сылынан Таатта улууһун дьаһалтата, уоттаах сэриигэ сураҕа суох сүппүт буойуттары үйэтитиигэ, өйдөбүнньүк бэлиэни бырайыактааһын күөн күрэһин биллэрдэ.
Улуус киинигэр, Ытык Күөлгэ, Кыайыы болуоссатыгар 1941-1945 сс. Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр сураҕа суох сүппүт буойуттары үйэтитиигэ норуот үбүнэн өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруллар. Биллэриллибит күрэскэ ким баҕалаах кыттар.
Өйдөбүнньүк бэлиэ ис хоһооно — төрөөбүт алаастарыгар оттуу-мастыы сылдьыбыт төһүү, хоодуот дьоммут, ыал буолан олох олорон испит эдэркээн аҕаларбыт, тапталлаах эһээлэрбит, бас-көс салайааччыларбыт, хорсуннук сэриилэспит, сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүт, тапталлаах дойдуларыгар, күндү дьонноругар эргиллибэтэх, ханна өлбүттэрэ, көмүллүбүттэрэ да биллибэт дьоммут ааттарын үйэтитии, кинилэр куттара уоскулаҥы булар бэлиэлэрин оҥоруу.
Үлэни сыаналыыр ирдэбиллэр: тиэмэни арыйыы, бырайыак уратыта, болҕомтону тардара, харахха быраҕыллара. Кыайыы болуоссатыгар баар эбийиэктэргэ сөп түбэһиитэ. Бырайыак олоххо киирэр кыаҕа.
Күрэс түмүгүнэн хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук туттарыллар. Кыайыылаахха — 10 000 солк. уонна кини аата өйдөбүнньүк бэлиэҕэ ааптар быһыытынан суруллар.
Түмүгү анал хамыыһыйа таһаарар.
Сэргээбиттэр 89148219856 нүөмэргэ эрийэн, муус устар 17 күнүгэр диэри кыттаргытын биллэрэҕит.
Күрэс биир эрэ туурунан барар.
Кыттааччы үлэтэ кумааҕынан уонна электроннай барыйаана ирдэнэр. Үлэ электроннай барыйаана хамыыһыйаҕа хаалар. taattaprom@mail.ru
Түмүк муус устар 20 күнүгэр тахсар. Тэхиньиичэсэй сорудаҕы сайаапкаламмыттар ылаллар.