Өйүмү

Ааптар: 
02.04.2018
Бөлөххө киир:

Кыһыннары тоҥмот Өйүмү диэн үрэх ураты кэрэ айылҕалаах хоту дойду биир улууһугар баар. Бу үтүөкэн дьонноох-сэргэлээх, кэрэ-мааны айылҕалаах дойдуга сылдьан, туора дьон олоҕун уруккуттан кэтээн көрөр буоламмын дуу, биир эмиэ ураты дьылҕалаах киһини көрсөн, кинини тоҕо эрэ Өйүмү диэн өйбүттэн сүппэт тоҥмот үрэххэ холоон дуу, суруйарга сананным.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

Тыйыс айылҕалаах дойдуга үөскээн дуу, биитэр оҕо сааһыттан тыйыс, хаҕыс сыһыаны билэ улаатан дуу, Өйүмү үрэх курдук ириэнэх, кини курдук төһө да тымныыга үөскээн улааттар, өрүү сылааһынан угуттуур истиҥ мичээрдээх кыыһы көрөн бэркэ аһыммытым. Вероника? оҕо сааһыттан тулаайах буолан? туора дьон сирэйин-хараҕын манаан улааппыта. Сырдык сэбэрэлээх, саһархайдыҥы ньаассын баттахтаах кыракый нуучча кыыһын эйэҕэс, көрсүө майгытын иһин дьон олус сөбүлүүллэрэ.

Кинини тоҕо эрэ бары Вера диэн ыҥыраллара. Вера төрөппүттэрэ кыыс кыратыгар арахсан хаалбыттар. Ийэтэ, саха дьахтара, кыыһын бииргэ төрөөбүт балтыгар хаалларан баран, киин сиргэ көспүтэ. Оттон аҕата, Магадан нууччата, Саха сириттэн букатыннаахтык барбыта. Вера онон төрөппүт дьонун тапталын үс эрэ сааһыгар диэри билбитэ. Онтон антах ийэтин балта «ийэҥ ити кэлиэ, бу кэлиэ» диэн минньигэс тылынан албыннаан син бэркэ олорбуттара. Вера уон сааһын туолуутугар эдьиийэ ыал буолбута. Күтүөтэ, нуучча киһитэ, тоҕо эрэ Вераны атыҥырыы көрбүтэ. Дьиҥэр, кыыс нууччалыы сырдык сэбэрэтин уруурҕуу саныа эбит да, уончалаах кыыһы нэһилиэктэн тэйиччи ааһар аартык суолугар баар «чаайынайга» иһит сууйааччынан ыыппыта. Ол күнтэн кырачаан Вера олоҕо тосту уларыйбыта. Атаҕастабыл абатын, көмүскэнэр кыаҕа суоҕун уон сааһыттан билбит кыысчаан, тоҕо эрэ майгыта-сигилитэ уларыйбатаҕа. Дьоҥҥо илии-атах буолан улгумнук сүүрэр-көтөр, түргэн хамсаныылаах эйэҕэс кыысчаан биир кэм дьон соругун кэтэһэн умса көрө сылдьара. Арай кини, биир эмэ кыахтаах, үтүөкэн дьон оҕото эбитэ буоллар, төһөлөөх таалалаан улаатыа эбитэ буолла? Барахсаны уон биэс саастааҕар «чаайынай» тойонун уола, кыыстан аҕыс сыл улахан уол, кэргэн ылбыта.

Кыыс оскуолаҕа ол курдук үөрэммэккэ, ийэтэ аҕата суох буруйугар иһит сууйааччынан, ыт аһатааччынан хаалбыта. Кини эрдэ эргэ барыытын сүрүн кыһалҕата, кыыһы оҕо диэбэккэ кэлбит-барбыт итириксит дьон атаҕастаары, кыамматынан-түгэммэтинэн туһанаары гыммыттарын иһин, эдьиийин көрдөһүүтүнэн уонна киниттэн аҕыс сыл аҕа кэргэнэ, Сергей аҥаардас кыыһы эдэрин иһин сэҥээриитинэн саҕаламмыта. Кыыс дьылҕатын кинилэр быһаарбыттара. Уон биэс сааһыттан эр киһини кытта олорон барбыта. Өссө да оҕотук кыысчаан түүнүн кистээн ытыыра эрэ. Ол эрээри Вера олоххо эрэлин, дьоҥҥо истиҥ сыһыанын сүтэрбэккэ, дьоҥҥо эрэммит уулаах харахтарынан буруйдаммыттыы көрө сылдьара.

Баҕар таҥара харыстаабыта дуу, биитэр анала атына эбитэ дуу, кыысчаан хата хат буолбакка, этэҥҥэ үлэлээн-хамсаан сылдьыбыта. Дьиэлээх тойон Владимир, кини кэргэнэ Евдокия, уоллара Сергей – төрүт олохтоох нууччалар. Урут кинилэр «чаайынайдарыттан» чугас нэһилиэк баара. Ол нэһилиэктэн кэлин дьон көһүтэлээн хаалбыттар. Арай бу ыал олорбут олохторун уларыппакка, манна айан дьонун аһатар сири тэрийэн үлэлээн олорбуттара.

Вера оҕо сылдьан ыт аһатар, иһит, муоста сууйар буоллаҕына, улаатан эбээһинэһэ элбээн биэрбитэ. Евдокияҕа ас астаһарын таһынан кыыс массыыналары заправкалыыр буолбута.

Вера, төһө да төрүт бу улуус олохтооҕо буоллар, бу эҥээр нэһилиэктэри, кинилэр олохторун-дьаһахтарын билбэккэ олорбута. Арай кини ханна эрэ мантан чугас тоҥмот Өйүмү үрэх баарын истэрэ. Бу үрэх эмтээх уутун иһиэн, сирэйин суунан, олоҕор буолбут ыарахан түгэннэрин, санаатын баттыгын умнуон баҕарара. Ол эрээри хара сарсыардаттан үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө үлэлиир кыыс киэһэтин эрэ Өйүмү диэн ис хоһооно өйдөммөт тылы иһигэр сөбүлүү уонна ытыктыы саныыра. Кини хаһан эрэ бу ыраас эйгэлээх сырдык сиргэ сылдьан дууһатын муҥун кэпсиэн, айылҕа дьиктитин көрүөн саныыра. Муҥутуур тымныы чыпчаала буолбут улуу дойдуга тоҥмот Өйүмү үрэх Вера муҥнаах олоҕуттан өрүһүйүөхтээх, кинини ыраастыахтаах курдук этэ. Ол курдук бу дьикти үрэх кыыс өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥмитэ, олоҕун суолун тобулар сырдык ыллык курдук этэ.

Ааспыкка эдьиийэ кэлэн кыыһы көрсөн барбыта. «Эн, Вера, дьоллоох кыыскын, эйигин чаайынай хаһаайынын уола сөбүлээн кэргэн ылла. Атын эбитэ буоллар, ханна умса-төннө сылдьыаҥ этэй? Дьон эрэ тэпсилгэнэ буолуоҥ этэ». Ити тыллартан Вера иһигэр олус хомойбута. Кини сааһын тухары үстээҕэр өйдөөн хаалбыт истиҥ киһитин – ийэтин күүппүтэ. Таҥара биэрдэҕинэ сотору бэйэтэ ийэ буолуо дии. Оттон аҕата? Аҕата төрүкү киниэхэ кыһаммата эбитэ үһү. «Оо, арай ийэм миигин быраҕан барбатах буоллун, олоҕум атыннык салаллыа этэ» диэн кыыс үгүстүк саныыра. Ол эрээри, кини ийэтигэр тоҕо эрэ хом санаабат этэ. Кини ийэтин олус таптыыра. «Арай, ийэм барахсан төһө да дьадаҥы, кыаммат-түгэммэт буоллун, тоҕо миигин хаалларбыта буоллар. Оннооҕор буолуох иһээччи дьахталлар оҕолорун хаалларбаттар». Бу хараастыбыт санаатын хоту дойду кытара кыыһар кыһыл күнэ эрэ уоскутара. Кини олоҕор биирдэ истибит истиҥ тыла «күн» диэн этэ. Ону киниэхэ кэргэнэ Сергей эппитэ. Ол эрээри Вера истиҥ иэйиилээх сыһыаны бу киһиэхэ билбэтиттэн, тоҕо эрэ сүрэҕэ таласпакка кыһалҕаттан олорорун 17 сааһыгар өйдөөбүтэ.

Сыл-хонук. Вера сүүрбэ сааһын томточчу туолбута. Аны кыыһы хат буолбатынан сирэй-харах анньан хотуна Евдокия хомуруйар, тойоно ардыгар үөҕэр буолбуттара. Оттон кэргэнэ Сергей төрүкү саҥата-иҥэтэ суох киһи кыыһы киһи баарыгар холуйбат этэ. Арай, ааһан иһэр айан суоппардара, эдэр дьон кыыһы сэргээн көрдөхтөрүнэ-иһиттэхтэринэ, күнүүлээн кыыһы көстүбэт сиригэр күүскэ охсуолаан, тэбиэлээн атаҕастыыр идэлээҕэ. Оннук кырбаныыны, эт-тирии ыарыытын билиэҕиттэн, Вера биир да киһи сирэйин таба көрбөт буолбута. «Синим биир» диэбиттии намчы сирэйин умса көрөн, хойуу кыламаннара өрүү оһуор буолан иэдэһигэр ыйана сылдьаллара.

Биир түгэн… Биир түгэн элбэҕи быһаарар. Олорон кэлбит эдэркээн олоҕор күн тыкпытын кэриэтэ эмискэ Вера өйө-санаата сырдыкка, ыраахха таласпыта. Ол кини сүрэҕэр сөҥө сылдьыбыт истиҥ иэйии уһуктубутуттан дуу, биитэр кинини эйэҕэстик көрбүт аһыныгас харахтартан дуу, кыыс эмискэ тоҕо баран ытыан, эмиэ да күлүөн олуһун баҕарбыта. Ол маннык этэ.

Уурааннаах уһун кыһын эрдэ хараҥарар. Кыыс бэргэһэтигэр анал фонариктаах, куруук суоппардар массыыналарын заправкалыыртан соло булбат этэ. Арай, биир күн эмиэ кыайар-кыайбат икки ардынан илиитинэн заправкалаан, ыарахан тимири эрийэ сатыы турдаҕына, массыына иһигэр уот тыкпыта. Вера сырдык кэлэр сирин диэки хайыһа түспүтэ, арай массыына иһиттэн кини диэки бэрт аһыммыт истиҥ харахтар көрөн олороллоро. Суоппар аттынааҕы миэстэҕэ эдэрчи киһи олороро. Кыыс сылайбыт, санньыйбыт харахтарын көрөөт, эмискэ уол массыынаттан тахса ойбута. Туох да саҥата-иҥэтэ суох аҥаар кырыытыттан кыыска көмөлөһөн барбыта. Кини, арааһа кыыһы сахалыы билбэт дии санаан, бастаан нууччалыы туох эрэ диэбитэ. Онуоха Вера: «Мин сахалыы билэбин ээ» диэн эйэҕэстик хардарбыта. Онуоха уол: «Эн манна хаһааҥҥыттан үлэлиигин?» – диэн ыйыппыта. «Оҕо эрдэхпиттэн, мин тулаайахпын ээ, манна кэргэн тахсан ыал буолбутум…»

Бу кэпсэтэ турдахтарына, кэргэнэ Сергей тиийэн кэлбитэ. Арай кыыс үтүөкэн санаалаах уол киниэхэ көмөлөспүтүттэн долгуйан уолу сирийэн көрбүтэ. Кыаһаан сирэйдээх саха уола чахчы ис сүрэҕиттэн аһынан көмөлөһө тахсыбыт быһыылааҕа. Тоҕо эрэ эмискэ бу түгэҥҥэ кыыс кэргэнин уонна бу сэмэй саха уолун тэҥнии көрбүтэ. Вера урукку өттүгэр тэҥниирдээҕэр буолуох атын эр дьону утары көрбөтөх барахсан, тэҥнээн көрбүтүттэн, кинини манна баттаан, атаҕастаан олорор, кинини көмүскүөхтээҕэр буолуох 15 сааһыттан ойох ылбыт эр киһиэхэ сыһыана тосту уларыйбыта. Оттон аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр киниэхэ көмөлөспүт үтүөкэн саха уола хайдах эрэ олус чугас, истиҥ курдук буолбута. Бу уол кини санаатын таайар, кинини аһынар, кинини көмүскэһэр курдуга. Сергей, Вера бу эдэр киһини тонолуппакка хас хамсаныытын одуулуу турарын көрөн, кыыһы дьиэҕэ үүрбүтэ. Кыыс эргэ сарай таһыгар сөрүөстэн туран уолу ыраахтан одуулаабыта. Кэргэнэ саха уолун кытта тугу эрэ кэпсэппитэ. Хамсаныыларыттан сылыктаатахха, уол тугу эрэ өйдөөбөккө туруорсар курдук илиитин хамсата-хамсата саҥарара. Кыыс барбыт сирин диэки ыйара. «Ама, ама ити мин туспунан кэпсэтэллэрэ буолуо дуу, кэргэним кэһэтэрэ буолуо» диэн иһигэр куттана саныы-саныы дьиэҕэ киирбитэ.

Кэргэнэ саха уолунуун харчытын аахсан баран дьиэҕэ киирбитэ. Кыыһы эргилиннэри тардан баран саҥата-иҥэтэ суох сирэйгэ сырбаппыта. Сирэйгэ охсуллубут кыыс хараҕын уута халыс гыммыта. Хомойбут, ытаабыт сирэйин кистии сатыы-сатыы илиитин суунан баран, сонун устан ас астаһар сиргэ киирбитигэр, аны хотуна аста атыылаа, дьон наһаа элбэх диэн соруйбута. Кыыс күүппүт санаатыгар киниэхэ көмөлөспүт үтүөкэн уол киирэн быстыбатаҕа. Кини киирбэтэҕэ. Тоҕо киириэй, маннык кирдээх, куһаҕан сиргэ тоҕо аһаан, чэй иһэн ааһыай диэн кыыс иһигэр бэйэтиттэн кыбыста санаабыта.

Харса суоҕун киллэрэн былаатын бүрүнэн кыыс таһырдьа тахсыбыта. УАЗ-ик массыына иһигэр уот сандаарар. Ол иһигэр били көмөлөспүт саха уола дьонун кытта тиэримэстээх итии чэй иһэ олороллоро. Маны көрөн кыыс дьэ өйдөөбүтэ, кинилэр аһыыр аартыктарыгар дьон үтүөтэ сылдьыбат эбит. Уһун айан харса-хабыра суох айанньыттара, олох амтанын билбит кырдьаҕас суоппардар уонна олус ыксаабыт, эбэтэр бу эҥээри билбэт айан дьоно.

Үтүө санаалаах уолу илдьэ кэлбит массыына дьоно-сэргэтэ аһаан, чэйдэрин иһэн баран барбыттара. Оттон Вера кыһыҥҥы хараҥа киэһэ өргө диэри, ол массыына уота көстүбэт, тыаһа иһиллибэт буолуор диэри турбута.

Кини ити барбыт массыынаҕа олорсубут саха истиҥ уолун иһигэр сайыһа, аймана хаалбыта.

Арай түүн итирик дьон айдаарсар саҥаларыттан кыыс уһукта биэрдэ. Ити кэргэнэ Сергей испит. Кини арыгы истэ да куруук кэргэнин кэнэйдиир идэлээх. Кыыс таҥнан оронугар кэргэнин күүтэн олордо. Сэрэйбитин курдук, Сергей били саҥата-иҥэтэ суох бэйэтэ, үллэ кыыһыран, кыһыл сирэйэ эбии кытаран, бар бытык сирэй хоско биирдэ баар буолла. Кэнниттэн уол ийэтэ Евдокия уолун уоскута, уҕарыта сатыыр. Сергей бабыгыраабытынан ойон кэлээт кыыһы күүскэ охсуолаан барда. Быыһыгар ытыы-ытыы: «Он интересовался тобой, что ты ему говорила сволоч» дии-дии кыыһы тардыаласта. Эрэ быдьардык үөхсэрин истимээри, кыыс ыксала суохтук халыҥ былаатын бүрүнэн, сонун кэтэн таһырдьа таҕыста. Хоту дойду түүнэ уһунун. Кини ыарахан олоҕун уларытар, сырдыгы саҕар биир кыл түгэн көстөн ааспыта. Мааҕыҥҥы саха уолун аны көрсөрө биллибэт.

Өйүмү үрэҕи томороон тымныы тоҥорботун курдук, бу кыыс үтүөкэн, амарах санаатын ханнык да хаҕыс сыһыан уларыппатаҕа, алдьаппатаҕа. Кини Өйүмү тоҥмот ыраас уутунуу сырдык дууһата дьолго эрэ тардыһара.

Кыыс саҥата суох иннин хоту хаампыта. Баҕар, мантан чугас тоҥмот Өйүмү уутун булаарай, ону иһэн куттуун, дууһалыын сырдаарай… Барыта хааллын ээ, хааллын. Кинини хаалларбыт ийэтэ, аҕата, итирик кэргэнэ, истиҥник көрбүт саха уола. Бары кыыс кэннигэр хааллылар…

Өр хаамта кыһыҥҥы тымныы түүн. Арай иннигэр эмискэ массыына уота сандаарыс гынна. Суол ортотунан иһэр кыыс тохтоон таалан турда. Массыына кыыс иннигэр хорус гына тохтоото. Ону кытта массыына иһигэр били истиҥ, аһыныгас харахтар соһуйбуттуу кыыһы тобулу көрөн олороллоро.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0