Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Омероглу: “Сибээспитин быспакка”

Ааптар: 
24.09.2022
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сирэ автономияны ылыммыта 100 сылыгар анаан Турцияҕа “Кардеш калемлер” (“Доҕордуу суруйааччылар”) сурунаалга анал нүөмэринэн саха литературата туроктыы тылбаастанан тахсыбыта. Сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, прозаик Йакуп Омероглу “Саха сирэ” хаһыакка ыалдьыттыыр.

– Йакупбей, 2006 сыллаахха Евразиятааҕы суруйааччылар сойуустарын тэрийэн тураҕын. 2007 сылтан “Кардеш калемлер”, сахалыы тылбааһынан “Доҕордуу суруйааччылар”, сурунаал тахсыбыта. Бу Евразия дойдуларыгар тахсар соҕотох норуоттар икки ардыларынааҕы сурунаал буолар.

– Евразиятааҕы суруйааччылар сойуустарын 2006 сыллаахха тэрийбиппит. Оччолорго мин Турция суруйааччыларын сойууһун салайа олорбутум. Евразияҕа киирсэр бары дойдулары уонна бу дойдулар суруйааччыларын сойуустарын кытары үлэлэһэр, литератураларбытын, култуурабытын хардарыта билсэ олорорбутугар норуоттар икки ардыларынааҕы туспа Сойуус наада диэн тэриммиппит. Билигин Арассыыйаны, Украинаны, Илиҥҥи Европа дойдуларын, түүр, араб тыллаах дойдулары кытары үлэлэһэ олоробут.

Евразияҕа олорор түүр тыллаах норуоттарбытын кытары алтыһарбытыгар сүрүн далаһабыт буоллун диэн 2007 сыллаахха сурунаал таһааран барбыппыт. Сурунаалбыт быйыл тахсыбыта 16 сыл буолла. Манна классик суруйааччылартан саҕалаан саҥа суруйан эрэр эдэр ааптардар айымньыларыгар тиийэ бэчээт­тиибит. Литература бары жанрыгар үлэлэһэ сатыыбыт. Хоһооннору, кэпсээннэри таһынан литератураҕа, култуураҕа сыһыаннаах ыстаты­йалары, эсселары таһаарабыт. Литература сурунаала бу ааптарга туспа кинигэнэн тахсарга бэлэмнэнии курдук буолар. Ааптардар бэйэлэрин айымньыларын сурунаал нөҥүө ааҕааччы киэҥ араҥатыгар билсиһиннэрэл­лэр. Сурунаалбыт Турцияҕа эрэ буолбакка чугас баар дойдуларга, суруйааччылар сойуустарыгар эмиэ тарҕанар. Онон ыаллыы олорор дойдуларбыт ааҕааччылара биһиги сурунаалбытын эмиэ ааҕаллар.

Дойдулар икки ардыларынааҕы сыһыаммыт сайдарыгар литература, литература сурунааллара улахан суолталаахтар дии саныыбын. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар анаан атыр­дьах ыйынааҕы нүөмэрбитин саха литературатыгар анаатыбыт. Сурунаалга саха классик суру­йааччыларыттан саҕалаан билигин айа-тута сылдьар ааптардар айымньылара киирдэ, ону таһынан саха култууратын сырдатар ыстатыйалар таҕыстылар. Түгэнинэн туһанан, Аграфена, эйиэхэ тус бэйэҕэр уонна Саха сирин суруйааччыларын со­­йууһугар, бэрэссэдээтэл, народнай поэт Наталья Харлампьеваҕа, Турцияттан саха тылын үөрэппит, филологическай наука дуок­тара Үмит Шаһиҥҥа махталбын тиэрдэбин. Үлэбит манан эрэ түмүктэммэккэ салгыы өссө сайдан баран иһиэҕэр эрэнэбин.

– Махтанабын, Йакупбей. Саха литературата Турция курдук баай историялаах дойдуга, буолаары буолан сурунаал туспа нүөмэрин быһыытынан тахсара, биһиэхэ улахан эппиэтинэс. Бу сурунаал 2007 сыллаахха тахсыбыт бастакы нүөмэрин тутан олоробун. Манна биһиги Былатыан Ойуунускайбыт бэчээттэнэн тахсыбыт.

– “Кардеш калемлер” сурунаал бастакы нүөмэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоспут, бөдөҥ политическэй деятель, суруйааччы Платон Ойуунускай бэчээттэнэн тахсыбыта. Билэргит курдук, 1993 сыллаахха ЮНЕСКО Платон Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылын Францияҕа Парижка бэлиэтээн турар, 2005 сыллаахха Олоҥхо ЮНЕСКО нэһилиэс­тибэтин быһыытынан билиниллибитэ. Оттон 2007 сыллаахха Ойуунускай “Ньургун Боотурун” араас тылынан тылбаастаан таһаа­рарга ЮНЕСКО эмиэ дьаһал таһаарбыта. Ол чэрчитинэн, Платон Алексеевичка аналлаах тэрээһиннэр Турцияҕа эмиэ буолуталаабыттара. Кини олоҕун, айар үлэтин үөрэтэн, ааҕан баран, тус бэйэм наһаа долгуйбутум. Саха сирэ туспа автономияны ылыныытыгар, норуот тылын-өһүн, култууратын, литературатын сайыннарарыгар, ону ааһан бүтүн түүр тыллаах омуктар историяларыгар кини киллэрбит кылаата сүҥкэн. Ол иһин бастакы нүөмэр­битигэр кини туһунан суруйуох­путун, турок ааҕааччыларыгар билсиһиннэриэхпитин баҕарбыппыт. Манна Турцияттан поэт Али Акбаш, Саха сириттэн тюрколог учуонай Иван Васильев-Дьаргыстай үлэлэспиттэрэ.

– 2020 сыллаахха Евразия суруйааччыларын сойууһун тэрийиитинэн Платон Ойуунускай туһунан Турцияҕа документальнай киинэ тахсыбыта. Бу киинэ тахсыытыгар бэйэҥ эмиэ үлэлэһэн тураҕын. Эйигин Саха сирэ бу киинэнэн үксүн билэр. Бэйэҕин ааҕааччыларбытыгар билсиһиннэр эрэ.

– Мин Каракочаш диэн Турция Чанкыры провинциятыгар баар дэриэбинэҕэ төрөөбүтүм. Манна начаалынай оскуоланы бүтэрэн баран, педагогичес­кай орто оскуолаҕа үөрэммитим. Салгыы Анкара университетыгар туттарсан киирбитим. Манна Медицина институтугар докторскай үлэбин көмүскээбитим. Үлэбин көмүскэнэн баран Юзюнджу Йыл университетыгар учууталлаабытым. Түүр тыллаах өрөспүүбүлүкэлэри кытары сибээс миниистирин аппаратыгар, Турция, Казахстан университеттарыгар, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлээбитим. 2004 сыллаахха Турция суруйааччыларын сойууһун генеральнай бэрэсидьиэнинэн анаммытым. Онтон 2006 сыллаахха Евразия суруйааччыларын сойууһун тэрий­биппит.

Киһи литератураҕа араас­таан киирэр эбит. Дьиҥэр, мин бастаан хоһоон суруйар этим. Бу кэлин прозаҕа ылсан үлэлиибин. Бастакы кинигэм 90-с сыллардаахха тахсыбыта. Айымньыларым азербайджанныы, казахтыы, крым-татаардыы, кыргызтыы, узбектыы, нууччалыы, о.д.а. тылларга тылбаастанан тахсыбыттара. Поэзия кэнниттэн өр кэмҥэ эссе суруйуутунан дьарыктана сылдьыбытым. Ол суруйа сылдьан киһи олорор олоҕун, норуот кыһалҕатын кэпсээн жанрынан олус үчүгэйдик арыйан суруйуохха сөп эбит диэн проза кыра жанырдарыгар ылсыбытым. Кэпсээннэрбэр үксүн уус-уран ымпыктары туттан суруйа сатыыбын. Ааҕааччы кэпсээни утарынан, баары баарынан ылыныа суохтаах, айымньыны ааҕан баран толкуйдуохтаах, сорох өрүттэрин бэйэтэ ырыҥалаан, толкуйдаан таһаарыахтаах дии саныыбын. Илиҥҥи цивилизацияҕа илин диэн кистэлэҥ диэн өйдөбүл баар. Ол иһин кэпсээннэрбэр саспыт кистэлэҥи ааҕаач­чым бэйэтэ булан ылыан баҕарабын.

Сүрүн үлэм таһынан телевидениеҕэ, радиоҕа култуура, искусство туһунан биэриилэри ыытабын. Ити үөһээ ааттаабыт Платон Ойуунускай туһунан документальнай киинэ эмиэ бу бырайыактар чэрчилэринэн уһуллубута. Манна тюрколог, профессор Фатих Киришчиоглу, поэт Али Акбаш, саха тылын чинчийбит, үөрэппит, Саха сиригэр тиийэн олоро сылдьыбыт Үмит Шаһин уонна Хасан Хайырсевер үлэлээбиттэрэ. Биэриилэрбитигэр литература, искусство, култуура, наука хайысхатыгар бэйэтин кылаатын киллэрбит дьону кытары кэпсэтэбит, билиҥҥи кэмҥэ турар сытыы боппуруостары ырытабыт, кэпсэтии таһаарабыт. Ону таһынан бэлиэ дааталарынан анал биэриилэри оҥоробут. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар анаан икки биэриини ыыттыбыт.

– Йакуп-бей, култуура, литература эйгэтигэр үлэлээбитиҥ ыраатта. Турция литературатыгар уус-уран тылбаас, кириитикэ суолтата туохханый?

– Мин уус-уран тылбаа­һы физикаҕа баар икки тэҥ уулаах иһиттэр теорияларыгар ханыылыы тутабын. Биир иһит толору буоллаҕына иккиһэ эмиэ толору буолуохтаах. Икки иһит уулара аҕыйыа суохтаахтар. Төһөнөн тылбаасчыт үчүгэй да, соччонон иккис иһит бастакы иһит курдук тэҥҥэ туолан иһиэхтээх. Урукку өттүгэр литературалар икки ардыларынааҕы тылбаастар француз тылын нөҥүө бараллар эбит буоллаҕына, билигин тыллар икки ардыларыгар тута тылбаас кэмэ кэллэ уонна өссө таһыма үрдээн иһиэхтээх. Ити биирэ. Аны иккиһинэн, литература ырыынагар балысхан элбэх кинигэ, тылбаас араас эйгэнэн барытынан тахсар. Ол эрээри барыларын үчүгэй хаачыс­тыбалаахтык тахсаллар диэн этэр кыаҕым суох. Билигин биһиги саҥа литература олохсу­йар кэмигэр олоробут. Аан дойду да литературата уларыйда, онуо­ха хас биирдии омук, норуот бэйэтин литературатын, үгэһин, тылын-өһүн чөл хаалларара ол саамай сүрүнэ.

Уус-уран кириитикэ туһунан эттэххэ, ханна да буоларын курдук, биһиги да литературабытыгар олус кыһалҕалаах боппу­руоспут. Литературоведтар бэйэлэрин сөбүлүүр суруйааччыларын өрө таһааралларыгар эрэ суру­йар буоллулар. Эбэтэр сөбүлээбэт суруйааччыларын, кинигэ таһаарааччылары эрэ хоруотаан суру­йаллар. Уус-уран кириитикэ литератураны байытыахтаах, сайыннарыахтаах этэ. Ол билигин суоҕун кэриэтэ буолла.

– Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха сирэ судаарыстыбаннас күнүн бэлиэтиир. “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ.

– Биһиги уруулуу түүр тыл­лаах омуктар буоламмыт уруккуттан уруурҕаһабыт. Уһуннук көрсүбэтэх, ыраах олорор аймахтаргын хайдах-туох олордулар буолла диэн куруутун ахта-саныы сылдьаҕын. Ол кэриэтэ Саха сирин дьонун биһиги өрүүтүн саныыбыт, саха култууратын, литературатын сонуннарын кэтэһэбит. Бу Саха сирин 100 сылыгар анаан таһаарбыт анал нүөмэрбит икки доҕордоһор норуот сибээстэрэ сайдарыгар далаһа буолуоҕа дии саныыбын. Итинник диэн туран, биир үйэлээх историяҕытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиэхпин баҕарабын. Биир үйэ диэн улахан ситиһии. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, кини историята, култуурата, тыла-өһө билиҥҥэ диэри сайдан кэлбитэ эһиэхэ уонна Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, бүтүн түүр тыллаах судаарыстыбаларга улахан суолталаах. Норуот тылынан, култууратынан, үгэһинэн, историятынан баай. Салгыы да бу курдук сайдан саха тыла, саха литературата аан дойдуга аатыра турдун!

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0