«Изоляцияҕа» олорор биэнсийэлээхтэргэ харчы биэрдилэр

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн, кулун тутар 26 күнүттэн, Дьокуускайга уонна Жатай бөһүөлэгэр дьиэҕэ хааччахтанан олорор биэнсийэлээхтэргэ 2 тыһыынча солкуобайы каарталарыгар ыытан саҕалаатылар.

Бу төлөбүр бэрээдэгин Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ кылгас кэм иһигэр чопчулаата. Ил Дархан Айсен Николаев кулун тутар 25 күнүттэн 65-тэн үөһээ саастаах дьон дьиэҕэ хааччахтанан олороллорун туһунан ыйаах таһаарбыта.

Төлөбүрү Дьокуускайга уонна Жатайга олорор, 65 саастарын туолбут, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ ыыттылар. Толору судаарыстыбаннай хааччыллыыга олорор кырдьаҕастарга (интэринээт-дьиэлэргэ, хаайыыга) төлөммөт.


Манна “Аадырыстаах социальнай көмө” информационнай систиэмэ уонна Биэнсийэ пуондатын дааннайдарын туһанан, ким ылар кыахтааҕын быһаараллар. Сайаапка суруйар ирдэммэт. Көннөрү, каартаҕа харчы кэлэн түһүөхтээх.


Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ тэрилтэ салайааччылара куорат социальнай управлениетыгар үлэһит дьиэтигэр “изоляцияҕа” олорорун туһунан сибидиэнньэни киллэриэхтээхтэр, оччоҕо төлөнөр.
Төлөбүр үбүлээһинэ СӨ бырабыыталыстыбатын хаһаас (резервнэй) пуондатыттан бэриллэр. Тэрилтэ салайааччылара сибидиэнньэни хайдах биэрэллэрин туһунан информация министиэристибэ саайтыгар: mintrud.sakha.gov.ru баар.

Изоляция” эрэсиимэ бүппүтүн кэннэ, өссө 2 тыһыынча солкуобай төлөнүөхтээх. Ирдэбил быһыытынан, биэнсийэлээх дьиэтиттэн тахсан, патрулларга тутуллубатах, быраабыланы элбэхтик кэспэтэх буолуохтаах. Министиэристибэ билиҥҥитэ бу бэрээдэгин оҥоро сылдьар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0