Иза таптала

Ааптар:  Юлия Алексеева, Сунтаар
10.03.2017
Бөлөххө киир:

Изабелла Антоновна бу сарсыарда бэрт настарыанньалаах уһугунна. Сааскы күн уотугар сыламнаан, сылаас суорҕаҥҥа сууланан, туруон сүрэҕэлдьии сыппыта. Аһыыр хоско ыһаарыламмыт сымыыттаах халбаһы номнуо сойон, остуолга бэлэм турар. Кэргэнэ Гена сарсыардааҥы аһын бэлэмнээн, үлэтигэр бараары тэринэ сылдьар. Иза тэрилтэтин массыыната тиийэн кэлэ оҕуста. Итии чэйин ситэ испэккэ, таҥнан-саптан ыстанна.


Үлэ күнэ эмиэ саҕаланна. Отчуот, суот-учуот, сыыппара үөһээ сыыппара. Изабелла Антоновна кабинетыгар үс буолан үлэлииллэр. Баан үлэһиттэрэ буолан, бары биир тэҥ таҥастаахтар. Кабинеттарын киэҥ-куоҥ түннүгүнэн күн чаҕылыччы тыган, хос иһин өссө сырдатар. Бу күн Иза отчуот оҥоро олордо. Кабинеттарыгар кассир кыыс Геля киирэн эмиэ олох, таптал туһунан сэһэргэһэ олордулар. Геля 28-һа, бу сотору сыбаайбалаары сылдьар. Кини Антоновналаахха киирэн сэһэргэһэрин олус сөбүлүүр. Геля бүгүн эмиэ араас «тоҕус төгүл тоҕолорун» кута-симэ олордо. Ол иһигэр Изабеллаттан «Эн кэргэҥҥин таптыыгын дуо?» диэн санаатахха эмиэ да уустуга суох ыйытыыны биэрэн, күннээҕи түбүктэн отой туора, улахан толкуйга түһэрдэ. Иза тута, били, кэргэнин кытта иирсэр-айдаарсар түгэннэрин санаан, таптал суох диэн эппиэттээбитин Геля хомойо иһиттэ. Күн аҥаара биллибэккэ ааста. Күнүскү чэйгэ Иза дьиэтигэр соҕотох. Радио истэ-истэ чэйдии олорон, били Геля ыйытыытын эмиэ саныы биэрдэ. Чахчы да, «мин Генабын таптыыбын дуо? Бу 42 сааспар диэри таптал диэни биллим дуо?  Таптал диэн киһиэхэ араастык кэлэрэ буолуо ээ. Оттон мин олохпор таптал чахчы баар дуо?»  ити курдук эппиэтэ суох ыйытыылар Изаттан ааһан-араҕан биэрбэтилэр.

Чэй кэннэ халлаан былыттанан, аны ардаан барда. Үлэтигэр тиийэн эмиэ суот-учуот. Түннүккэ кэлэн таммалыыр таммахтар хайдах эрэ Иза дууһатыгар курдат түһэр курдуктар. Кэбис, бүгүн ханнык да отчуот тахсыа суох. Компьютерыгар хайыстаҕа буола олорон, Антоновна олорон кэлбит олоҕун анаара, ырыта олордо.

Кини баара суоҕа 16-та саастааҕар Илья диэн армияттан саҥа кэлбит уолу кытта ыал буолбута. Илья көнө майгылааҕа, үлэһит бэрдэ этэ. Иккис сылларыгар кыыс оҕоломмуттара. Эһиилигэр уолламмыттара. Сайын буоллун, кыһын буоллун мэлдьи айылҕаҕа сылдьаллара. Илья бултуурун туохтааҕар да ордороро.  Бу олорон кини Ильятын күһүҥҥү куска атаарбытын саныы биэрдэ.

Тапталлааҕын таҥаһын-сабын бэрийэн, аһын бэлэмнээн атаарбыта. Илья атастара болдьоммут кэмигэр оруобуна кэлбиттэрэ. Иза кэргэнигэр илдьэ барар малын массыынаҕа диэри илдьиспитэ. Уолаттар үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн өрүкүнэһэн, көлөлөрүн түргэн үлүгэрдик собуоттаан, көтүтэ турбуттара. Онно Иза тиэргэнигэр төннөн истэҕинэ, туох эрэ ыарахан баҕайы кини түөһүн ыга туппута. Бэйэтэ да билбэтинэн, кэннин хайыһан тоҕо эрэ массыынаны сайыспыттыы одуулаһан турбута…

Икки күн ааспыта. Кэргэнэ барыаҕыттан Иза сүгүн утуйбат, аһаабат да буолан хаалбыта. Кэлиэхтээх күнүгэр Илья суоҕа. Иза түннүктэн арахпатаҕа. Утуйбакка сытан, сарсыарданан нуктаан эрдэҕинэ, ааны тоҥсуйбуттара. Иза туох эрэ бөрүкүтэ суох сураҕы истиэҕин сэрэйэн, сүрэҕэ уолугунан ойон тахсыах айылаах сүр күүскэ битигирээбитэ. Бу күн милиция үлэһитэ кини тапталлаах кэргэнэ ууга түһэн суорума суолламмытын биллэрбитэ. Билигин Иза ол ыарахан кэмнэри хайдах тулуйбутун сатаан санаабат. Онтон ыла эдэркээн кыыс сырдыгынан сыдьаайа сылдьар бэйэтэ улам уостан, ыран, кыччаан хаалаахтаабыта. Күнүһүн туохха да наадыйбакка аат эрэ харата сүөдэҥниирэ, түүнүн ытаан муҥнанара. Үөрэр диэни умнубута ырааппыт эдэркээн ийэни, оҕолоро барахсаттар  бэттэх аҕалбыттара. Кинилэр тапталлара, кып-кырачаан илиилэринэн хам кууһаллара, бэйэлэригэр күүскэ да күүскэ тардан сыллыы-сыллыы мичилиһэллэрэ, оҕолорум тустарыгар олох олоруохтаахпын диэн санааны  иҥэрбиттэрэ.

Аҕыйах сылынан Генаны кытта ыал буолбута. Оттон Гена, Гена диэн отой туһа-туспа киһи. Ыал кыра, мааны оҕото буолан, аһыы аһы истэҕинэ Изаны олус эрэйдиир. Иһэн кэлбит күнэ кинилэргэ улахан эрэйинэн түмүктэнэр.

Иза олоҕор баар ити икки эр дьону санаан, барытын ырытан, сыаналаан көрдө. Итиэннэ Ильятыныын хас күннэрин хайдах курдук дьоллоохтук, иллээхтик атаарбыттарын, ис сүрэхтэн тыллан тахсыбыт тыллары бэйэлэригэр эрэ кистии-саба хардарыта сибигинэйбиттэрин санаан улаханнык долгуйда. «Таптал баар эбээт, баар», — диэтэ  кини оргууйдук.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0